Дьикти түбэлтэ. Василий Охлопков

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Дьикти түбэлтэ - Василий Охлопков страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Дьикти түбэлтэ - Василий Охлопков

Скачать книгу

Арай түгэх паартаттан сүрдээх сэмэй көрүҥнээх уол илиитин уунан маннык диир:

      – 1900 сыллаахха төрүттэммитэ.

      – Маладьыас, ол кини ханнык айымньытынан? – учуутал сэргэхсийэ түһэр.

      – «Байанай алгыһа» хоһоонунан.

      – Сөп, итини эн хантан истибиккиний? Өксөкүлээх Өлөксөй өссө ханнык айымньыларын билэҕин?

      – 2000 сыллаахха Суоттуга саха литературата төрүттэммитэ 100 сылын көрсө улахан тэрээһин буолбута. Онно сылдьыбытым. «Кэччэгэй баай», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» диэн айымньылардаах, – уол бэрт чобуотук эппиэттиир.

      – Өссө Кулаковскай Саха сирин оройуоннарын барытын кэрийбит, – симик куолаһынан биир үөрэнээччи эбэн биэрэр.

      – Ону эн ханна аахпыккыный? – учуутал инники паартаҕа олорор кыра кыыстан ыйытар.

      – Ийэм кэпсээбитэ. Саха тылын үөрэппит үһү.

      – Чахчы, Кулаковскай саха норуотун фольклорун хомуйбута, – учуутал быһаарар. – Сөп, чэ, оҕолор, итэҕэс да буоллар, Алексей Кулаковскай кимин быһаарыстыбыт. Кэлэр уруокка бары ааҕан, билэн кэлээриҥ. Ыйытыаҕым. Билигин «Үрүйэ» диэн хоһоону ааҕыахпыт, үөрэтиэхпит, ырытыахпыт. Кинигэлэргитин таһаарыҥ. Ким ааҕыан баҕарарый? Ол кэннэ хоһоон тылын-өһүн, ис хоһоонун кэпсэтиэхпит.

      Оҕолор умса көрдүлэр. «Илиитин ким да уумматаҕына, тылламматаҕына, учуутал кими эрэ ааттыыр?

      Сыыһа-халты ааҕан аны кыбыстыыга киириэхпит» дии саныыллар. Төрөөбүт тылы, литератураны билбэт буолуу – кыбыстыылаах!..

      Ыт – киһи доҕоро

      1941 сыл. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланан, ыарахан күннэр үүммүттэрэ. Хаабыһаптар дьиэ кэргэнтэн аҕалара Хабырыыс уонна икки уоллара сэриигэ ыҥырыллыбыттара. Кыыстара Маайыс соҕотох хаалбыта.

      Кыыс ытын доҕор оҥостон, тулаайах курдук бэйэтин санаммата. Тиэргэннэриттэн ханна да барбакка, балаҕаннарыгар бэйэлэрэ эрэ суулаһан олорбуттара. Таайа аах кыһын олорсоллоро, онон дьон суоҕар Суолдьут соҕотох дурда-хахха буолбута, бэл, кыыска дьону чугаһаппата.

      Биир сыл буолан баран, аҕата сураҕа суох сүппүтүн туһунан хара сурук кэлбитэ. Ол күн Маайыс икки хараҕа дьолтойо иһиэр диэри ытаабыта. Иккис сылыгар кыра убайа тааҥканан өстөөх кирбиитигэр киирэн иһэн, умайан өлбүтүн туһунан сурук туппута.

      Сэрии сылларыгар сут-кураан күннэр буолбуттара. Маайыс уон биэһин быйыл саас туолуохтаах, ону ол диэбэккэ, холкуоска үүт астааччыга көмөлөһөөччүнэн үлэлии киирбитэ.

      Биир сарсыарда аччыктаан, оронуттан кыайан турбакка сыттаҕына, ыта тыаттан куобах тутан аҕалбыта. Кыыс наһаа үөрбүтэ, оронуттан нэһиилэ туран, байааттаҥныы-байааттаҥныы куобаҕын астаабыта. Ол күн тот утуйбута. Ити күнтэн ыла Суолдьут кус, куобах тутан аҕалан, кыыһын аһатар буолбута. Сороҕор нэдиэлэни нэдиэлэнэн тугу да аҕалбата, оччоҕо буруйдаах курдук туттан, кылап-халап көрө-көрө сытаахтыыра. Күһүнүн отоннууллара, сайынын тэллэйдииллэрэ. Ытын доҕор оҥостон, кыыс тыаҕа куттаммакка

Скачать книгу