Утатыы. Андрей Геласимов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Утатыы - Андрей Геласимов страница 20
Ол эрээри миэхэ кыһыылаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, мин наһаа кыһаллыбытым. Мин кинилэри кыайыахпын наада этэ. Оттон кини бастаан соруйан киллэртэрбитэ, ахсаан тоҕус биэскэ буоларын курдук. Онтон биир эрэ мээчиги киллэрэллэрэ хаалбытын кэннэ эмискэ барытын хабан барбыта. Онно мин дьэ барыта сатанар буолла быһыылаах дии санаабытым. Түргэнник сүүрэр уонна киллэрэр буолан барбытым. Испэр туох эрэ дьөлүтэ кэйэн ыалдьара. Ол эрээри өссө биир гол хаалбыта. Оттон били уһун баттахтаах миигин тула сүүрэрэ уонна күлэрэ. Оттон мин күлбэтим. Тоҕо диэтэххэ, мин биир голу киллэриэхпин наада этэ. Билигин табыллыа дии саныырым. Оттон иһим кэйиэлиирэ сүрдэммитэ. Дьэ онтон аҕам мээчиги хабан ылбыта уонна чопчу кини атаҕын анныгар бырахпыта. Мин кини соруйан бырахпытын көрбүтүм, ол да буоллар сүүрбүтүм. Тоҕо диэтэххэ, мин өссө да мээчиги былдьаан туора тэбиэхпин сөп дии санаабытым. Ол эрээри мин туохтан эрэ иҥнибитим уонна төбөбүнэн сиргэ охсуллубутум. Онтон төбөбүн өрө көтөҕүүбэр, кинилэр номнуо куустуһа сылдьаллара. Оттон кыыс хаһыытыыра: биһиги кыайдыбыт! Мин турбутум уонна талах быыһыгар барбытым. Тоҕо диэтэххэ, ытыырбын кинилэр көрүөхтэрин баҕарбатаҕым. Уонна иһим наһаа ыалдьар этэ.
Киэһэ быраас кэлбитэ уонна муҥурдааҕа ыалдьыбыт диэбитэ. Оргууй испин баттыыра, онтон эмискэ ыытара. Мин ыарыыбыттан мээчик курдук, кини илиитин ыытта да, өрө көтө түһэрим.
«Суһал көмөҕө» биһиги туох эрэ наһыылка үрдүгэр олорбуппут, оттон аҕам миигин төбөбүттэн имэрийэрэ. Мин киниэхэ, өскөтүн өлөн хааллахпына, аны ити уһун баттахтааҕы тыаҕа илдьэ сылдьымаар диэбитим. Кини күлбүтэ уонна миигин акаары диэбитэ. Муҥурдаах – туох да уустуга суох эпэрээссийэ.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.