Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930). Николай Николаев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930) - Николай Николаев страница
1640—1720 сылларга Саха сирин киин өттүгэр баар буоластар ортолоругар Байаҕантай эмиэ буолас быһыытынан киирэр этэ. 1720‐с сыллар саҥаларыгар манна кыракый буоластары түмэр уонна холбуур 5 улуус тэриллибитэ. Ол эрээри Байаҕантай туспа буолаһынан хаалбыта. Онтон 1767—1778 сыллартан улуустарга киирэр нэһилиэктэр (буоластар) ахсааннара чуолкайданан уонна бэрээдэктэнэн барбыта. Бу бириэмэҕэ Байаҕантай буолаһын иһигэр эмиэ буоластар (нэһилиэктэр) бааллара.
1822 сыллаахтан саҕаламмыт административнай уларыйыылар кэннилэриттэн Саха сирэ 5 уокурукка, уокуруктар улуустарга, улуустар нэһилиэктэргэ арахсар буолбуттара. Мантан ыла Байаҕантай буолаһа улуус диэн ааттанар. Саха сирин киинигэр тэриллибит Дьокуускай уокурукка 7 улуус (Мэҥэ, Хаҥалас, Нам, Бороҕон, Дүпсүн, Боотуруускай уонна Байаҕантай) баара. Итилэртэн саамай улаханнара, киэҥ сирдээхтэрэ Байаҕантай этэ. Кини сирэ-уота арҕаа Танда үрэхтэн саҕалаан илин Охотскай муораҕа тиийэ, соҕуруу Амма төрдүттэн хоту Дьааҥы таас хайаларыгар, Халыма өрүс баһыгар тиийэ тайаан сытара. Саха сирин киинигэр баар уонна Алдаҥҥа түһэр Танда, Баайаҕа, Таатта уонна Амма үрэхтэр орто уонна аллараа сүүрүктэрэ барыта Байаҕантай улууһугар киирэллэрэ. Хоту Дьааҥы таас хайаларыттан Алдаҥҥа түһэр таас үрэхтэр үгүстэрин хаһаайыннарынан эмиэ байаҕантайдар этилэр. Онон XVII—XIX үйэлэргэ Байаҕантай дьоно сүөһү уонна сылгы иитэргэ олус табыгастаах, өлгөм балыктаах уонна бултаах киэҥ сирдэри баһылаабыттара уонна элбэх сирдэринэн олохсуйбуттара.
Байаҕантай улууһугар 1828—1852 сс. 7 нэһилиэк баара, 1852—1900 сс. – 9, 1900—1910 сс. – 10, оттон 1910—1917 сылларга нэһилиэк ахсаана 14 буолбута.
Элбэх административнай уларыйыылар Саха сиригэр сэбиэскэй былаас букатыннаахтык олохсуйбутун кэннэ буолбуттара. 1920—1922 сылларга ревкомнар былаастара баһылыаҕыттан Байаҕантай улууһуттан аан маҥнай 1920 сыллаахха Өймөкөөн Бороҕон нэһилиэгэ (билиҥҥи Өймөкөөн улууһа) арахсыбыта, саҥа Өймөкөөн улууһа тэриллибитэ, 1922 сыл бүтүүтүгэр манна сэбиэттэр быыбардара буолан улуустааҕы Сэбиэт тэриллибитэ. 1922—1930 сылларга Байаҕантай улууһугар элбэх саҥа нэһилиэктэр тэриллибиттэрэ, ол эрээри улуус бэйэтин сирин-уотун, аатын-суолун уонна статуһун (балаһыанньатын) тутан олорбута.
1920‐с сыллар саҥаларыттан Сэбиэскэй Сойууска бүтүннүүтүгэр урукку ыраахтааҕылаах Россия саҕанааҕы административнай-территориальнай тэриллиилэри (губерниялары, уездтары) уларытыы буолбута. Бу реформа 1923—1929 сылларга буолбута.
