Утатыы. Андрей Геласимов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Утатыы - Андрей Геласимов страница 2
Кини саҥата суох миигин көрбүтэ уонна муннук диэки ыйбыта. Таҥас ыйыыр сир аннын. Оттон атын истиэнэҕэ номнуо сиэркилэ ыйанан турара. Үкчү маннык төп-төгүрүк. Ол эрээри миэнинээҕэр арыый улахан этэ.
Мин сиэркилэни ууран баран, эппитим:
– Ити ийэбиттэн хаалбыта. Кинилэр көспүттэрэ ыраатта да, сорох-сорох малларын умнубуттара… Ити акаары холодильнигы эҥин. Арааһа, эн Никитаҥ утуйарыгар мэһэйдиир быһыылаах.
Кини эппитэ:
– Суох, мэһэйдээбэт.
Мин аан хоһу эргиччи көрбүтүм уонна өрөмүөннэнэр кэмэ кэлбит диэбитим. Онуоха кини мүчүк гыммыта уонна ону сиэбим уйуммат диэн хардарбыта.
– Эн төһөнү көрдүүгүнүй?
Мин этэбин:
– Мин аныгылыы өрөмүөнү оҥоробун. Баай дьоҥҥо. Саҥа бакыат түннүктэр, хосторго тиирэ тардыллар үрүт – араас ол-бу.
Кини син биир ыйытар:
– Дьэ ол да буоллар – төһөнүй?
Мин этэбин:
– Чэ оттон, аҕыс уон, сүүс тыһыынча. Сороҕор сүүс сүүрбэ да буолар.
Кини сөҕөр:
– Буолар да эбит!
Оттон мин этэбин:
– Харчылара баһаам. Бэйэ-бэйэлэригэр киһиргээн тарбахтарын баттаныахтарын наада.
Кини эмиэ мичээрдиир:
– Уустук олохтоох дьон диэтэҕиҥ.
Мин эмиэ мүчүк гынабын:
– Дьэ, кырдьык, судургута суох.
Мин ол курдук – ким кими албыннаабытын кыайан быһаарбатаҕым. Генка Пашканы дуу, эбэтэр төттөрү эбитэ дуу. Биллэн турар, кинилэр иккиэн бэйэ-бэйэлэрин «албыннаата» дииллэр этэ. Миэхэ биир-биир джибинэн кэлэллэрэ уонна этэллэрэ: мин кинини хайдах да албынныыр кыаҕым суоҕа, эн ону билэҕин. Этиий – эн ону билэҕин буолбаат.
Оттон мин билэбин диирим, тоҕо диэтэххэ, мин кинилэргэ «суох» диир кыаҕым суоҕа. Бииригэр даҕаны, иккиһигэр даҕаны. Ол эрээри, кырдьыга хайдаҕын билбэт этим. Дьиҥэр – кырдьыгын билиэхпин да баҕарбат этим. Аата, наадалаах этэ? Эн кимниин эрэ биир БТР-га умайдаххына – сорох-сорох түгэннэри адьас атыннык көрөр буолаҕын. Кинилэр көннөрү олус табыллыбыттара. Серега кинилэри арыый эрдэ хостотолообута. Бастаан кинилэри, онтон дивизия ыстаабыттан тоҕо кэлбитэ өйдөммөт капитаны, кини кэнниттэн БТР-ы ыытар Михалиһы, онтон прапорщик Демидовы уонна саамай бүтэһик миигин.
Баҕар, кинилэр наһаа табылланнар, кэлин бэйэ-бэйэлэрин албыннаспыттара буолуо ээ. Билбэппин. Харчы – ынырыктаах мал. Мин кинилэр оннуларыгар буолуохпун төрүт баҕарбаппын. Саатар, бу сырыыга.
Арай арыый эрдэ эбитэ буоллар, син даҕаны. Серега умайбыт БТР-га киирэр кэмигэр.
Оттон