Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр. Галина Нельбисова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр - Галина Нельбисова страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр - Галина Нельбисова

Скачать книгу

дьонун соҥнуу олордоҕо ити.

* * *

      – Ыксаама, Максим. Биирдэ ийэҕэр кэлэн бараҥҥын. Эн Ангелинаҕар сыһыаҥҥын таһыттан хомойо көрөбүн. Кыратык даҕаны дьиэҕэр тохтуу түһэн көмөлөһө түһүөххүн, уолаттаргын кытта дьарыктаныаххын. Оҕолоруҥ утуйуохтарыгар диэри түннүккэ олороллор үһү дии, эйигин кэтэһэн…

      – Эһиги иккиэн биири лэбий да лэбий. Оттон быһаарыннаҕым дии, туспа баран үлэлээн кэлэргэ. Аймалҕаны тартаххытый. Атын эр дьон турдулар да, баран хаалаллар дии. Дьиэбэр барыахпын да баҕарбаппын, Ангелина син биир нуойдуу көрсүө, сүгүн да чэйин иһэрдиэ суоҕа. Аныгы өрөбүлгэ көһөртүөҕүм, ону этээри кэллим. Бу үлүгэр улахан дьиэлэнэн олорон сиэннэргин ылымаары гынаҕын дуу? Оччоҕо бардыннар тыаҕа, салгыҥҥа, анараа эбээлэригэр. – Максим суотабайыттан илиитин араарбакка олорон ийэтин кытта чэйдээбитэ буолла.

      – Инньэ диэбэппин ээ, Максим. Ангелинаҥ тугу үлэлээри тыаҕа барыаҕай, онно бэйэлэрэ нэһиилэ олороллорун бэйэҥ билэҕин.

      – Чэ оччоҕо, кэпсэтии бүттэ, ийээ. Сиэннэриҥ өрөбүлгэ эбээлээх эһээлэригэр көһөн кэлиэхтэрэ. Хата, бэрэскиигин, кэтилиэккин хаһаанан оҥостон кэбис. Онтон-мантан санаарҕыы олорума, – Максим ситэри чэйин да испэккэ, тахсан барбыта.

      Ити уол дьэ үчүгэйкээн кыыска түбэһэн баран, туох да сүнньэ суох буккулла сылдьар. Аҕатын үлэһитин, дьиэҕэ-уокка бүгүрүтүн иҥэриммэтэх курдук. Дьаакып барахсан элбэх саҥата суох сылдьан, барытын бүтэрэн-оһорон, булан-талан үтүө киһи этэ буоллаҕа. Максимы улаатар сааһыгар оройуон киинигэр физмат оскуолаҕа ыытан кэбиһэн сыыстарбыттар дуу? Ол үөрэнэ сылдьан, дьиэтигэр сынньана таҕыстаҕына көмпүүтэртэн арахпакка мөҕүллээччи. Дьаакып аны майгытынан сымнаҕас этэ, уолун дьаһайа сатаан баран, бэйэтэ оҥорбут-туппут, бүтэрбит буолааччы. Кыыстара Оксана эмиэ олус атаахтык иитиллибит оҕоҕо киирсэрэ буолуо. Оннук улааппыта. Таҥара көмөтүнэн, эмиэ бэрт уолга тахсан баран, эдэрэ бэрт буолан дуу, онтун суолталаабат быһыылаах.

      Иван Данилович Ангелиналаах көһөн кэлэллэрин биир тыла суох өйөөбүтэ. Кыыһыгар эппит буолуохтаах, анарааҥҥыта, таайдахха, олус биһирии ылыммата ини. Тыый, Настяттан сурук кэлэн түстэ. Эмиэ, туох эрэ диэн дьээбэлээри гыннаҕа… Таайбыт курдук, «Убаастабыллаах Иван Данилович, Луиза Никитична, эһиги билсибит «Көмүс күһүн» түмсүүгүт сынньалаҥ киэһэбитигэр күүтэбит. Эҕэрдэлиэхпитин баҕарабыт, ханна буоларын, чааһын этиэхпит» диэннээхтэр. «Мустар сир булбакка сылдьабыт. Буолар түбэлтэтигэр Иван Даниловичкын тоҕонохтонон баран кэл эрэ, Луиза. Илэ көрөн, биһиги, өссө да соҕотохтор, эрэлбит күүһүрээрэй?!» диэбит Настя. Ээ, ким билэр, Иван Данилович наһаа баран испэтэ буолуо. «Ватсап да бөлөҕөр хайдах киирэн хаалбытым буолла, бука, эйигин көрсөр ыйаахпар ини…» – диэн күлэн эрэрэ. Куоракка олорор табаарыстара ыйыппакка да киллэрбиттэр үһү. Дьэ, кырдьык, бу миигин, кыһалҕалаах бэйэлээх тыа дьахтарын, көһөрөн киллэрэр быатыгар эбит.

* * *

      – Пахай, Бааска куоракка тахсан баран арыгылаан кэбиспит үһү. Люция Павловна кыыһыран

Скачать книгу