Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр. Галина Нельбисова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр - Галина Нельбисова страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр - Галина Нельбисова

Скачать книгу

эрэбин диэн. Үчүгэйдик толкуйдан, «Сарыалга» төттөрү киирэриҥ ыарахан буолуо диэн этэ сатаабытым.

      – Майгыта уустук киһи, ол ыала хайдах кинини тулуйаары ылбыттара буолла. Ама да биэнсийэтигэр ымсыырбыттарын иһин.

      – Оччоҕо эһиэхэ саҥа киһини киллэрдилэр дуо?

      – Киллэрэн буоллаҕа, эмиэ олоҕор туспа эрэйи көрбүт киһи оннун булан кэм уоскуйда. Суос-соҕотох уол оҕолооҕо үлүгэрдээх иэскэ киирэн, биир хостоох кыбартыыраларын суутунан былдьаппыт. Ханна да барар сирэ суох буолан, хата үлэлээбит тэрилтэтин профсойууһа «Сарыалы» булан олохтообут.

      – Оок-сии, дьэ оҕо диэн баран муннукка ытыыллар да, ханна баарый, кырдьар саастарыгар кинилэр тустарыттан таһырдьа быраҕылыннаҕа ол, – Ольга сөрү диэн сөҕөн баһын быһа илгистибитин билбэккэ да хаалла.

      – Оттон олоххо оннук буолар быһылаах. Эдэр сылдьан оҥорбут алҕастарбытыттан эрэйгэ тэбиллэрбит эмиэ баар, – Нина Филипповна дириҥник үөһэ тыынан ылла.

      – Нина Филипповна, бырастыы гын, эн оҕолордооххун дуу? – Ольга ыраахтан сэргии, сэҥээрэ көрөр дьахтара бэйэтэ кэлэн кэпсэппитигэр түбэһиннэрэн ыйытарга сананна.

      Манна тугу гыналлара баарай, айылҕалара өтөөхтүүр, дьахталлар буоллахтара, син биир бэйэ-бэйэлэрин олохторун, дьылҕаларын интэриэһиргэһэн ылаллар.

      – Хайдах диэххэ сөп эбитэ буолла… Биирдэ оҕоломмут уонна онтубун бырахпыт буруйдаахпын… – Нина Филипповна куолаһа кэһиэҕирэн ылбытыттан Ольга ыксаата, бэйэтэ, кэлэҕэйдии сыһа-сыһа, ыйытта:

      – Оо, ол аата хх-айдах?

      – Эдэркээн сылдьан кэргэннээх киһиттэн ыарахан буолан хаалбытым. Кэргэммиттэн субу арахсабын, сатаан олорбоппут диэн элэ-была тылын итэҕэйэн бөҕөбүн. Дьиҥинэн, пионер, хомсомуол ииппит оҕото буоллаҕым, өйдүүн-санаалыын бэрээдэк бөҕө киһи этим. Төрөппүттэрим бараххаттар эмиэ ып-ыраас санаалаах, чиэһинэй дьон этилэр. Мин олоҕум оонньуутуттан санаарҕаан бу дойдуттан эрдэлээбиттэр эбит диэн санаа аалар. Алта оҕолоох ыал соҕотох кыыстара этим. Миигин үчүгэй киһиэхэ кэргэн тахсыа, хайаан да ньиргиччи сыбаайбалаан, оҕобутун ыал оҥоруохпут диэн ыралаан тахсаллара. Түөрт уол кэнниттэн эрэ кэлэн абыраабыт күндү кыыспын. Онтулара куоракка устудьуоннуу кэлэн баран, уол баранан, кэргэннээх киһини кытта билсэр. Дьонум кэлэйэн, хомойон бөҕө буолтара. Таптаабыт киһим буоллаҕына ыарахан буолбуппун истээт, уларыйан хаалбыта. Кэргэнэ деканакка үҥсэн, аҕыс айдаан буолбута, тэрилтэтигэр партийнай мунньах дьүүллээбитэ. Миигин боротокуолу толороору комсомольскай мунньах тэрийэн сэмэлээбиттэрэ. Дьоммун кытта улаханнык иирсибитим, оҕо күүтэ сылдьан дойдубар биирдэ да бара сылдьыбатаҕым. Дьэ уонна куоракка оҕолонон баран, дьон сүбэтинэн, оҕобуттан аккаастанарым туһунан суруйбутум. Ол кэмҥэ дьонум барахсаттар санаалара буолбакка, оҕоҕун илдьэ таҕыс диэн сурук ыытаахтаабыттар этэ. Хойутаабыт этибит. Сураҕа, балыыһаттан илдьэ барбыттар. Балыыһа үлэһитэ аймахтарыгар бэрдэрбитэ быһыылааҕа, олус түргэнник быһаарыллыбыта.

      – Оо дьэ,

Скачать книгу