Килиим. Огдо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Килиим - Огдо страница 3

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Килиим - Огдо

Скачать книгу

Өтөр буолаат, тыас чугаһыырга дылы гынна. Чахчы, бураан бирилиир. Ону кытта Байбал саҥата туох да сүрдээх, тылын баһа иһиллибэт, бап-баллыгырас.

      Дьоно кэлиилэригэр Килиим, киһи бэрдэ уолаттарын хайҕаан, хата эрдэ өйдөнөн төнүннүлэр диэн хайдах да махтаныан билбэккэ, иһигэр тылын наардыы сытта. Эрэттэр тибиини быыһынан тирилэтэн кэлэн, хаары ыһан хорус гыннардылар. Байбала, абырыах баҕайы киһи, кырдьык-хордьук Килиимин сирэйин өҥөйөн көрөр уонна күүл да күл буолар. Букатын тохтообокко күлэр. Ол икки ардыгар бурааннара иннинэн-кэннинэн астаран кэлэн, сыарҕатын холбонно. Байбал буоллаҕына, тохтоон бэрт, иэрийэ сыһа-сыһа, нэһиилэ сукуҥнаан тиийэн сарк гына киһитин кэннинээҕи олбоҕу миинэ биэрдэ да, салгыы ыстаннара турдулар. Сыарҕаҕа кэлгиллибит Килиим иһигэр сөҕө саныыр:

      – Байбал иирбит. Саатар киһитин саҥатыгар наадыйбат. Ити улуу сир күдэрик куйаарыгар сытан хаалбыт киһини, арай бөрө булбут буоллун?! Чэ, баҕар, ыйыппатын… Оттон итиччэ өр сыппыт киһини, саатар «тахсан киириэҥ этэ дуо» диэн ыйытыах эбит! – итинник саныы сытан эмиэ утуйан хаалар.

      Хата, дьолго, иккистээн уһуктарыгар, Сыбаатайга кэлбит этилэр. Байбал тоҥон күлбэт буолбут этэ. Ону сэрэйдэр да, «күлүү гыммыт буруйун билиннэ быһыылаах» диэн Килиим иһигэр бэйэтин алы гынар.

      Ол киэһэ кэнсиэр болдьоммут чааһыгар этэҥҥэ саҕаланан, дьон-сэргэ көнньүөрэн, сахалыы ырыаттан, көртөн-нартан сүргэлиин көтөҕүллэн, эбиитин дискотекаҕа үҥкүүлээн, киэҥ сиртэн кэлбит артыыстары астынан тарҕаспыттара.

      Сарсыҥҥытыгар, Килиим утуйан турбутугар, бэҕэһээ тоҥмута-хаппыта, сытан эрэ дьагдьайа айаннаабыта, илистибит бэйэтин моһуоктаабыт этэ. Киэһэ Орто Халымаҕа кэнсиэрдии турдаҕына муннун хаана барбыта. Онтон аны, өйдөөн көрбүтэ… сирэйэ сөрүөччү тарпыт этэ. Куорат буолбатах, ханна баран кимиэхэ үҥсэргээн туох көмөнү эрэйиэххиний? Кэнсиэрин ситэри ыыппыта, эбиитин дискотекатын, эмиэ эрэй бөҕөнөн да буоллар, ситэрбитэ. Сарсыарда туран балыыһаҕа сүүрбүтүн быраастар куттаабыттара: «Түргэнник куораттаа, балыыһаҕа эмкэ киирэ оҕус. Онто суох сирэйиҥ ити тоҥмут ньиэрбэтэ ыытыа-ыһыктыа суоҕа», – диэбиттэрэ.

      Хата, ол күн Дьокуускайга билиэттээх буоланнар, көтөн кэлээт, кини балыыһаҕа киирэн, ый аҥаара эмтэнэн үтүөрэн тахсыбыта. Онон Эрийэ-Буруйа саҕаттан эриллэр-буруллар уустук да түгэннэр Килиим олоҕун мэлдьи арыаллыыллар.

      «Мин ийэ оҕотобун…»

      Кырдьык, мин алаас уолабын

      «Мин ийэ оҕотобун» диэтэххэ, киһи үксэ «ээ, барахсаны, аҥаардас ийэ ыччата эбит дуу» дии түһээччилэр. Килиимҥэ итинник саҥа аллайыы сыһыана суох. Ийэ диэтэххэ, ийэ, аҕа диэтэххэ, аҕа, Сүөдэрэптэр диэн үтүөкэннээх ыал сэттис оҕолоро, ыраламмыт ыччата, уолаттартан кыралара буоллаҕа эбээт!

      От-мас көҕөрө тыллыыта, хатыҥ сэбирдэҕэ собо тылын саҕа буолуута, чыычаах уйа оҥостоору «ырып-чырып» ырыа бөҕөтүн дьиэрэтиитэ, кыс кэннэ туох барыта уһуктан сэргэхсийиитэ, үрүҥ түүн сырдыга сатыылыырын

Скачать книгу