Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр. Галина Нельбисова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр - Галина Нельбисова страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр - Галина Нельбисова

Скачать книгу

уларыйбыт курдук. Ордук Максимын атыҥырыыр. Ийэтэ куоракка кэлиэҕиттэн биирдэ да түптээн-таптаан олорон кэпсэтэ илик, оннук наллаан кэпсэтииттэн куотунар да курдук. Ханна эрэ ыксаабыта, ойон туран барбыта эрэ баар буолан иһэр. Көр, уонна ити ийэтэ киэҥник, дэлэгэйдик олорорун көрөн, кэргэнин, оҕолорун хааллартаан ыраах тэлэһийэргэ сананнаҕа. Кини баран хааллаҕына, кийиит, кырдьык, хайдах соҕотоҕун икки оҕону кытта олоруоҕай? Дьиэҕэ куортам төлөөбөккө, манна кэлэн, харах далыгар олороллоро ордук курдук. Оо дьэ, Иван Данилович ону хайдах ылыныаҕай?! Түбүгү, кыһалҕаны сүкпүт саҥа кэргэн буолаары гынным быһыылаах ээ…

      Оттон Иван Данилович хоһугар киирэн утуйа түһүөн баҕарбыта да, сибилигин уута кэлбит аҕай бэйэтэ ааһан хаалбыт курдуга. Ити Луиза Никитичната, сороҕор, кинини кытта олох тэһийбэт дуу, хайдах дуу? Наар туох эрэ санааҕа ыллара сылдьар курдук буоллаҕына, кини өйдүөхтээх, өйүөхтээх, хараанныахтаах эр киһи буолан долгуйан барар. Ватсаабынан да буоллар, бэрт, киһи сирбэт дьахтарын түбэһэн билсибититтэн үөрэ саныыр. Катята барахсан манна куоракка көһөн кэлэн, кыыстара Дайаана булан-талан биэрбит бу мааны дьиэтигэр аҕыйах сыл эрэ олороохтоотоҕо. Үөрбүтэ даҕаны, Иван хоту дойдутун хаалларан, киин сиргэ, куоракка кэлэргэ сөбүлэспититтэн. Бэйэтэ куораттан чугас, Нам сирин кыыһа буолан куоракка уруккуттан тардыһыылааҕа. Иваны таптаан кэбиһэн, үөрэҕин бүтэрэн баран, биир тыла суох хоту түспүтэ. Хойукка диэри тэһийбэккэ эрэйдэммитэ быһыылааҕа да, хоту сир олоҕун илгэтигэр сотору үөрэммитэ. Кинилэр соҕуруу куоракка үөрэнэ сылдьан билсэн, сотору кэминэн ыал буолбуттара. Дайааналара онно төрөөбүтэ.

      Иван Данилович сааһырбыт киһи сиэринэн уруккуну-хойуккуну эргитэн аҕалан саныыра элбээбит. Сааһын тухары сүрэҕин бүччүм муннугар, бэйэтэ эдэригэр тэптэрэн, муннарбыт, сүтэрбит тапталын уобараһа олорор. Ол тырыбыныы-тырымныы, тапталтан дьолломмут кыыс кэрэ мөссүөнэ сүрэҕэр оспот бааһы хаалларбытын биллэрэн сотору-сотору санаатын оонньотор, сыппах быһахтыы аалар. Өрүү даҕаны ол кыыһа ханна тиийэн, туох дьылҕаланан олорорун билиэн-истиэн наһаа баҕарара да, хайдах да кыаллыбатаҕа. Арай бу куоракка, киэҥ сиргэ кэлэн баран, арай манна олохсуйан олорор буоллун, алҕас ханнык эрэ суол тоҕойугар көрсө түстүбүт диэн санаан ылара. Ол санаатыттан бэйэтэ да куттанара, тугу саныырбын курдары билиэҕэ диэбиттии, Катятын диэки көрөн ылбытын билбэккэ да хаалара. Акаарытык да куоппут эбит таптаабыт кыыһыттан. Сүгүн тугу да быһаарбакка, кырдьыгы этиэҕин куттанара бэрдиттэн. Дьиҥинэн, ол түүн кинини наһаа таптаабыт Катя барытын түргэнник быһаарыллар суолга тириэрдибэтэҕэ буоллар, дьылҕата олох атыннык салаллыахтаах этэ. Катяҕа кини, ол да сахтарга кыһыҥҥы сынньалаҥтан өйдүүн-санаалыын, сүрэхтиин-быардыын тапталга ылларбыт киһи, чиэһинэйдик этиэхтээх этэ. Аҥаардастыы кыыс иэйиитин харыстаан, иэрэҥ-саараҥ сылдьарын эрдэттэн билэрэ ээ, эмиэ хомотуон куттанар эбит. Чэ, бэйи, отой да нуктаан абырамматын оҥоһунна…

* * *

      – Хайа, уопсастыбаҕа туох сонун баа-ар? –

Скачать книгу