Утатыы. Андрей Геласимов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Утатыы - Андрей Геласимов страница 11

Жанр:
Серия:
Издательство:
Утатыы - Андрей Геласимов

Скачать книгу

style="font-size:15px;">      Биэс мүнүүтэнэн Пашка саҥата суох кэнники олбоххо олорбута, миигин санныга охсубута уонна тута таһырдьаны одууласпыта. Ити иннинэ хаһан да олбуорун иһин көрбөтөх киһиэхэ дылы. Адьас олоҕун тухары да көрбөтөх курдуга.

      – Дьонуҥ хайдахтарый? – олбохпор эргиллибитим.

      Кини саннын эрэ хамсаппыта.

      Ити харчы туһуттан айдаан кинилэр икки ардыларыгар улахан тыҥааһыны үөскэппитэ. Кинилэр Генкалыын бэл биисинэстэрин үллэстэргэ быһаарбыттара. Адьас көрсүбэт буолбуттара. Арыгыны да атын-атын хампаанньаҕа иһэллэрэ. Ол гынан баран – бу Фрязиноттан иккиэн ханна барыахтарай? Хампаанньаларыгар да бары биир дьон этилэр. Ол иһин, эмискэ көрсө түспэт туһуттан, барытын эрдэ билиэхтэрин наада этэ. Онто суох ол тугунан түмүктэрин ким билиэ баарай. Пашка сөбүлээбэппин диир даҕаны, арыгыны олус элбэҕи иһиэн сөп. Икки бытыылканы баҕас иһэр. Сороҕор үһү даҕаны.

      Итирэн баран миэхэ кэпсииллэриттэн өйдүүрбүнэн, ханнык эрэ биэс уон тыһыынча баксаттан сылтаан дьыала итинник эргийэн тахсыбыт. Биллэн турар, элбэх харчы, ол эрээри манныкка тиийэр сөп үһү дуо? Миэхэ тиийэн олоппоско иэҕэҥнии олорон биири мээрилииллэр: эн билэҕин дии, мин кинини хайдах да албынныыр кыаҕым суоҕун? Билэҕин буолбат дуо? Чэ, эт эрэ?

      Миэхэ итинник кэпсэтиилэр наадалаахтар этэ! Тоҕо диэтэххэ, кинилэртэн хайалара да уоскуйан биэрбэт этэ. Миэхэ кэлэллэр уонна өссө мин арыгыбын иһэллэр. Уонна оттон, саамай сүрүнэ, мин хайалара харчыны ылбытын билбэппин эбээт. Кинилэр бастаан биирдии бэйэлэригэр кыраныысса таһыгар икки дьиэ атыылаһаары гыммыттар этэ. Тоҕо диэтэххэ, босхо кэлбит, халлаантан түспүт харчы этэ, ким даҕаны, уопсайынан, маннык буолуо диэбэтэх – биир дьыала наһаа табыллан хаалбыт. Онтон биэс уон тыһыынча икки дьиэҕэ тиийбэт, биир эрэ дьиэни атыылаһыахха сөп диэн билбиттэр. Ол иһин онуоха-маныаха диэри ууран эриэххэ дэспиттэр. Онтон ол харчы ханна да барбыта биллибэккэ симэлийэн хаалбыт. Иккиэн мин ылбатаҕым дииллэр. Пашка кэргэнэ Генкаҕа дьиэтигэр тиийэн тугу эрэ кэпсэппиттэр. Генка ол туһунан кэпсиэн баҕарбат этэ, оттон Пашка итирдэҕинэ хабырынар эрэ этэ. Кини оннук акаары кэмэлдьилээх.

      Быһата – саах курдук дьыала. Мас төбөтүгэр умньаммыт саах кэриэтэ.

      Ол иһин билигин Пашка төрөөбүт-үөскээбит Фрязинотын түннүгүнэн көрөр. Олус итэҕэтиилээхтик умсугуйан туран. Оттон Генка джибин массыына быраабын ыларга туттарсар курдук ыытан иһэр. Мин буоллаҕына кини аттыгар – массыына ыытарга үөрэтэр инструктор курдук олоробун. Ол гынан баран массынаны адьас сатаан ыыппаппын. Уонна түннүгүнэн элэҥниир Фрязино даҕаны миигин төрүт умсугуппат.

      – Бу туоххунуй? – дии-дии, халлаан күөҕэ тастаах кинигэ оҕотун муостаттан ылабын.

      – Биир өй аҥаардаах бэлэхтээбитэ, – диир Генка. – Америкаҕа олорор ханнык эрэ миссионер. Таҥараҕа үҥэр дьиэлэригэр биһиэхэ миэбэл сакаастаабыта.

      «Биһиэхэ» дииригэр кини Пашка массыынаҕа олоруоҕуттан аан бастаан суолуттан хараҕын арааран, кэннин хайыһан

Скачать книгу