Илэ барбыттар. Группа авторов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Илэ барбыттар - Группа авторов страница 3

Жанр:
Серия:
Издательство:
Илэ барбыттар - Группа авторов

Скачать книгу

Баттата сыттым», – диэн дэлби мөхтүм. Ону эдьиийим: «Хараҕыҥ быччайан тахсаары гыммыт курдук, биир сири тобулу көрөн баран сытар этиҥ буолбат дуо, өссө мин туох буоллаҕай диэн кэтии турбутум», – диэтэ. Онтон дьэ өйдөөн, кутталбытыттан таһырдьаны былдьастыбыт, дьиэбитигэр сүүрэн тиийэн дьоммутугар кэпсээтибит. «Аны хаһан да ити дьиэҕэ кииримэҥ» – диэн боптулар. Ол абааһы дьахталларга эрэ киирэр идэлээх эбит, түүллэригэр эмиэ көрөллөр үһү – уһун уҥуохтаах сырдык киһи диэн кэпсииллэрэ.

* * *

      Биирдэ хоско утуйа сытар дьүөгэм хаһыытыттан уһуктан кэллим. Уоту холботтордо, ол эрээри тугу да кэпсээбэтэ, уоскуйан баран, салгыы утуйдубут.

      Сарсыарда биирдэ чэйдии олорон түүлүн кэпсээтэ. Арай киирэр ааны көрө сытар үһү, онно эр киһи киирбит даҕаны, киниэхэ уун-утары сүүрэн кэлэн, илиитэ ыалдьыар диэри ыга туппут. Мин күлүү гынааччы буоллум: «Ити баар, эрдэрэ суохтарга түүнүн абааһы кэлэр үһү», – диэтим уонна бэйэм эмиэ табаарыһа суохпуттан сонньуйа быһыытыйдым.

      Нэдиэлэ курдук дьүөгэм «аанынан өҥөйбүтүн көрдүм, куукунаттан өҥөйбүтүн көрдүм» диэн кэпсээтэ уонна «түүл буолуо» диэн бэйэтэ бэйэтин уоскутунар.

      Биир түүн утуйа сытан туох эрэ тыаһыттан уһугуннум дуу, баттаттым дуу. Ол курдук түүл уонна илэ икки ардынан сыттахпына, арай аан ойоҕоһуттан хараҥаҕа киһи быгыалыыр. Мин: «Ааммытын хатаабатахпыт, – дии санаан: Итириктэр киирбиттэр!» – диэн хаһыыран эрдэхпинэ, үрдүбэр ким эрэ ыстанна. Ыйааһына ыарахана сүр. Мин утарылаһан көрдүм, таарыйдахпына – этэ-сиинэ барыта быччыҥ, кылгас соҕус сымнаҕас түүлээх, төрүт сыгынньах быһыылаах. Арай сыллыыр-ууруур, мин баттата сытабын быһыылаах диэн туора хайыстым. Түүл диэн бэйэбин уоскутуннум. Ол эрээри чахчы илэ курдук. Ол «сыллата-сыллата» утуйан хааллым. Сарсыарданан уһукта биэрбитим – өссө да үрдүбэр сытар эбит. Халлаан сырдаабытыгар көрбүтүм, этэ-сиинэ бороҥ түүлээх, сирэйин көрдөрүмээри төбөбүн илиитинэн баттыыр. Оннук мучумааннана сытан эмиэ утуйбуппун. Сарсыныгар дьүөгэм: «Баттатан аҕай биэрдиҥ», – диэтэ, мин барытын кэпсээтим уонна баттаттахпытына бэйэ-бэйэбитин уһугуннарыах буоллубут. Доҕотторбутун аҕалан хоннордубут, дьоммутугар баран хоно сырыттыбыт. Ол эрээри кэлин, атын да дьиэҕэ көһөн баран, аан нөҥүө өҥөйөн турарын нухарыйа сытан көрөр этим, «чугаһаама» диэн санаабар бардьыгыныырым. Ардыгар ороммор кэлэн олороро, хоспор хаамыталыыра. Онтон биир уолу көрсөн, ыал буолуохпут иннинэ, «түүнүн туох эрэ көхсүбүн үтүөлүүр, аантан өҥөйөр, эн үрдүгэр олорор» диэн баттатар буолбутугар ыраастаппыппыт. Ол кэннэ хата кэлин буулуу илик.

      ААННЬАЛ

      Киһини араҥаччылыы, көрө-харайа сылдьар күүс. Аанньалыҥ төрүөххүттэн аттыгар баар буолар, араас оһолтон сэрэтэр, көмүскүүр.

* * *

      Кыра эрдэхпиттэн ол-бу араас дьиктини, таайыллыбаты көрөбүн. Билигин оҕо эрдэҕинээҕим курдук куттаммаппын. Бастаан хара күлүктэри эрэ көрөрүм. Онтон сотору кэминэн ол күлүктэр илэ көстөр буолбуттара.

      Биирдэ ийэм олус улаханнык

Скачать книгу