Кырыыстаах таас. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах таас - Тумарча страница 1

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Кырыыстаах таас - Тумарча

Скачать книгу

т үйэ сүүрбэһис сылларыттан ыла саҕаламмыта. Оччотооҕу «Алданзолото» трест кылаабынай геологынан үлэлээбит эдэр геолог Юрий Александрович Билибин эрчимнээх туруорсуутунан, 1928 сыллаахха маҥнайгы Халыматааҕы экспедиция тэриллибитэ. Бу экспедиция балтараа сыллаах үлэтин түмүгүнэн, аҕыйах сылынан «Дальстрой» трест олохтоммута. Мантан ыла Саха сиригэр көмүс промышленноһа күүскэ сайдыбыта.

      Дойдубут бу кэминээҕи историята, оччотооҕу далааһыннаах үлэ-хамнас, ГУЛАГ тэриллиитэ, түҥ тайҕа кистэлэҥин курдук, баччааҥҥа диэри тыытыллыбакка, арыллыбакка сытар. Бу үрүҥ да, хара да өрүттээх үс көлүөнэ дьон олоҕун устата салҕанан барбыт кэм – бүтүн эпоха – биһиги республикабыт ааспыт үйэтээҕи историятыгар биир саамай улахан миэстэни ылар. Онон бу салаа хайа эрэ өттүнэн сырдатыллыбакка хаалара дойдубут ааспыт кэминээҕи олоҕун үөрэтии итэҕэһин быһыытынан билиниллиэхтээх.

      1982 сыллаахха тахсыбыт «Кырыыстаах таас» сэһэн история бу кистэлэҥин сэгэтэн көрүү эрэ быһыытынан суруллубута. Сэһэн тахсыбыта үйэ чиэппэрэ ааспытын кэннэ, бу темаҕа иккистээн эргиллэн, кыах тиийэринэн, доруобуйа төһө көҥүллүүрүнэн салгыы үлэлэһэн көрүөх санаа күөрэйдэ. Олохтоохтору өрө көтөхпөтөх көмүс промышленноһын сайыннарыынан сибээстээн, бүтүн Илин Сибиир киэҥ иэнин тухары төһөлөөх элбэх киһи дьылҕата түстэммитин, төһөлөөх дьон уҥуоҕа урусхалламмытын ситэри ыатарар кыах кимиэхэ да бэриллибэт. Ону арыйарга хас да уонунан кинигэ – эпопея суруллуон наада. Ол биир киһи кылгас үйэтигэр кыаллыбат. Онон урукку сэһэммин ромаҥҥа кубулутан, Халыма көмүһүн былааннаахтык чинчийэн арыйбыт уһулуччулаах учуонай Ю.А.Билибин уонна кини соратнига, Магадан куораты төрүттээбит В.А.Цареградскай маҥнайгы экспедицияларын туһунан саҕалааһыны ааҕааччылар болҕомтолоругар таһаарарга холоннум.

      Революция иннинэ да, сэбиэскэй да кэмҥэ, күн бүгүн даҕаны кыһыл көмүс ыар тыынын сабыдыала биһиэхэ, олохтоох омуктарга, үтүөнү оҥорбутунааҕар араас содулу аҕалбыта улахан. Онон «Кырыыстаах таас» диэн аат хайа да кэмҥэ суолтата сүппэт.

      Ааптар

1.

      Сиридикээн үрэҕэ икки иэдэс хайатын таас чанчыктарыттан хардарыта тэбинэн, Халыма эбэ хотуҥҥа халдьыгыраччы сүүрдэр. Кыараҕас ыллык суол үрэх тоҕойдорун таас харгыларынан быһыта охсор.

      Лөкөй Лөгөнтөй көхсүн иһигэр киҥинэйэн ыллыы иһэн, устунан нухарыйыах курдук буолан барда. Төбөтүн төҥкөччү түһэрэн, икки өттүнэн биллэрдик иҥнэҥнээн ылла.

