Күн-дьыл билгэтэ. Иннокентий Сосин

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Күн-дьыл билгэтэ - Иннокентий Сосин страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Күн-дьыл билгэтэ - Иннокентий Сосин

Скачать книгу

билгэлээһиннэригэр ньургуһун сибэкки бэрт элбэҕи кэрэһилиир. Ньургуһун сааһыары сайын иккистээн таҕыстаҕына, өҥ сайын кэлэр. Ньургуһун биир олохтон хойуутук (15—16 сибэкки) таҕыстаҕына, кэлэр сайын өҥ, үүнүүлээх буолар. Ньургуһун, онтон да атын симэх оттор атырдьах ыйыгар хойуутук тахсыбыт буоллахтарына, сыһыыга үөн-көйүүр элбиир, тыаҕа отон, тэллэй хойуутук тахсар, күһүнэ уһуур. Ньургуһун саас эрдэлээн тахсан иһэн эмискэ баҕайы кэҕиннэҕинэ, кэлэр сайын тыаллаах-куустаах, хаҕыс, кураан буолар, өрт уота сотору-сотору турар сайынын күүтэллэр. Ньургуһун сэбирдэҕэ улахан уонна ньалҕархай буоллаҕына, үчүгэй сайыны билгэлииллэр. Ньургуһун хойуутук үүммүт, эбэтэр сибэкки арааһа сир аайы элбэхтик уонна көхтөөхтүк тахсыбыт буоллаҕына, күһүнүн сир аһа өлгөм буолар. Ньургуһуна аҕыйах буоллаҕына, саас хара хапсыырдаах, тымныы, хаҕыс буолар.

      Сахалар үүнээйилэр кэлэр кыһыны хайдах көрсөллөрүн кэтээн көрөн уһун болдьохтоох билгэлээһиннэри оҥороллор. Холобур, тиит көтөҕөтө түспэккэ эрэ ытырбытынан тоҥноҕуна, кэлэр саас көтөҕө хаары эрдэ быһыта сиэн, уулларан уута суох буолар. Хатыҥ уонна тэтиҥ сэбирдэхтэрэ күһүн сиргэ ыраастык саһаран түстэхтэринэ, эһиилигэр үүнүүлээх сайыны күүтүөххэ сөптөөҕүн туһунан билгэлииллэр. Хатыҥнар күһүн чыпчаалларыттан саһардахтарына, эһиилигэр саас эрдэ, оттон аллараттан саһардахтарына, саас хойутаан кэлэр диэн сылыктыыллар.

      КӨТӨРҮНЭН-СҮҮРЭРИНЭН БИЛГЭЛЭЭҺИН

      Көтөрдөр, сүүрэр атахтаахтар, эмиэ киһи курдук – айылҕа оҕолоро. Кинилэр күн-дьыл уларыйыытын эрдэттэн билиилэрэ олохторугар быһаччы сыһыаннаах. Куобах уһун силбик ардах-хаар кэлэригэр сарсыарда уйатыгар сыппакка, хойукка диэри аһыыр, онон кини куртаҕар ас саппааһын мунньунар. Ардах чиэрбэтэ мэлдьитин кэриэтэ сир кырсын анныгар буорга олорор бэйэтэ, ардах уута кини сылдьар холлорооннорун толороруттан куттанан, ардах түһүөн аҕай иннинэ хонууга тахсар. Оттон тымныы саас буоларыгар көтөрдөр уйаларын күн көрөр, сылаас өттүгэр тутталлар.

      Өрүскэ, үрэххэ уу эбиллиэх буоллаҕына, күтэр хороонун үрдүк кырдал сиргэ, күн көрөр өттүгэр хастар. Уһун уонна тымныы кыһын буолуоҕун билэннэр кэрбээччилэр (кутуйах, күтэр, моҕотой, дьабарааскы, о.д.а.) кыстыктарыгар элбэх аһы хаһааналлар. Хорооннорун дириҥник хасталлар, тэллэх отторо элбэх буолар. Оттон улахан тымныыта суох, халыҥ хаардаах, сылаас кыһын кэлиэх буоллаҕына, хорооннорун дириҥэппэттэр, эбэтэр чычаастык хасталлар.

      Ардах кэлэригэр хараҥаччылар алларанан көтөллөрүн киһи үксэ билэр. Ити айылҕаны, күн-дьыл уларыйыытын кытары сибээстээх. Ардах чугаһаатаҕына, салгын баттааһына чиҥиир. Оччотугар үөн-көйүүр (бырдах, сахсырҕа, о.д.а.) аллара түһэр. Хараҥаччы кинилэри бултаһар буолан, батыһан аллара түһэр. Оттон курааҥҥа салгын баттааһына аччыыр, оччоҕо били үөннэр үөһэ көтөн тахсаллар, хараҥаччы даҕаны үөһэнэн кыырайа көтөр.

      Тоноҕосчут үчүгэй күҥҥэ үксүгэр соҕотоҕун, ардыгар пааралаһан көтөр. Ити кэмҥэ кини, туохха даҕаны ыксаабат курдук,

Скачать книгу