Түүл буолан сүтүмэ. Галина Нельбисова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Түүл буолан сүтүмэ - Галина Нельбисова страница 11

Түүл буолан сүтүмэ - Галина Нельбисова Таптал таабырына

Скачать книгу

эбит, дьиэтин, тэлгэһэтин санаан бардаҕына, эчи, сиби-лигин да ытыах курдук.

      – Оттон эн биһикки бу форточкабытын аһан утуйуохха. Кырдьык, наһаа да итии. Мин дьиэбэр эбитим буоллар билигин күүлэм боруогар сөрүүкүү олоруом этэ-э. Эн биллэн турар, Сенчиккиниин үрэх диэки хаамса сылдьыаҥ буолуо, – Даша дьээбэрэн дьүөгэтин ахтылҕанын «бэргэтэн» ааста.

      – Дьээдьэ Вадим ханна барбыт буоллаҕай, дьикти баҕайы дии, – Оля дьиэ хаһаайына суоҕуттан соһуйбута ааспат.

      – Тётя Идаҥ настарыанньата соччо үчүгэйэ суох быһыылаах дии. Баҕар, туох эрэ проблемалаахтара буолуо. Онно өссө биһиги эбилиннибит, – Даша эмиэ утуйардыы оҥоһунна.

      Кыргыттар, отур-ботур кэпсэтэ түһэн баран, күнүс-кү сылаалара таайан, нухарыйан бардылар.

* * *

      Дашалаах Оля сарсыардаттан докумуоннарыгар сүүрдүлэр. Иккиэн бэһис автобуска олорон СГУ тэл-гэһэтин булбуттара эрээри, тус-туспа сиргэ туттарсар дьон сиэринэн икки аҥы сырсан хааллылар. Киэһэ үлтү сылайан дьиэлэрин буллулар. Иккиэннэрин да үөрэҕэ конкурстаахтарынан биллэллэр эбит. Сарсыҥ-ҥыттан консультацияларга сылдьар, библиотекаҕа дьарыктанар былааннаннылар. Ираида Никоновна киэһээҥҥи чэйгэ олорон иккиэннэрин дэлби «доппу-руостаата», ким ханна, хайдах дьарыктанара наадатын сүбэлээтэ-амалаата. Кыргыттар, эдэр дьон сиэринэн, куорат дьоно, үөлээннээхтэрэ хайдах таҥна-сапта сыл-дьалларын эмиэ үөрэтэ, көрө охсубуттар. Иккиэн бу сайын муодунай буолбут платформа хобулуктаах түүппүлэҕэ ымсыырбыттар.

      – Ону маҕаһыынтан булбаккыт. Өрөбүл буолла-ҕына ол кэпсиир борохуолкаҕытыгар барыахпыт. Онтон тугу баҕар булуохха сөп. Ол эрээри хаачысты-бата суоҕу, эргэни-урбаны ылартан сэрэниҥ. Дьэ, уонна кыргыттар, мантан инньэ сылдьан бардаххы-тына көрүөххүт, универмаг уонна «Детскэй мир» тулата барыта цыганкалар. Дьылҕаҕытын таайабыт, кырдьыгы этэбит дии-дии сырса сылдьыахтара. Ончу сэргээмэҥ. Олус албын-түөкэй омуктар. Саҥаларынан аралдьыта туран харчыгыт сыыһын тэбээн ылыахтара. Кинилэртэн тугу да атыылаһымаҥ, – Ираида Нико-новна соркуой кута-кута кэпсиир.

      – Пахыый, бу кыыс хата атыылаһа охсубут, – Оля Дашатын диэки кыҥнах гынна.

      – Уой, тугу, Даша? – Ираида Никоновна соһуйан тэрбэччи көрө түстэ.

      – Помадаҕа наһаа ымсыыран ылан кэбистим. Биир кыыстыын универмагтан тахсан иһэн түбэстибит, – Даша, буруйдаммыттыы тутта-тутта, халаатын сиэбит-тэн кыһыллыҥы тэтэркэй помаданы ойутан таһаарда.

      – Оо, дьэ, хайыахпытый. Кинилэртэн киһи да кут-танар ээ. Бу араас ыарыы иҥин элбэҕэр. Сабыс саҥа помада эбит, сибиэһэйэ көстөр. Дьэ итиэннэ сэрэнэр буолуҥ, оҕолор, – Ираида Никоновна помаданы ылан эргим-ургум туппахтаат, сыттаан ылла.

      Кыргыттар салгын сии, сөрүүкүү таарыйа кэпсэтэр пуун дьиэтин диэки хаамыстылар. Иккиэн дьонно-ругар төлөпүөннээн, үчүгэйдик сылдьалларын, арах-сыбакка бииргэ олороллорун иһитиннэрэн, анарааҥ-ҥылары эмиэ үөртүлэр. Арай Оля кыратык хомойон төнүннэ. Сенятыгар телефоннаабыта дьиэтигэр суох, сайылыкка оҕолорго барда

Скачать книгу