Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь. Отсутствует
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь - Отсутствует страница 27
ДЬААЛ (дьаалы) 1. воля, своеволие; көҥүл дьаалы по своей воле, без вмешательства со стороны; оҕо дьаалатынан сайдар растёт в соответствии со своей природой; үлэ дьаалатынан устар работа идет самотёком; улуу дьаалы своевольный, гордый; 2. дьаалатынан сылдьар беспечный, беззаботный; нехотя, неохотно, с нежеланием; ар-дьаалы ишь какой.
ДЬАЛАА обстоятельность; дьалай вникать, вдумываться, обращать внимание; дьалаата суох безмерный; дьалайбат не обращает внимания; дьалаҕай неодобр. халатный, небрежный, неаккуратный, рассеянный.
ДЬАЛБАА неодобр. рассеянный, забывчивый, легкомысленный; дьалбаарый делаться бестолковым, невнимательным.
ДЬАЛБАРЫЙ экспр. халбарый отставать, отодвигаться, отстраняться; дьалбарыт, үтэй отстранять, очищать, освобождать от злых духов (о действиях шамана).
ДЬАЛБЫЙ камлать, совершать заклинание (о шамане); дьалбыыр кнут шамана с привязанными в семи местах конскими волосами.
ДЬАЛКЫЙ плескаться, колыхаться, волноваться; уу дьалкыйар плещется вода; ыаҕастаах уу дьалкыйбат не плеснёт вода в берестяном ведёрке, т. е. тихая, спокойная, размеренная жизнь.
ДЬАЛЛАҔАР имеющий широкие края, разверстый; дьаллай зиять, расширяться.
ДЬАЛЛЫК (кыыбаҕа, кыдьык) порок, дурная привычка; болезнь.
ДЬАЛХААН большая волна, вал, штормовой ветер; беспорядок, волнения, последствия войны; дьалхааннаах неустойчивый; тревожный, беспокойный.
ДЬААМ ям, почтовая станция; утроба, живот; ырҕа дьаама туолла набил себе брюхо; аам-дьаам бессвязный.
ДЬАНЫАР настойчивость, упорство; дьаныардаах настойчивый, упорный; неотступный, докучливый; дьаный быть упорным, навязчивым; дьаныс делать упорно, настойчиво; дьаныһан туран с большим упорством.
ДЬАҤ 1. непродолжительное острое заболевание, хворь, недуг; 2. эпидемия, чума, мор, повальная болезнь; ис дьаҥа эпидемический понос; дьаҥнаа заболеть, захворать; дьаҥнаатым прихворнул.
ДЬАҤСА неодобр. – осуд. ворчливый, сварливый; дьаҥсай ругать, бранить, не отставая.
ДЬАҤХА муус дьаҥха сосульки, лаҥха старая трава прежних лет на лугах.
ДЬААҤЫ скалистые горы, каменная гряда; высокая каменистая гора с обнажённой вершиной; дьааҥылаах скалистый.
ДЬАППА расщелина, овраг между выступами; аппа-дьаппа сирдээх; дьаппаҕар полый, полуоткрытый.
ДЬАПТАЛҔА (араҥа, саас) слой, пласт; таас дьапталҕа каменная гряда.
ДЬАР гын 1. издавать звук (от падения сухой доски); 2. нервно вздрогнуть, встрепенуться; этим дьар гына түстэ я встрепенулся.
ДЬААР (ыы) острый, неприятный запах, вонь; приторный вкус, привкус парного молока; ыт ыыта, ыылаах эт, дьахтар