Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ. Л. В. Иванова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ - Л. В. Иванова страница 20
Василий Яковлев Г.П. Башарин куруһуогар үөрэнэр дьылыгар Саха сиригэр улахан айдаан буолбута. Ахсынньы 10 күнүгэр 1951 сыллаахха «Правда» хаһыакка БСК (б)П Саха сиринээҕи обкомун бастакы секретара С.З. Борисов, суруйааччы А. Сурков, литературовед Л. Климович илии баттааһыннаах «За правильное освещение истории якутской литературы» диэн ыстатыйа тахсыбыта. Онтон 1952 сыллаахха олунньу 6 күнүгэр БСК (б)П Саха уобаластааҕы Комитетын «Саха литературатын историятын сырдатыыга тахсыбыт буржуазнай-националистичес- кай токурутуулар тустарынан» диэн ааттаах улахан айдааннаах, ыар содуллаах уурааҕа тахсыбыта. Бу уураах сүнньүнэн Василий Яковлев учуутала Г.П. Башарин 1944 сыллаахха таһаарбыт «Саха үс реалист-сырдатааччыта» диэн кинигэтин утары туһаайыллыбыт этэ. Г.П. Башарин бу үлэтигэр саха үс реалист суруйааччытын – А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев олохторун уонна айар үлэлэрин сырдаппыта, онон буржуазнай-националистическай ис хоһоонноох А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев айымньыларын арбаабыта диэн улахан буруйга-суҥхаҕа, политическай буруйдааһыҥҥа, эккирэтиигэ түбэспитэ. Оттон Г.П. Башарины көмүскэспит бастакы учуонайдар А.Е. Мординов, И.М. Романов, В.Н. Чемезов уо.д.а. улаханнык критикаламмыттара, киһи эрэммэт дьонун ахсааныгар киирбиттэрэ. Г.П. Башарины үлэтиттэн уураппыттара, учуонай степеннэрин сотон кэбиспиттэрэ.
Г.П. Башарин үөрэппит оҕолорун эмиэ түүрэйдээбиттэрэ. Сорохторун түүнүктээх түрмэҕэ утаарбыттара. Бастакынан Василий Яковлев бииргэ олорор уонна үөрэнэр уолун, табаарыһын, доҕорун Миша Иванову хаайбыттара. Төһө да итинник ыарахан, иэрэҥ-саараҥ күннэр-дьыллар тиийэн кэлбиттэрин үрдүнэн, Василий Яковлев эдэрэ, оҕото бэрт буолан, Миша Иванову алҕаска хаайдахтара, сотору таһаараллар ини дии санаабыта.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.