Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр. Галина Нельбисова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр - Галина Нельбисова страница

Жанр:
Серия:
Издательство:
Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр - Галина Нельбисова

Скачать книгу

охторун оҥостуулара эмиэ дьылҕа, ыйаах эппитинэн салаллыбыта. Луиза ыал буолан, талбыт курдук, уоллаах кыыс оҕолонон, толору олоҕунан олорбут курдук буоллаҕына, Ольга аҥаардас сылдьан сааһырда. Бу аҕыйах сыллааҕыттан, Луиза кэргэнэ, күтүөтэ Яков, ыалдьан олохтон барыаҕыттан, бэйэтин баҕатынан куоракка «Сарыал» диэн социальнай пансионакка киирэн олорор. Ол иннигэр Луизалаах тэлгэһэлэригэр тутан биэрбит кыра дьиэлэригэр соҕотоҕун олорбута. Биэнсийэҕэ тахсан да баран, сэлиэнньэҕэ социальнай үлэһитинэн үлэлии сылдьыбыта.

      Луиза Никитична балтын куоракка ыыппат буола сатаабыта, иккиэн бииргэ олоруох диэн эмиэ этэн көрбүтэ. Ону баара Ольга эттэ, санаата да, иннин биэрбэт киһи. Биллэн турар, Луиза кэргэнэ Яков суох буолбутун кэнниттэн мэктиэтигэр икки дьиэ тэҥинэн, тымныйбытынан барбыттара. Муустарын-мастарын да булуналлара ыараабыта, тыа сиригэр олорор дьон олохторун-дьаһахтарын хас биирдии боппуруоһа кыһалҕаҕа кубулуйар буолбута. Луиза балта Ольга кинини кытта биир дьиэҕэ сатаан олоруо суоҕун эмиэ билэрэ. Ыраас, бэрээдэк быһа сиэбит барахсана, дьиэҕэ биир устуул миэстэтиттэн сыҕарыйбытын, биир чааскы сууйуллубакка турарын, саараама, тулуйбат. Соҕотоҕун олоро үөрэнэн хаалбыт, дэлэҕэ атын ыал олоҕун бэрээдэгэр сөп түбэһэ сатаан эрэйи көрбөт. Биирдэ эмит эдьиийигэр киирэн таҕыстаҕына «иһиккин сууйбакка мунньа олороҕун, таракаан ыһара буолуо», «тэлэбиисэриҥ саҥата эчи улаханын», «хобу-сиби таһааччылары дьиэҕэр хорҕотон олороҕун» диэбит курдук, сэмэ-суҥха бөҕөтүн түһэрээччи. Луиза Никитична оҕо курдук мөҕүллэрин эмиэ сөбүлээбэт буоллаҕа. Кырдьык, кытта кырдьыбыт кэргэнэ, олоҕун доҕоро Яков суох буолуоҕуттан, санаатыттан-оноотуттан, аһыытыттан туохха барытыгар ээл-дээл сыһыаннаһар буолбут эмиэ кэмнэрдээҕэ.

      Аны кыыстаах уолун олоҕуттан, ыал буолбуттарын да иһин, долгуйан тахсарын балта эмиэ сөбүлээбэт этэ. «Оҕолоргутун сатаан ииппэтэххит, олоххо бэлэмнээбэтэххит» диэн эмиэ туспа куолулааҕа. Луиза балтын кытта төһө кыалларынан утары саҥарсыбат, истибэтэҕэ, өйдөөбөтөҕө буолан кыыһырсыыттан куота сатыыр. Оттон Ольга дуона да суохтан хомойбут аатыран хас да күн кэпсэппэккэ сылдьыан эмиэ сөп. Чэ, онон, икки балтылыылар тус-туспа олордохторо бу. Манна сэлиэнньэҕэ, биллэн турар, дьон олоҕун ырытар үгэстэринэн, ол туһунан ону-маны кэпсэтэллэр үһү.