      Эмискэ ата тохтуу биэрдэ. Киһи төбөтүн оройунан баран иһэн, арыычча өрүһүннэ. Соһуйбута бэрдиттэн суолун-ииһин өйдөөн көрүммэтэ. Кыбдьыгырыы түһээт, атын холурдук быһа тиҥилэхтээбитигэр, ата кэннинэн чинэриҥнээтэ. Онтон эмискэ иннин диэки дьүккүйбүтүгэр туох эрэ быһа ыстанар тыаһа иһилиннэ. Лөкөй туох эрэ бөрүкүтэ суох быһыы тахсыбытын сэрэйэн, эргиллэн көрдө. Таҥхаҕар муостаах хара маҥаас ынах сөбүлээбэтэхтии үөстээҕинэн таҥнары көрөн кэбиһээт, баһын быһа илгиһиннэ уонна сырааннаах муннун «пуус» гына тыаһатта.

      – Балай Маҥаас, бэрт сүөһү, бу түүн сиргэ хоннороруҥ буолуо. Бүгүн күннээххэ бэркэ миигин эрэйдээтиҥ, – Лөкөй өс саҕа буолан, атыттан адаарыйан түһэн, ынаҕын быстыбыт быатыттан сиэтэн аҕалан, атын кутуругар холбоммут быата быстыбытын сүөрэн, икки төбөтүн ыйылыннары тардан, салҕаан кэбистэ. Онтон ынах сүүһүгэр кириэстии тардыллыбыт томторук быатын чиҥэтэн аччарыһа турдаҕына, ата уулаары олом ортотугар киирдэ. Иччитэ атын буойан көрдө да – туһалаабата. Төһө да кыйаханнар тэҥнэһиэ дуо, ууну кэһэригэр тиийдэ. Чөм-чөм үктэнитэлээн киирэн, атын тэһиинин ылаары төҥкөйдө. Ып-ыраас уу түгэҕэ курдаттыы дьэрэлийэн сытар. Араас өҥнөөх таас бытархайдарын быыһыгар ытыс саҕа дьикти таас күн чаҕылыгар уоттуҥу кыһыл өҥүнэн толбоннуран көһүннэ. Лөкөй ону улахаҥҥа уурбата. Уһун үйэтигэр бу дойду таас үрэхтэригэр, хайаларын сирэйдэригэр итиннээҕэр буолуох араас дьэрэкээн ойуулаах, ыраас сырдык өҥнөрдөөх, оннооҕор муус курдук дьэҥкир таастары көрдө ини, көрбөтө ини. Ол да буоллар, тэһиинин атын атаҕыттан араара таарыйа били тааһы харбаан ылбыта, тааһа ыбыс-ыарахан эбит.

      – Ар-дьаалы, эчи, сибиниэскэ дылы буолан, тоҕо ыараханай? – Лөкөй сөхпүччэ саҥа аллайда. Кыракый таас маннык ыарахан буоларын урут билэ илигэ. Онуоха эбии толбоннуран көстөр кыһыллыҥы өҥнөөҕө ордук муодарҕатта. Ылыан дуу, ылымыан дуу саарыы турдаҕына, этэрбэһин сиигинэн атаҕар тымныы уу билиннэ. Онуоха эрэ үрэх ортотугар турарын дьэ өйдөөтө. Атын сиэппитинэн бокуойа суох уҥуоргу кытыыны былдьаста. Туруору соҕус эмпэрэ сыыры өрө дабайан, хагдарыйбыт кырыстаах кураанах сиргэ тохтоото. Илиитэ иллэҥэ суоҕун ити икки ардыгар умунна. Наҕылыйан чэпчэтиниэн санаан иһэн, тутуурдааҕын өйдөөн сиргэ силлээтэ. Ханна ууруон саараабыттыы ол-бу диэки көрүтэлээтэ. Эмискэ хараҕа ыҥыырыгар хапсыччы быраҕыллыбыт бэрэмэдэйигэр хатанна. Соччолоох быһааран өйдөөбөккө, тааһын бэрэмэдэй аһаҕас муннугунан иһирдьэ түһэрэн кэбистэ.

      Лөкөй сурулларынан, Омуоһап Лөгөнтөй, Буйуҥда өрүскэ олохсуйбута уонтан тахса сыл буолла. Бу иҥнэҥнээн хаамар үрдүк уҥуохтаах, кытархай хааннаах, кимистигэс сүүһүн аннынан сабыччы көрбүт, кэтит нүксүгүр көҕүстээх, бэйэтин лаппа кыанар күүстээх-уохтаах аҕамсыйа баран эрэр киһи.

Скачать книгу