.

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу - страница 10

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
 -

Скачать книгу

буруйу оҥорон түбэспиттэр кытта бааллара. Мэхээлэ урут арыгыны хаһан испитэ баарай, онон өлүүтүн атын дьоҥҥо биэрээччи. Железнов даҕаны итирэр гына испэтигэр сүбэлиирэ. Итирик киһи сэриигэ буолуохтааҕар, ханна баҕарар алдьархайга түбэһиэн сөп диирэ. Биһиги дьоммут арыгыга түбэстилэр да иннилэрин-кэннилэрин билбэт гына иһэллэрин ньиэмэстэр эмиэ билэллэр эбит этэ. Ол иһин чугуйалларыгар тимир суол станцияларыгар, атын да улахан суолталаах нэһилиэнньэлээх пууннарга соруйан испиирдээх цистернэлэри хаалларан бараллар эбит. Биирдэ итирэн хаалан ньиэмэстэргэ билиэн түбэһэ сыһан баран, күрээбит танкистары аҕалбыттара. Кинилэр тимир суол станциятын өмүтүннэрэн былдьаан ылар бирикээһи ылан баран, чаҕылхайдык толорбуттар. Онтон бүтүн цистернэ испиир турарын көрөн кыайыыларын сууйбуттар. Сотору соҕус ньиэмэстэр туох да утарылаһыыны көрсүбэккэ станцияны төттөрү ылбыттар. Биһиги дьоммут өлөр итирик буолан биэрбиттэр. Таанкалар бары экипажтара суох тураллар үһү.

      Сааһыары миинэ эмтэркэйэ Железнов хаҥас саннын хаптаҕайыгар таппыта. Мэхээлэ ыараханнык бааһырбыт табаарыһын сүгэн санчааска илдьэн биэрбитэ. Арахсалларыгар киһитэ:

      – Мин этэҥҥэ буоллахпына аны штрафнойга төннүбэппин. Эн кытаат, тыыннаах хаала сатаа, – диэн баран өлүөр илиитинэн бүк тардан иэдэһиттэн уураан ылбыта. Мэхээлэ хараҕа туманныран, күөмэйин туох эрэ бүөлүү анньан тугу да булан эппэккэ киһитин түөһүгэр илиитин ууран ылаат таһырдьаны былдьаспыта. Железнова бааһырыаҕыттан ыла улаханнык соҕотохсуйбута. Кинини кытары төгүрүктээһинтэн тахсан штрафнойга түбэспит дьонтон биир да киһи ордубатаҕа. Кыргыһыы саамай кытаанаҕар сылдьан ким өлөн, ким бааһыран туораан испиттэр. Арай, кинини эрэ буулдьа да, оскуолка да таба илигэ.

      Халлаан ылааран барбыта. Сотору уу-хаар тахсыбыта. Траншеялара киһини сототунан уу чаалыйан эрэйдиир буолбута. Бу кэмҥэ сэрии арыый аҕырымнаан ыларга дылы гыммыта. Мэхээлэ саҥа кэлбит дьонтон биир сааһыра барбыт Сухов диэн киһилиин уонна эдэркээн Кузнецовтуун доҕордоспута. Сухов Сибиир олохтооҕо, холкуостаах. Пушканы соһор аттары көрүүгэ-харайыыга сылдьан, дьөһөгөй оҕолорун олус сордуур младшай лейтенаны кытта кыыһырсан баран хараҕын ылан кэбиһэн штрафной ротаҕа түбэспит. Оттон Кузнецов аан бастаан атаакаҕа киирэн иһэн, куттанан снаряд воронкатыгар күн аҥаара олорбут буруйун кыа хаанынан боруостуу кэлбит. Суховы кутурук маһын курдук батыһа сылдьар, адьас аҕа туттан кэбиспит быһыылааҕа. Мэхээлэ маҥнай кинилэри туораттан кэтээн көрө сылдьыбыта, онтон биир түүн үһүөн инники кирбииттэн өссө арыый иһирдьэ киирэн кистэлэҥ харабыллааһыҥҥа сылдьаннар чугаһаспыттара.

      Онно сытан тымныйбыта дуу, Кузнецов сарсыныгар иһэ ыалдьан эрэйдэммитэ. Мэхээлэ иһэ ыарыйдаҕына ииппит эдьиийэ сытыган эрбэһини оргутан иһэрдэрин санаан киһитин оннук эмтээбитэ. Эрбэһин баҕас траншея таһыгар элбэх этэ. Өс киирбэх киһитэ кыырт буолан хаалбыта. Дьэ, онтон ыла аһыылларыгар, утуйалларыгар бары бииргэ суулаһан сылдьаллара.

      Биир

Скачать книгу