Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930). Николай Николаев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930) - Николай Николаев страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930) - Николай Николаев

Скачать книгу

чопчу туоһулуур чахчылар суохтарын кэриэтэ, ыаллыы олорбут омуктарынан (биистэринэн) таайдахха, уйгуур, монгол тылларыгар чугас тыллаах буолуохтарын сөп. Мохэ, чжуржен (маньчжур) биистэрин кытта алтыспыттарыттан былыр-былыргыттан эбэҥки тылын билэр, өйдүүр омук курдук сабаҕалыырга төрүт баар. Манна даҕатан эттэххэ, быйагы диэн эбэҥки уустарын аата байегу-байыгы биистэрин кытта төрүккүттэн уруулууларын, биир төрүттээхтэрин ыйа сылдьар да буоллаҕына көҥүллээх.

      Байегу – байаҕа биһиги эрабыт иннинээҕи икки үйэҕэ олорбут монгол тыллаах омук буолуон сөп диэн санааны маҥнай эмиэ А. И. Гоголев эппитэ. Саха биллиилээх топонимиһа Багдарыын Сүлбэ «Байаҕантай» ыстатыйатыгар (Чолбон. – 1993 с. – № 8. – 186—192) бу тыл историятын, туттуллуутун киэҥник хабан ырытар. Онно Гоголев үөһээ аҕалыллыбыт этиитин туһанан баран: «Ученай Байаҕантайы ол оннук түҥ былыргыттан силис тартарар. Итиннэ биһиги сөп‐сыыһа диэн тугу да этэр кыахпыт суох – кырамана бэрт», – диэн төһө да хайыҥ охсуннар, байаҕантайдары монгол тыллаах омукка киллэрэр. Ол курдук, ыстатыйатын маннык түмүктүүр: «Байаҕантай диэн аат, арааһа, монгол тылыттан силис тардар уонна баайдаах диэн суолталаах быһыылаах. Атыннык эттэххэ, саха байаҕана икки монгол тыллаахтар баяннара икки, арааһа, биир силистээхтэр быһыылаах». (Ыйыллыбыт ыстатыйа, с. 190).

      Биһиги суруйар темабытын чопчу сырдатар үлэ соторутааҕыта күнү көрбүтэ. Ол – Федор Федорович Васильев «Военное дело якутов» (Якутск: Бичик, 1995) кннигэтэ буолар. Онно учуонай Н. Я. Бичурин «Собрание сведений о народах, обитающих в Средней Азии в древние времена» диэн Москваҕа – Ленинградка, 1950 с.; А. Г. Малявкин «Историческая география Центральной Азии (материалы и исследования)» диэн Новосибирскайга 1981 с.; С. Е. Малов «Памятники древнетюркской письменности» диэн Москваҕа – Ленинградка 1951 с. бэчээттэммит кинигэлэригэр сигэнэн, баайаҕа, байаҕантай диэн тыллары аахпыт эрэ киһини ылыннарардыы быһаарар. Кини этэринэн, байегу бииһэ «тэлэ» диэн аатырбыт биистэр холбоһуктарыгар киирэрэ (с. 24) үһү. Ити тыл былыргы түүрдэр руническай суруктарыгар баарын санатар (с. 24). Эмиэ итиннэ тэлэ (баҕар, төлө буолуо) бииһин аата Чурапчы Төлөйүн аатыгар иҥэн сылдьара буолуо диэн хорсун сабаҕалааһыны оҥорор. Оттон биһиги ырытар тылбыт туһунан маннык этэр: «…Первоначальной формой «байагантай» является этноним «баайаҕа». По всей вероятности, консолидация баягантайцев происходила вокруг основного кланового образования «баайаҕа». К такому выводу побуждает сохрание до настоящего времени названия Баайага, бывшего центра Баягантайского улуса. Археологические раскопки памятников ХV—ХVII веков показывают наибольшую культурную освоенность именно этого региона, т. е. территории Баягинского наслега Таттинского улуса.

      Көрөргүт курдук, манна ученай байаҕантай төрдө баайаҕа диэн тыл буоларын чопчу ыйар.

      Оттон баайаҕа уонна байегу хайдах сыһыаннаахтарын Ф. Васильев эмиэ арыйар: «…Баягантайские якуты ведут свое начало от тюркоязычного

Скачать книгу