      «Хайдах буолбут, эмээхсиҥҥиний» диэ… Ольга улаханнык кыыһырбыт быһыылаах. Киниэхэ билигин өйдөтө сатаан туһата суох буолуо, куоракка киирэн оннун-тойун буллаҕына биирдэ быһаарара ордук. Луиза Никитична син биир балтын сэмэтиттэн отуора хамсаата, сатаан утуйбакка, уҥа-хаҥас эргичиҥнээн, эрэйи көрө сытта. Суотабайын арыйаары хабан ылан иһэн төттөрү туумбаҕа ылан уурда. Ольга кини тугу да эппиэттээбэтэҕиттэн кыһыйан-абаран өссө суруйбут буолуохтаах.

* * *

      Луиза Никитична эрдэ туран дьиэтиттэн көһөөрү гыммыт киһи сиэринэн бөҕүн-саҕын хомунар, сааһыланар. Дьиэтиттэн тахсан барарыттан бастаан кыһаллыбат курдук этэ да, чугаһаатаҕын аайы аймана саныыра элбээн иһэр курдук. Балта этэригэр дылы, эдэр кыыс курдук киһини кытта суотабайынан билсэн баран эрдэҕэ. Аҕыйах сыллааҕыта инньэ диэбиттэрэ буоллар, кырдьык да, өһүргэнэн өттүгүн үлтү түһүө эбитэ буолуо. Ити таһынааҕы ыаллара ватсаабынан билсиһии бөлөҕө диэҥҥэ киллэрэн кэбиспиттэригэр, онно бу сарсыарда халлаан хайдаҕыттан, аан дойду, Арассыыйа таһымынан бэлиитикэҕэ тиийэ ону-маны кэпсэтэ, куолуласпыта буола сылдьан, биирдэ өйдөөбүттэрэ, куоракка олорор Иван Даниловичтыын иккиэн «личкалаһар» буолан хаалбыттар этэ. Ситим да нөҥүө киһи хайдаҕын, туох өйдөөҕүн-санаалааҕын билэр, анаарар курдуккун ээ. Иван Данилович хара бастакыттан тылыттан-өһүттэн култуурунайа, киэҥ билиилээҕэ-көрүүлээҕэ таһыччы биллэрэ. Хаһан да мээнэ-мээнэ саҥарбат, буолары-буолбаты тыллаһан соһуппат этэ. Хайа уонна тас көрүҥүттэн даҕаны, сахаҕа толуу көрүҥнээх, улахан уҥуохтаах уола хаан сааһырбыта көстөрө. Хойуу, өссө долгуннурар хара баттахтааҕа күрэҥсийбитэ өссө ис киирбэх оҥорор курдуга. Эдэригэр элбэх кыыһы ытаппыт уол оҕото быһыылааҕа. Юрист үөрэхтээх эбит, уһун кэмҥэ дойдутугар, хоту улууска, олорон үлэлээбит. Кэргэнэ ыалдьан суох буолбутун кэнниттэн, икки-үс сыл бэйэтэ олорбут. Соҕотох биир кыыс оҕолоох. Онто английскай тылга идэтийэн үөрэммит. Куоракка хас да сыл туристическай фирмаҕа тылбаасчытынан үлэлии сылдьан баран, Польшаҕа олохсуйа баран эрэр үһү. Онон, Иван Данилович куоракка үс хостоох кыбартыыратыгар соҕотоҕун хаалан эрэр. Кини олоҕор Луиза Никитична баар буолбутун туһунан кыыһыгар өссө этэ илик. Кыыс ону хайдах ылыныаҕыттан иккиэн да олус толло саныыллар.

      – Хайыа, аҕыйах хонугунан куорат чүөчэтэ, хомунуу-иминии кытаанах дуу? – диэбитинэн оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыыһа Агафья айалаан-дьойолоон, аҕылаан-мэҥилээн, сылайан-элэйэн киирэн кэлэн соһутта.

      – Оттон баран эрэбин быһыылаах дии, – Луиза Никитична эмиэ да буруйдаммыттыы туттан малын хаалыы сылдьар кытай эриэн суумкатыгар олорунан кэбистэ.

      – Саарыыгын да ол? – Агафья Луизаны үөрэтэрдии одуулаан турда.

      – Ээ, оттон оройбунан көрбүт кыыс оҕо буолбатахпын, оҕолорбор да чугаһыы таарыйа, икки огдообо олорон көрдөхпүтүнэ хайдаҕый диэн быһаарынным дии.

      – Сөпкө гынаҕын, Лууйуска, сөпкө. Оҕолор

Скачать книгу