Атырдьах сэргэ. Данил Макеев
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Атырдьах сэргэ - Данил Макеев страница 9
Мэхээлэ брустверга турар пулемету ылаат, кэннилэриттэн ыстаммыта, Железнов ботуруон хааламмыт лиэнтэлэрдээх тимир холбуканы харбаан ылан кэнниттэн батыспыта. Анараа траншеяҕа тиийэн куотан унньулуһан эрэр ньиэмэстэри ытыалаан тибиирдибиттэрэ. Өр-өтөр буолбатаҕа снарядтар, миинэлэр ыйылаһан кэлэн уот будулҕан ортотугар буола түспүттэрэ. Траншея түгэҕэр умса түһэн сыттахтарына сир мэктиэтигэр өрүтэ түллэҥнээн олорбута. Уот аҕырымныырын кытары аны ньиэмэстэр утары атаакаҕа турбуттара. Эмиэ ытыалаһыы өрө күүдэпчилэнэ түспүтэ. Мэхээлэ пулеметун уоһа кытарыар диэри ытыалаан, ботуруонун барытын тэбээн кэбиспитэ. Онтон аттыгар сытар автоматы ылан тибиирдибитэ.
Ол кэмҥэ Железнов пулемет ботуруона булан аҕалбыта. Ону иитэн хачыгыраспыттара. Ити курдук өстөөх хаста киирэн көрбүтүн төттөрү охсубуттарын кэннэ аны ньиэмэс самолеттара кэлэн буомбалаан лигийбиттэрэ. Эмиэ били тимир суол станциятыгар буолбут алдьархай түбүлээбитэ. Сир ийэ иэнэ мэктиэтигэр өрүтэ кэдэҥэлээн ыларга дылыта. Самолеттар барааттарын кытары уу чуумпу сатыылаабыта. Мэхээлэ саба түспүт буору тоҕо сүгэн оргууй олорбута. Кулгааҕа куп-куугунас, хараҕа ирим-дьирим буолбут этэ. Төбөтүн илгистэ-илгистэ, тарбаҕынан кулгаахтарын хастыбыта. Онтон өндөйөн көрбүтэ ньиэмэстэр эмиэ тура хааман иһэллэрэ. Пулеметун ылан ытыалаан сигийбитинэн барбыта. Аттыгар Железнов автомата тарылыыра. Аны биһиги дьоммут диэкиттэн снарядтар кэлэн ньиэмэстэр сыаптарыгар түһэн тоҕута барбыттара. Анарааҥҥылар эмиэ төттөрү чугуйбуттара. Биһиги дьоммут соторутааҕыта төлө охсон ылбыт траншеяларыттан бэрт сэдэхтик ытыалыыллара. Арааһа, тыыннаах хаалбыт киһи аҕыйаабыт быһыылааҕа.
Күн буруо, быыл быыһынан кытаран киирэн барбыта. Сотору халлаан хараҥаран кыргыһыы сэллээбитэ. Ону кытары биһиги дьоммутуттан эбии күүс кэлэн Мэхээлэлээҕи төттөрү таһаарбыттара. Маарыын сарсыарда 250 киһилээх ротаттан ахсыа эрэ буолан ордубут этилэр. Үс күн инники кирбии кэтэх өттүгэр сытыаран баран, тыылга таһааран эмиэ штрафной ротаҕа холбообуттара. Уонча хонугунан Старай Руссаттан саҕалаан Демьянскай тоҕойу босхолуур кыргыһыыларга кыттыбыттара. Ити курдук кыһыны быһа кыргыһыы үөһүгэр сылдьыбыттара. Өлбүттэри, бааһырбыттары саҥа дьонунан солбуйан иһэллэрэ.
Биирдэ саҥа кэлбиттэр ортолоругар уруккута майор чыыннаах, военторг начальнига киһи баара. Ити кэмнэргэ үгүс үрдүкү командирдар сытыы тыллаах саллааттар «ВПЖ» (военно-полевая жена) диэн ааттаабыт дьахтардаах буолаллар эбит этэ. Ол дьахталлар ардыгар атаахтаан да ылаллара ханна барыай? Онон командарм военторг начальнигар хонуутааҕы байыаннай ойоҕор үчүгэй саппыкыны тигэргэ бирикээстээбит. Ол дьахтар саҥа саппыкыланан баран дьүөгэлэригэр киһиргээбэккэ буолуо дуо. Аны военторг начальнигын штаб начальнига ыҥыран ылан бэйэтин ВПЖ-гар өссө үчүгэй саппыкыны сакаастаабыт. Оттон майорга оннук тирии суох буолан биэрбит. Ол түмүгэр сылтах булан