Килиим. Огдо

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Килиим - Огдо страница 9

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Килиим - Огдо

Скачать книгу

Тус олоххутун көрүнүҥ, сатаныаҕа. Балык уолаттар кэргэн ылар кыыскытын көрсүөххүт. Балык кыргыттар үөрэххитигэр кыһаныҥ, туора-маары сүүрүмэҥ. Хойдор – эһигини билбэт киһигит сымыйаҕа олордуо. Онон биир да эдэр билбэт киһигитин кытта хантаахтаһымаҥ, харчыгытын кичэйэн ыраах уурунуҥ. Хойдорго анаан сэрэтии, хоолдьуккутун сэрэниҥ, халтарыйан охтубат курдук табыгастаах атах таҥаһын булунуҥ. Онно харчыгытын кэрэйимэҥ». Хайа, нохоо, хайдаҕый?

      – Оо, Килиим, таҥара курдуккун дии эн! Бу үчүгэйин. Уопсайынан, эн миэхэ… гонорар суотугар гороскоп оҥорон биэриэ этиҥ дуо?

      ?!! Ити кэпсэтии итинэн бүппүтэ. Килиим төһө да күллэр, харчыны тардыан сөптөөх этииттэн, бэри диэн бэркиһээн отой аккаастаммыта. Онтон ыла, били Бөтүүк сылыгар күнү көрбүтүн аанньа, гороскобун тус бэйэтэ анаарар буолбута, хата, чахчыта да оруннаахха дылы. Чахчы Бөтүүк да буолан диэтэххэ, кинини тулалааччы баһыйар өттө үксүгэр хахаарар-ихээрэр… кууруссалар эбиттэр. Кини курдук түөрт бииргэ төрөөбүт эдьиийдээх киһи аҕыйах. Бары ымсыыраллар. Ыанньыксыттыыр кэмигэр, биллэн турар, дайааркаларыҥ үгүстэрэ, барылара да кэриэтэ, кыргыттар. Кэнники үөрэнэ тиийбит сирэ – кыыс аймах. Кэнсиэрдииргэ турунуутугар ырыаһыттара эмиэ – кыргыттар. Кулууптарга үлэлээбитигэр, худруктан саҕалаан остуораһыгар тиийэ дьахтар эйгэтэ. Хайыамый диэн, Килиим үөһэ эрэ тыынар.

      – Миигин гороскоп итинник түстээн Бөтүүк гынан айбыт буоллаҕына, тугун утарылаһыамый, буолан эрдэҕим, – эрэ диэн, кэм даҕаны дьээбэлэнэр.

      Онон, Бөтүүк сылын оҕото, хоһуун-дьорҕоот буолуохтаах айылгылаах уол сүрүн эйгэтин – кэм даҕаны куйу-һайы, кымаах-имээх кыраһаабыссаларын кытта күн бүгүҥҥэ диэри ырааҕынан ыырданан бииргэ сылдьар, кэлэр-барар, айар-тутар.

      Олох эгэлгэтэ эриэккэс. 80-с сылларга Чагда кулуубугар үлэлээбиттээх. Туох да суох, эн ыраламмыккын, үтүөнү айыах-тутуох да баҕаҕын дьүһүйэр кыах мэлигир, маҕаһыын кураанах, ылбат-биэрбэт ыраҕынан эрэ ырааппаккын, сырдыгы санааҥҥын да туһа кэлбэт. Суоҕу суоруоҥ дуо? Итинник кэпсиири билиҥҥи киһи итэҕэйиэ да суоҕун курдук. Айабыын, ыксаабыт киһи кытайдар ырыынактарыгар даҕаны онуоха-маныаха диэри наадатын булан эриэ ини диэхтэрэ. Оттон ол саҕана, улуу дойду эстэрэ чугаһаан, ыһыллыы-тоҕуллуу үксээн, «тиийбэт тирии, тарпат тараһа» диэн бэргэн этии олохпутугар көстө турар кэмэ этэ. Дьон, олорбучча олорон, бэйэтин күүһүнэн кыана туттан, туораттан туох да көмөнү эрэйбэккэ, чиҥээн-чуумпуран олороро. Ону ол диэбэккэ, Килиим тэрээһиннэрин син биир ыыталыыр, кинилэри көҕүлээн күн талбытынан соһуталыыр. Оннооҕор бэримисиэл дьааһыгын паньыаратын тууран, быһан ылан уруһуйдаан, ыбылы лаахтаан баран бириис гынан туттарарын билиҥҥэ диэри санааччылар бааллар. Ити булугас өйтөн эрэ буолбакка, киһиэхэ үчү

      Конец ознакомительного фрагмента.

      Текст предоставлен ООО «Литрес».

      Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.

      Безопасно оплатить

Скачать книгу