Учуутал. Аайа

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Учуутал - Аайа страница 5

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Учуутал - Аайа

Скачать книгу

үтүктүбүккүт.

      Киэһэ тоҕо эрэ олус чуумпурбута. Бэл, чыычаах ырыата иһиллибэт буолбута. Тула барыта туох эрэ дьиктигэ бэлэмнэнэн тыҥаабыт курдуга.

      Бу сарсыарда эрдэ туох эрэ имнэммитин курдук уһугуннум. Чаһыбын көрбүтүм 3 чаас чугаһаабыт, илин саҕах үрдүнэн күн бастакы сардаҥалара саҥа чаҕылыһан эрэллэр. «Тоҕо эрдэтэй» – диэбитим баара, доҕоор, алааһым иһэ «дьонунан» туолбут! Тэйиччилэр туочука эрэ курдуктар, оттон чугастааҕылар үчүгэйдик көстөллөр. Бары сибэккилэриттэн өрө тэйэн тахсыбыттар уонна кыракый илиилэрин илин диэки өрө уунан тураллар. Ыллыыллар быһыылаах, биир кэм нарыын-нарыын дорҕооннор иһиллэллэр. Күнү көрсөр эбиттэр! Баарбын биллэрдэрбин эрэ үргэн хаалыахтара эбэтэр төрүт көстүбэт буолуохтара диэммин, аргыый дьылыйан олордум. Күн барахсан илин саҕахтан күндээрэн-сандааран тахсан кэллэ, өр-өтөр буолбата, саҕахтан тэйэ ойдо. «Дьоннорум» илии-илиилэриттэн ылсан баран, ыллыы-ыллыы, күн хаамыытын хоту эргийбитинэн бардылар, кинилэргэ эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор холбостулар. Эҥин-эгэлгэ өҥнөөх-дьүһүннээх лыахтар тэлээристилэр, тула туох баара барыта хамсаан куоҕалдьыйан киирэн барда. Сир сыта, күөх от сыта, ситэн турар тыа сыта муннубун туймаарда тунуйда. Онтон кэҕэ этэрэ иһилиннэ, ону эрэ кэтэһэн турбуттуу чыычаахтар чыбыгыраһа ыллаатылар. Алаас иһэ биир кэм күйгүөрэ түстэ. Ити аата саҕаланнаҕа – сир симэҕин ыһыаҕа…

      Бэҕэһээҥҥи илдьит сүүмэхтэр алааһы уһаты-туора быыстала суох көтүтэлээтилэр. Биир сүүмэх миэхэ кэлэн, санныбар иҥиннэ. Ылан көрбүтүм, төрдүгэр быыкайкаан киһичээн хатааста сылдьар! Алҕаан баран, ыытан кэбистим.

      От күөҕэ умнастаах, сэбирдэхтээх, күн сардаҥатын хомуйан араҕас сибэккилэрдэммит, ааттыын сардаҥалаах от быдьыгынас сибэккилэрин тыыннара кынаттаах эбиттэр! Аттыларыгар чугаһаабыппар, олбу-солбу төбөм туһунан дайдылар, кынат тыаһа биир кэм сирилээн олордо. Салгыы холбоһо түһээт, илии-илиилэриттэн ылыстылар уонна эргийэн киирэн бардылар. Бастаан бары күнү бата бардылар, онтон өрө көтө-көтө аллара түстүлэр, тэйэ-тэйэ ырааттылар.

      Көнө умнастаах чэрэниилэ күөҕэ сибэккилээх үүнээйи (аатын билбэтим абалаах) сибэкки тыына сүр дьоһуннук туттан туран, кынатынан сапсына-сапсына үҥкүүлүүр.

      Хас биирдии окко, сибэккигэ барыта итинник КЭРЭ! Күнү быһа өй-мэй сырыттым. Кулгаахпар маннык тыллар ырыа буолан кутулуннулар:

      Бу үрүҥ күн аннын

      Дьиктилээх кэрэтэ —

      Улуу тунах саҕана

      Сир симэҕин ыһыаҕа.

      Көрсүөххэ диэри, Айыы сиэнэ

      P.S. Уруһуйум соччо табыллыбата быһыылаах.

      Бүтэһик сурук иллэрээ күн суруллубут.

      Күндү доҕорум, Ньургуһун!

      Бүгүн үтүө күн үүннэ. Урут күнүс ити бөһүөлэк таһыгар баар Эбэ куулатыгар ыстааптанан, уолаттардыын болдьоһон: «Моҕотойдуу кэлээр», – дэһэн мустар буоларбыт. «Саҕахтан күн тэмтэйэ ойоро туохха тэҥнэһиэй!» – дэһэллэр нарын ырыа тыллара, ымыылаах иччилэр.

      Айыы сиэнэ

      Суругу ааҕан баран маҥнай уорбалыаҕы тугу да булбатаҕым. Ол эрээри, кытыытыгар «PS. Оскуола оҕолоро суруйсалларын

Скачать книгу