Саха сиригэр эмиэ 1930—1931 сылларга урукку улуустар оннуларыгар саҥа оройуоннары тэрийии буолбута. 1930 сыл тохсунньу 9 күнүгэр урукку Бороҕон уонна Дүпсүн улуустарын холбоон Уус Алдан оройуона тэриллибитэ. Бу саҥа оройуоҥҥа урукку Байаҕантай улууһуттан түөрт нэһилиэк – 1‐гы Байаҕантай, 2-с Байаҕантай, Тандыыныскай уонна Хара Алдан (1932 с. төттөрү Тааттаҕа киирбитэ) бэриллибиттэрэ.
1930 сыл кулун тутар 25 күнүгэр Таатта оройуона тэриллибитэ. Бу оройуоҥҥа урукку Боотуруускай улуус аҕыйах нэһилиэктэрэ уонна Таатта улууһа бүтүннүүтэ киирбиттэрэ. Маны таһынан бу саҥа оройуоҥҥа урукку Байаҕантай улууһун 16 нэһилиэктэрэ холбоммуттара. Тааттаҕа холбоммут нэһилиэктэр (1926 с. биэрэпискэ баар нэһилиэктэр) манныктар: Алдан, 2‐с Байаҕантай, 3‐с Байаҕантай, 4‐с Байаҕантай, Баайаҕа, Дьөҥкүүдэ, Үөгэн, Өтөхтүү Тааттыыныскай, 1‐гы Игидэй, 2‐с Игидэй, Ичигэс, Мэҥэ Алдан, Саһыл, Соҕуй Амма, Эһэ уонна Ыҥаа. 1926 сыллааҕы биэрэпис түмүктэринэн суоттаатахха, бу 16 нэһилиэктэргэ киирэн Таатта оройуонугар 274 нэһилиэнньэлээх пуун (кыстык сирдэр), 1800 хаһаайыстыба, барыта 7113 киһи бэриллибиттэрэ уонна дьылҕалара уларыйбыта – байаҕантайдар буолан бүппүттэрэ.
1931 сыл ыам ыйын 20 күнүгэр Томпо оройуона тэриллибитэ. Бу оройуоҥҥа эмиэ уруккута Байаҕантай улууһугар киирэ сылдьыбыт Тукулаан Бараайы, Мэмээл Хотулукаан, Адыча Ньэлгэһэ уонна Сунтаар Сүдүгү диэн көһө сылдьар эбээннэр сирдэрэ киирбиттэрэ. Томпо оройуонугар эбии Ааллаах Үүн сирэ бэриллибитэ. Бу сирдэргэ барыларыгар көһө сылдьар Сэбиэттэр тэриллибиттэрэ.
Бу курдук 1930—1931 сылларга тэриллибит Уус Алдан, Таатта уонна Томпо оройуоннара уруккута Байаҕантай улууһун сирин-уотун уонна нэһилиэнньэтин бүтэһиктээхтик үллэстибиттэрэ. Бу түмүгэр «Байаҕантай улууһа» диэн административнай-территориальнай тэриллии суох буолбута, историяттан туора сотуллубута. Бу иннинэ 300‐чэкэ сыл биир улууска түмүллэн, хомуллан биир дьылҕаланан олорбут дьоннор – байаҕантайдар Саха АССР түөрт оройуонугар – Уус Алдаҥҥа, Тааттаҕа, Томпоҕо уонна Өймөкөөҥҥө тарҕаһаннар төлкөлөрө уонна историялара арахсыбыта, сотору кэминэн бэйэбэйэлэрин умнубуттара уонна уруккута атын уустар (биистэр диэххэ эмиэ сөп) удьуордарын кытта холбоһон барбыттара. Ол кэнниттэн коммунистическай идеология сабардаабыт бириэмэтигэр, бары омуктар (нациялар) симэлийэннэр биир сэбиэскэй норуот үөскүүр уонна сайдар кэмигэр олохтоох омуктар бэйэлэрин төрүттэрин, сүтэн-симэлийэн эрэр быдан былыргыларын үөрэтиилэрэ уонна хасыһыылара сэҥээриллибэт уонна кутталлаах да буолбута.
Онтон ХХ үйэ 90‐с сылларыгар олохпут төрүтэ, кини тирэҕэ төрдүттэн уларыйан, саҥа идеология, өй‐санаа үөскээн, көҥүл кэлбитин туһанан Саха сирин бары