Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930). Николай Николаев

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930) - Николай Николаев страница 6

Жанр:
Серия:
Издательство:
Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930) - Николай Николаев

Скачать книгу

варианнааҕын баайтаһын-байтаһын дэнэрин санатыам этэ.

      Кырдьык, Багдарыын Сүлбэ этэринии, кырамана да бэрдин иһин, ол былыргы баайаҕалар ханан уонна хайдах Саха сиригэр кэлбиттэрин хайан көрөргө тиийэбин. Амур өрүс баһыттан ол былыргы өбүгэлэрбит хоту түспүт аартыктарынан Шилка өрүстэн чугас тардар Битиим уонна Өлүөхүмэ (уруккутунан Олоохуна) өрүстэр буолуохтарын сөп. Эбэтэр Алдан баһа да адьас бу сыттаҕа.

      Багдарыын Сүлбэ аҕалар холобурдарынан, ити норуот үһүйээннэринэн бигэргэтиллэр курдук. Байаҕантайдары Сэһэн Боло Омоҕой дьонуттан (моҕуоллартан) таһаарар эбит. Оттон Г. В. Ксенофонтов «Урааҥхай сахаларыгар» хоролор, байаҕантайдар, сортуоллар буряттары кытта булкуһа олорбуттарын ыйбыт (с. 87). Арааһа, сорох бурят чинчийээччилэрэ байыркылары баргуттары кытта ситимнииллэрэ түбэспиччэ буолбатах быһыылаах.

      Ол курдук, байаҕантайдар олорор сирдэригэр Баргы диэн ааттаах сирдэр (Таатта улууһа, Алдан нэһилиэгэ), оттон Ф. Ф. Васильев суруйарынан баргыт диэн биистэр бааллар (Ыйыллыбыт кинигэ, с. 25.). Аһара баран эттэххэ, баҕар, Байкал күөл, онно түһэр Баргы өрүс (Баргузин) ааттара баайаҕа омуктары кытта ситимнээх буолаайаллар?

      С. Петров диэн элбэх кэрэхсэбиллээх сабаҕалааһыннардаах ыстатыйа автора Байкал күөл аатын баай аҕа диэн тылтан тахсыбыта буолуо диэн суруйбута (Чолбон. – 1995. – № 6. – С. 175). Ити кини байыгы-баайаҕа омук баарын ахтан көрбөккө, сахалыы Баай Аҕа ууһа диэнинэн муҥурдаммытыттан тахсыбыта чахчы. Дьиҥэр, баайаҕа (л), былыргы вариант, баар, баигул (итинник Чулым татаардара ааттанар эбиттэр) буолуо, диэнтэн баайҕал – байҕал диэн тахсыан эмиэ сөп буоллаҕа… Баайаҕалар сорохторо Байкал күөлүнэн, Элиэнэ баһынан, кэлиэхтэрин эмиэ сөп.

      Багдарыын Сүлбэ ыстатыйатыгар, Далан «Тыгын Дархан» романыгар, Е. Д. Андросов кинигэтигэр ахтыллар Баайаҕа нэһилиэгин төрүтэ Баай Аҕа диэн киһи аата умнуллубут баайаҕа бииһин аатыгар сөп түбэспитэ буолуо. Итини чинчийээччилэр «норуот этимологията» диэн ааттыыллар.

      Баайаҕа уонна Байаҕантай диэн өйдөбүллэр ыырдара киэҥ, быдаарыйар былыргыга, билиҥҥи сахалар үөйбэтэх да сирдэригэр тиэрдэ, норуоттар таабырыннаах историяларын хайан көрөргө ыҥыра, сирдии тураллар.

      Баайаҕалар манна кэлэн, ханан тэнийэн, туспа улуус буолан, Саха сиригэр үөрэх-сайдыы киинин үөскэтэн, өрөспүүбүлүкэҕэ биллиилээх дьону биэрбиттэрин туһунан Е. Д. Андросов кинигэ суруйда. «Баай аҕа ууһа Баайаҕа» ааҕааччыга элбэх сонуну тиэрдэр, астык кинигэ. Былыргы төрүттэрим туһунан мин публицистическай поэма суруйан, «Чолбоҥҥо» бэчээттэттим.

      Баайаҕаттан тахсыбыт норуот талааннааҕа, саха орнаменнарын чинчийээччи, дэгиттэр уус Б. Ф. Неустроев бу нэһилиэк Кутаама үрэҕэр Илин эҥээр тимирин уустара төбүрүөннээн олорбуттарын – нэһилиэк түҥ былыргыттан сайдыылааҕын мээнэҕэ тоһоҕолообот. Кини Баайаҕа тимир уустарын туһунан кинигэ суруйар, уустар туттар кистэлэҥнэрин бар дьонугар тиэрдэр санаалаах. Байаҕантайдар саха

Скачать книгу