Атырдьах сэргэ. Данил Макеев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Атырдьах сэргэ - Данил Макеев страница 5
– Иэдээн буолла… Сүөһүбүтүн-аспытын хайдах сыл таһаарабыт. Манна бэрт аҕыйах оттоохпут. Маралаайы үрэҕэр дьонно тэрийэн ыытыахха. Салайааччынан Бүөтүрү анаатахха саатар сэттэ-аҕыс оту туруорар инилэр. Үнүр дулҕалаах, уулаах сиригэр киһи тирбэҕэлэһиэх ото баар эбит диэн эрэрэ, – диэбитэ.
Иккиэн бэрт өр олорон, сыымайдаан сэттэ киһини – икки оҕонньору, үс эдэрчи, оҕото-уруута суох дьахтары уонна Ыстапаан, Дьуонуска диэн чороччу улаатан эрэр уолаттары тэрийэн ыытарга диэн быһаарбыттара. Барааччыларга биир аты, икки оҕуһу биэрэр буолбуттара. Сөдүөт үс-түөрт оҕонньору хомус баайыытыгар туруоруох буолбута.
Лаҥхаайыкы уонна Элэһин диэн бэрт хойуу хомустаах күөллэри таһынан Улахан Эбэ диэн алта арыылаах, бу эҥээр олорор дьону иитэр-аһатар күөл хомуһун баайарга быһаарыммыттара. Оҕонньотторго көмөҕө олдьот уолаттары анаабыттара.
Кыһарҕаннаах кыһын ыган кэлбитэ. Күһүн хаар түһүөн эрэ иннинэ субан сүөһүлэри сүүрбэччэ көстөөх сиргэ, өрүскэ кыстата киллэрбиттэрэ. Ол сүөһүлэр кыстыыр хотоннорун, үлэһиттэр олоруохтаах балаҕаннарын тутуу, аһыҥа сиириттэн тоҕус сорунан быыһаабыт дуона суох бурдуктарын быһыы, кыстыкка киирии атын да бытархай, ол эрээри хайдах да уталытыллыбат үлэлэрэ дьон-сэргэ хара көлөһүнүн супту уулаабыта, сыратын-сылбатын быспыта.
Кыһын кыһалҕанан, тымныынан кыһарыйан тиийэн кэлбитэ. Ас-үөл олус кырыымчык этэ. Туох чорбойорун барытын фроҥҥа диэн туура тутан ылаллара. Олунньу саҥатыгар Мэхээлэ өрүскэ кыстаан олорор дьонугар өйүө сыыһа илдьэ таарыйа, билсэ диэн барбыта. Аара хонон дьонугар тиийбитэ этэҥҥэ олороллор этэ. Төннөрүгэр ата ыран хаалан икки хоммута. «Кыһыл Сулус» холкуоска хонон турбутун кэннэ, сарсыарда дьиэлээх оҕонньор хатыҥ үөстээх чэйи иһэ олорон, төһө да эмээхсининээн үһүөйэх эрэ буоллаллар:
– Эһиги диэки дьон-сэргэ хайдах олороллор. Биһиэхэ хас да киһи хоргуйан өллө, – диэн сибигинэйэн кэпсээбитэ. Мэхээлэ ити кэпсээни бэркэ дьулайа истибитэ. Кинилэргэ да хоргуйуу ыган иһэрин бүтэйдии сэрэйэрэ. Барарын саҕана оҕонньор:
– Дьэ, тукаам. Олус эдэргиттэн ыар бурҕалдьыны кэппит оҕо эбиккин. Кытаатан дьоҥҥун-сэргэҕин харыстыы сатаа, – диэбитэ.
Халлаан өссө да ситэ сырдыы илигэ. Ол эрээри тула өттө бүдүк-бадык соҕус да буоллар син көстөрө. Ата арыый сынньаммыт курдук айаннаан сэксэлдьийэн иһэн, хоммут ыалыттан балтараа биэрэстэ курдук тэйээт, турунан кэбиспитэ.