Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр - Галина Нельбисова страница 10
– Ээ, үөрэнэн. Кэнники кэмҥэ ол былдьаммыт дьиэбэр мэлдьи кутталга олорон, утуйарым-аһыырым да алдьанан олох иэдэйбитим ээ. Сотору-сотору суут приставтара кэлиэхтэрэ диэн кутталга олорбутум, салыбырас буолан хаалар этим. Бастаан сарылаппытынан истиэҥкэм дуомун уонна биэнсийэбиттэн мунньан муҥнаммыт сабыс-саҥа тэлэбиисэрбин илдьэ барбыттара. Онтон ол уолум сыакаар хантан төлүө баарай? Үлүгэрдээх иэһин дьиэҕитин биэрэн толуйаҕыт диэбиттэригэр дөйбүт курдук олорон эрэ биэрээхтээбитим. Кыбартыырабыт иһин төлөөбөтөхпүт хас да сыл буолбут үһү. Мин буоллаҕына ый аайы дьиэни төлөө дии-дии, уолбар биэнсийэбиттэн уоннуу тыһыынчаны биэрэр этим. Буҕаалтыр ааттаах киһи өйдөөҕүмсүйэн, кибитээнсийэтин көрдөөтөхпүнэ кыыһыран хаһыытаан биэрэр этэ.
– Оо, Дора Никандровна, эрэйи да көрбүккүн. Хайдах буолбут муус сүрэхтээх оҕонуй, ыал буолбатах киһи дуо? – Евдокия сөҕөн-махтайан үөһэ тыына эрэ олордо.
– Ыал буола сылдьыа дуо, арыгыны, пиибэни эмсэхтэнэн, биир да күн үлэлээбэккэ сылдьан, бөлөҕүнэн охсуһууга кыттан, олорон кэлбитэ. Ол дойдуттан киһи билбэт киһитэ буолан, майгыта алдьанан төннүбүтэ. СПТУ-га слесарь идэтигэр үөрэммитэ да, сүгүн-саҕын ылан үлэлэппэттэр этэ. Хаайыылаах диэн хаймыылааҕа мэһэйдиир быһыылааҕа. Билигин бу мин манна, үтүө дьон көмөлөрүнэн киирдэҕим, кини таһырдьа кэриэтэ хааллаҕа. Ол санаатыгар аалларан, манна да сүгүн утуйбаппын. Бээһээ дьукаахтарым «наһаа мөхсөн утуйар киһи эбиккин, оронуҥ хап-хачыгырас» диэн сэмэлээн эрэллэрэ.
– Дора Никандровна, ол улахан киһини манна олорон хайдах да салайбаккын. Ийэм диэн истиэ, харыстыа эбитэ буоллар, эрдэ толкуйданан, көнөн, манныкка тиэрдиэ суох этэ. Бачча үчүгэй усулуобуйалаах пансионакка түбэспиккэр махтан уонна бэйэҥ доруобуйаҥ туһунан санаа ээ… – Ольга суос-соҕотох оҕотуттан эрэйгэ тэбиллибит барахсаны туох диэн тылларынан уоскутуон билбэтэ даҕаны.
– Ээ, ол билигин кэлэн туоҕум туһугар доруобуйабын көрүнэбин? Оҕом таһырдьа хаама, аччыктыы сырыттаҕына, – Дора Никандровна уйа-хайа суох ытаан, санна дьигиҥнээн барбытыгар Ольгалаах Евдокия иккиэн ойон туран, уоскутар аакка түстүлэр.
– Оҕотуттан ити айылаах охсуу ылан, атаҕастанан баран, билигин даҕаны аһынар аакка сылдьар эбит дии, – Ольга Дора Никандровна аймалҕанын көрбүтүттэн сөҕө санаабытын быктарда.
– Ийэ барахсаҥҥа ханнык да түгэҥҥэ күндүтэ, күнү көрдөрбүтэ оҕото буолан бүппэт. Эрэйдээх кырдьар сааһыгар оҕотун туһуттан хараҕын уутунан суунара иэдээн дии. Олох сүрэҕим хамсаата, сатаан утуйуом да суох.
– Итинниккэ тиксиэх кэриэтэ оҕоломмотох да ордук эбит дии санаабаккын дуо? – Ольга кыһыйбычча-абарбычча эмиэ санаатын баллаччы этэн баран, кэмсинэ санаата.
– Оо, дьахтар киһиэхэ оҕо диэн Таҥара бэлэҕэ, Айыы чыычааҕа буоллаҕа дии. Кини хайдах киһи буолан иитиллэн тахсара төрөппүтүттэн эрэ тутулуктаах буолбат быһыылаах. Төрөппүт эрэ оҕотун олох дьолугар анаан улаатыннарар