Утатыы. Андрей Геласимов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Утатыы - Андрей Геласимов страница 15
Мин тугу да хардарбатаҕым уонна эмиэ мээнэ арыйбытым: «Ол норуот хараҕа бүөлэммитэ уонна сүрэҕэ тааһырбыта, харахтарынан да көрбөттөр, сүрэхтэринэн да сэрэйбэттэр, итиэннэ көрдөспөттөр, кинилэри Мин эмтиирбэр».
– Иһит эрэ, – диэбитим мин. – Эн тоҕо хара ачыкы кэттиҥ? Күнэ суох дии.
Генка чыпчылҕан түгэнэ мин диэки хайыспыта, ол эрээри тугу да саҥарбатаҕа.
Пашка эмиэ хара ачыкылаах этэ, метроҕа киирэр сиргэ турара уонна атаҕын аннын эрэ көрөрө. Хараҕа суох киһи курдук. Ол эрээри кини ачыкыта аһара улахана. Хаартыскаҕа уһуллар модель курдук. Баҕар, кэргэниттэн ылбыта буолуо.
– Эһиги туох буолан дьээбэтийдигит? – диэбитим кини джипкэ олорбутун кэннэ. – Бүгүн күнэ суох дии.
Пашка тугу да хардарбатаҕа. Генка ускуораска холбообута уонна педалы үктээбитэ.
– Тохтоо эрэ, – диэбитим мин. – Тохтоо. Массыынаны тохтот.
– Тугуй? – кини эмиэ миэхэ хайыспыта.
Мин эмискэ кини ачыкытын туура тардыбытым. Хаҥас хараҕын анна көҕөрбүт этэ. Хараҥа күөх өҥнөммүт.
– Эн буккулуннуҥ дуо? – диэбитэ кини, илиибиттэн ачыкытын сулбу тардан ыла-ыла. – Өйүҥ хамсаата дуу?
Пашка түннүк диэки хайыһан олорон биһиги диэки көрбөтөҕө даҕаны. Мүнүүтэ кэриҥэ, арааһа, саҥарбатахпыт. Икки мүнүүтэ эбитэ дуу.
– Дьэ ким кими имитэн биэрдэ? – диэбитим мин кэмниэ-кэнэҕэс, саҥабын кыччата сатыы-сатыы. – Ким бэрдин быһаардыгыт дуо?
Кинилэр саҥата суох иннилэрин супту көрөн олорбуттара. Хайалара даҕаны тыл ыһыктыбатаҕа.
– Ачыкы кэппиттэр, – диэбитим мин салгыы. – Ачыкы кэппиттэр, дьон сирэйгит хайдах буолбутун көрбөттөрүн туһугар. Сирэйбит туох да буолбатах дии санаатыннар диэн. Көннөрү хараххыт ыалдьар. Чаҕылхай күнтэн саатар. Оттон мин, блин, ханнык ачыкыны кэтэбин? Миэхэ, блин! Мин, блин, бу сирэйбэр!
Бэйэм да билбэппинэн үчүгэй аҕайдык ордоотообутум.
– Туохха нааданый эһиэхэ ити ачыкы? Эһигиттэн тугуй, оҕолор куттаналлар дуо? Ойохторгут эһигини көрөллөрүттэн дьулайаллар дуо? Ити эһигини ыалгыт оҕолоро утуйумаары гыннахтарына куттаары ыҥыраллар дуо? Эбэтэр эһигиттэн тельняшкаҕытын тириигитин кытта бииргэ хастаабыттара дуу? Тириигитигэр сыстан, эккитигэр хатан хаалбытын быһыта кырыйталаан ыллахтара. Онно барыта иҥэн хааллаҕа. Эһиги хайдах курдук миигин бэйэҕит харчыгытынан, ньимиликээн буоларгытынан, дьүһүҥҥүтүнэн-бодоҕутунан сөп оҥорбуккутун билэргит буоллар! Хайдах курдук сөп оҥордугут? Мин өйдөөбөппүн, туохха нааданый эһиэхэ ачыкы? Эһиги тугу ачыкы нөҥүө саһыараары гынаҕыт?
Мин ах барбытым. Ити курдук биэс мүнүүтэ кэриҥэ саҥата суох олорбуппут. Онтон Генка көхсүн этиппэхтээбитэ уонна ускуораһын холбообута.
– Чэ оттон, барыахха дуу? – диэбитэ кини. – Туохха олоруохпутуй? Сереганы көрдүөххэ наада.
Оҕо сылдьан доҕотторгун кытта элбэхтэ