Аҕа. Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Аҕа - Семен Маисов страница 2

Жанр:
Серия:
Издательство:
Аҕа - Семен Маисов

Скачать книгу

сүгэ сытыы биитин суола көстөр. Аҕам сүгэтин суола. «Оо, аҕам бу сэргэни чочуйар, кыҥыы-кыҥыы кыладыйар кэмигэр да баар буолан хаалбаппын ээ…» – ити мин өтөххө кэллэҕим аайытын саныыр санаам… Аҕам барахсан… Бу иҥнэйбит дьарамай сэргэ билэн турдаҕа: үтүмэн да үгүһү, эҥинэ да элбэҕи, эгэлгэни. Туох-туох дьылҕалаах хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт кэлэн ааспыттарын барытын көрдөҕө. Ону кини киһи курдук кэпсиир, сэһэргиир тыла суох. Төрдүгэр үүммүт, бэл, сыралҕан куйааска кууран биэрбэт киһи атаҕар эриллэн сөрүөстэр сытыган от сиигиттэн, кырдал кырылас кумаҕа быһа сиэн хайыы-сахха эмэҕирэн бүппүт, сотору сууллан сири кытары сир буолуох муҥа буоллаҕа… Сэргэ турар кэмигэр дьонум барахсаттар бу эбэттэн, бу өтөхтөн хаһан да тэйбэккэ, мэлдьи бу алааска эрэ олохтоохтук тэринэн олохсуйан олоруох курдук бигэтик, эрэмньилээхтик да санаммыттара буолуо ээ…

      Аҕам миигин, миигин эрэ буолуо дуо, биһиги сэттэ буолан бииргэ төрөөбүппүт (ону таһынан өссө үс оҕо «төннөн» турар), илиитин өрө көтөҕөн дьарыйыахтааҕар буолуох, киэҥник күргүйдээн, үҥүү-өргөс тылынан өтөрү-батары этэн хаһан да мөхпөтөх киһи. Ол да буоллар, тоҕо эрэ аҕабытыттан толлорбут. Оҕо дьон тугу эмэни сыыһаны-халтыны, алҕаһы оҥордохпутуна, «аҕабыт «тыак!» диэҕэ» дэһэрбит. Дьэ ол үһү – муҥутуур мөҕүүтэ, дьарыйыыта.

      Аҕам, илии туппайа суох олорботох киһи, холкуос, сопхуос хаһан да бүтэн биэрбэт араас иирбэ-таарба үлэтиттэн, дьиэ түбүгүттэн быыс-арыт булан, үксүн киэһээ өттүгэр, иэйдэҕинэ сээкэйи бары сэһэргиир үгэстээҕэ. «Табаһыт уол», «Чыырыы-Чыппай», «Хабах Бас», «Кээтэккээн» диэн остуоруйаларын, төһө да хат-хат кэпсээтэр, син биир саҥа, сонун айымньы курдук истэрбит. Ол эрэн үксүн, кыра, оҕо сааһыгар сылдьан түбэспит, көрбүт араас дьиктилэрин, чахчы буолбут эҥин-эгэлгэ түбэлтэлэри ордук табыллан иэйэн-куойан туран сэһэргиирэ.

      Аҕам бэрт үгүс, араас ахтыыларыттан аҕыйах түбэлтэни кэпсиим дуу… Чэ, бэйи, бэйэтэ кэпсээтин…

      …Мин, дьиҥэ, отут үс сылга төрөөбүтүм, ону аҕам – оччотооҕу дьон кэнэн, муҥутах санаалаах буоллахтара, баалыы барыллыбат, оскуолаҕа үөрэттэрэ биэримээри, бэйэтин аттыттан араарымаары, кэлин сэбиэккэ дьыала-куолу кумааҕытын толоруутугар «отут алта сыллааҕы төрүөх» диэн суруйтарбыт. Киһи сонньуйуох, кэннибиттэн күн сиригэр кэлбит кыра уолаттар онон миигиннээҕэр аҕа саастанан тураллар.

      Отут алта сылга диэри холкуостар сири барытын кэлимнээннэр, кэтэххэ оттонор сирэ суох буолан, олохсуйан олорбут өтөхпүтүттэн, Бэрэттэн, инньэ үөдэн түгэҕэ, Сыаҥда диэн үрэх уҥуор баар, кып-кыра эрээри сир хараҕа чүөмпэ, куйуур маҥкыта тургуйбат бэрт дириҥ уулаах Таҥхарах диэн көлүйэҕэ «от сии» диэн тахсан сүөһүбүтүн кыстаппыппыт. Мин, онно көһөрбүтүгэр, үспүн ааһан түөрпэр үктэммит бэрт кыра бэдик аатабын барыны-бары өйдүүбүн. Сыарҕаҕа олорон барсан баран, төттөрү киирэрбитигэр оҕус миинэн кэлбитим. Ол дьыл төрөөбүт биир холкуостаах дьоммут оҕолоро билигин миигиттэн аҕа саастанан сылдьаллар.

      Биһиги

Скачать книгу