Платон Ламутскай. Нимкакич. Группа авторов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Платон Ламутскай. Нимкакич - Группа авторов страница 7
Лами күөл кытылын,
Өлэньэ Босагандьатын
Сир-дойду оҥостоннор,
Хара тыатыгар бултааннар,
Далай уутугар балыктааннар
Киһи-хара буолбуттара.
Оччоҕо эрэ
Өстөөх күөнүн утары
Үҥүү-батас көрсөр кыахтааҕа.
Ол күүһүн өҥө оҥостон,
Хас да үйэлэргэ өнүйэн,
Тигинээн олорбуттара.
«Хайа танмаритын курдук…»
Хайа танмаритын курдук
Хойуу ной буруолаах,
Халаан уутунуу күүстээх,
Эрчим, хоһуун дьонноох
Эвэскэн аймах удьуора,
Бэһэл эвен аатыран,
Увань хаана, «дьиҥнээх киһи»,
Тоҕуоруйан олорбуттара.
«Кинилэр чугас ыаллара…»
Кинилэр чугас ыаллара
Сүрдээх быһый кижи,
Билигин мөлтөөтөр даҕаны,
Сэрииһит удьуор бүрээт,
Бэрт үгүс дарбаан тыастаах
Курикэн омук баара,
Ханна эрэ кыргыс диэн
Атастар бааллара үһү.
«Манна кэлэн эвэскэннэр…»
Манна кэлэн эвэскэннэр
Сорох ыаллары кытары
Кырыктаах кыр өстөөҕө,
Сорох аймахтардыын
Уруулуу курдук эйэлээҕэ.
Кинилэр үтүө үгэстэрин
Кыра кыралаан ылбыттара,
Бэйэ сорох абыычайдарын
Атыттарга бэрсибиттэрэ.
«Оо, бу удьуор тыынын салҕаан…»
Оо, бу удьуор тыынын салҕаан
Дьиҥнээхтик киһитиппит
Табаларынан көспүттэрэ,
Таба ииттэн дьарыгыртара.
Көлөлөөх омук аатыран
Эвен Сибиири тунуйбут,
Истиэп устунан сэмсээбит,
Хоту-соҕуруу тиийтэлээбит.
Оҕо төрүүр
Сяньби сойууһун тобоҕун
Ньөлбуни каганкан сирдиир.
Үс аҕа ууһун биир-биир
Бөлөхтөөннөр өйөннүлэр.
Тэйдэр тэйэн, бардар баран,
Тюрк-каган судаарыстыбаттан
Быдан ыраах күрэннилэр.
Күннэтэ үтүрүллүүттэн,
Быһыта хадьырыллыыттан
Быстах эрэ уоскуйдулар.
«Мантан ыла сыал-сорук…»
Мантан ыла сыал-сорук
Дуоннаах син уларыйбатах.
Тыыннаах буолар иннигэр,
Булду бултуур туһугар
Киэҥ сири тилийэ сүүрүөххэ,
Иҥиир-күүс эрчимин
Харса суох туттуохха.
Күн ахсын ол оннук этэ.
«Наматкан удьуор ыччата…»
Наматкан удьуор ыччата
Ньөлбуни диэн аҕалаах,
Буркан диэн ийэлээх
Бэһэ эвен наматканнар,
Элбэх хаан аймахтардаах,
Кинилэр эрэ дэтэннэр,
Баһылык удьуор сураҕыран,
Бу дойдуга олорбуттара.
«Онно…»
Онно
Хотун Буркан дьонугар
Кистээн үөрдэр кэһиилээх.
Кини дьолуота сотору
Уолу төрөтөн дьоллуохтаах.
Оччоҕо үөрэн
Хара