Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр. Галина Нельбисова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр - Галина Нельбисова страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр - Галина Нельбисова

Скачать книгу

үлэлии сылдьыбыта. Бэйэтэ оҕо саадын иитээччитэ идэлээх, педагогическайы бүтэрбитэ. Кэлин биир баай ыалга уһуннук олордо, сураҕа. Оттон бу күннэргэ, саҥа хаһаайкатын кытта тапсыбакка, таһырдьа үүрүллүбүт.

      – Айыбыын, дьэ буолар да эбит, олох киинэҕэ курдук диэбэккин дуо?! Ити аныгы сериалларга араас остуоруйалары көрдөрөллөр дии, горничнайдар диэн ааттаах дьахталлар тустарынан. Атын ханна да барар сирэ суох буолаахтаабыт дуо, оҕо-уруу, кэргэн тэриммэтэх киһи дуо эмиэ?

      – Суох, соҕотох, кырыйда итинник. 60-нун туолбут, ол саатар хаһаайына огдообо хаалан баран, саҥа кэргэннэммит эбит. Огдооболоон да, сыл да буолбатах быһыылаах. Кэргэнэ ыалдьа сытыаҕыттан ол дьахтары аҕалар этэ диир. Иэдээн дии: кэргэнэ иккис этээскэ оронтон турбат буола ыалдьа сытар үһү, киһитэ аллараа этээскэ ол көссүү дьахтарын сирэйэ-хараҕа суох аҕалар эбит. Евгения сөбүлээбэтин биллэрэр эбит эрдэттэн, ол иһин дьиэҕэ хаһаайка курдук киирдэ даҕаны, аан бастаан киниттэн босхоломмут. Саҥа хотун бастакы нүөмэрдээх укааһыгар түбэстим диир. Эдэрчи буо, 40-лаах дьахтар быһыылаах. Хайдах эрэ көмөлөспүт киһии… – Евдокия Федотовна ыксаатаҕына буоларыныы, төттөрү-таары хаамыталаата.

      – Люция Павловнаҕа этэ сылдьыаҕым. Үнүр киириэн баҕалаахтар испииһэктэрэ диэни, бэрт уһуну тэлимнэтэр этэ. Киһи ыйытыан да табыгаһа суох курдук.

      – Били Мавра Петровна оннугар киирдэхтэрэ дии.

      – Сонно буоллаҕа. Бээһээ Ниналыын кэпсэтэ сылдьыбытым. Саҥа кэлбиттэртэн киллэрбиттэр. Уоллаах эрээри, онто улахан иэскэ киллэрэн, дьиэтэ суох хаалбыт барахсан киирбит.

      – Оо дьэ, араас кыһалҕа элбэҕэ бөҕө. Евгения билигин бииргэ төрөөбүт быраатын аахха баар эбит, кийиитим олох сөбүлээбэт, иһитин-хомуоһун тыаһа ыраатта диир. Ол иһин дьоҥҥо мэһэйдээмээри атын сири көрдөнөр.

      – Оннук буолумуна, өбүгэлэрбит «Уруу ырааҕа, уу чугаһа ордук» диэн олох муудараһын эттэхтэрэ. Төһө даҕаны хаан-уруу аймахтарыҥ буолтун иһин, бииргэ олоруохха диэтэххэ айыкка, доҕор. Төһө да соҕотоҕуҥ иһин, туспа хаһаайыстыба курдук сананаҕын бээ… Эдьиийим аны сайын тэлгэһэбитигэр баран сайылыахпыт диэн ымсыырдар. Тэлгэһэбин ахтабын бөҕө, сайын, арааһа, барыахха сөбө буолуо дии санаатым. Саҥа күтүөппүтүн арыаллаан, кыргыттар тиийиэхпит дии, – Ольга мичээрдээтэ.

      – Оттон ол күтүөккүн көрө хаһан бара сылдьаҕын маннааҕы дьиэлэригэр?

      – Ээ, ыал көһөн кэлбит дии. Уола аах икки оҕолорун илдьэ. Уоскуйа түстүннэр, оннуларын буллуннар дии саныы сылдьабын. Ону баран ыйан-кэрдэн, сэмэлээн эмиэ куһаҕан эдьиий аатырыам. Күтүөт да сууллан түһүө, аны кырдьаҕастар дьиэлэригэр манныктаах эбиппит дуу диэн. Туох ааттаах түбүктээх дьахтары ылбыппыный диэн, аны эдьиийбин утааран туруо.

      – Оттон тиийээт хамаандалыаҥ суоҕа дии, саҥа киһиттэн туттунуоҥ, – Евдокия дьукааҕын саҥа көрбүт киһилии, үөрэтэрдии көрөн олордо.

* * *

      – Максим, ити саатар биирдэ эрдэ кэлэн бараҥҥын төлөпүөнү туора ууран эриэххин. Уолаттаргын мөҕөҕүн, бэйэҥ атын холобуру көрдөрөҕүн, –

Скачать книгу