Утатыы. Андрей Геласимов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Утатыы - Андрей Геласимов страница 10

Жанр:
Серия:
Издательство:
Утатыы - Андрей Геласимов

Скачать книгу

style="font-size:15px;">      Мин сиэркилэҕэ көрүнүөхпүн баҕарбытым, онтон уон хонуктааҕыта Ольгаҕа илдьибиппин өйдөөбүтүм. Эбэтэр уон икки хонуктааҕыта дуу.

      – Оо, биһиэхэ манна олус да ыһыллыбыттоҕуллубут! – диэбитэ кини хоско ааһан иһэн. – Эмтэнээччибит тыыннаах киһитээҕэр өлбүккэ маарынныыр. Оттон мин тоҕо ааны аспатый диибин ээ.

      – Онно олор.

      – Ээ суох, хамандыыр. Мин турбутум ордук. Ойоҕум бу джинсыны субу аҕай атыыласпыта.

      – Ээ, киэр буол! – диэбитим мин, хаттаан муостаҕа олоро-олоро.

      – Эн адьас иэдэйдиҥ дуо?

      – Мээрилээмэ диибин. Көрбөккүн дуо – куһаҕаммын?

      – Көрөбүн. Испитиҥ өр буолла дуо?

      – Билбэппин. Икки нэдиэлэ. Бүгүн хаһыс чыыһыланый? Уонна эн, уопсайынан, тоҕо түүн кэллиҥ? Билигин өссө түүн буолбат дуо?

      – Дьэ, эмиэ эттиҥ дии, хамандыыр! Киэһэ тоҕус чаас. Мин эйиэхэ, ити быыһыгар, иккис күммүн эрийэ сатыыбын. Төлөпүөнүҥ хайдах буолла?

      Кини төлөпүөн холбонор розеткатыгар төҥкөйөн туура тардыллыбыт сунууру ылбыта.

      – Өйдөнөр. Тас эйгэ сордоото дуо?

      – Мээрилээмэ.

      – Онтон бэҕэһээ ити ыалгар Светланаҕа эрийбитим.

      – Ольгаҕа.

      – Ээ, миэхэ син биир. Кини эн арыгылыы сытаргын эппитэ. Тоҥсуйа сатаабыта. Туһа суох диэбитэ.

      – Мин истибэтэҕим.

      – Дьэҥкэ буоллаҕа. Мин бэйэм сутуругум иһиэр диэри эттээтим. Быһатын, тур хомун. Мөссүөҥҥүн оҥоруохпут. Мин эйиэхэ хонуоҕум, онтон сарсын Пашкаҕа тиийиэхпит уонна Москваҕа барыахпыт. Кини массыыната алдьаммыт, эйигинэ суох миигин кытта биир джипкэ айанныа суоҕа. Кинини хайдаҕын бэйэҥ билэҕин дии.

      Мин нэһиилэ төбөбүн көтөхпүтүм.

      – Москваҕа тугу сии барабыт ол? Эһиги эйэлэһэр санааланныгыт дуо?

      Кини миигин көрөн тура түспүтэ уонна чочумча тугу да саҥарбатаҕа.

      – Оо дьэ, эттэҕиҥ ээ! Тугуй, эн өссө билбэккин дуо? Пашка эрийбэтэҕэ дуо? Төлөпүөҥҥүн хаһан араарбыккыный? Кини эрийбэтэҕэ дуу?

      Мин өндөйөн, кини иннигэр муостаҕа олорбутум. Төбөм иһэ Пасха күнүнээҕи куолакал курдук лүҥкүнүүрэ.

      – Ким эрэ эрийбитэ да, туруупканы ылбатаҕым. Төбөм ыалдьар этэ.

      – Дьэ, сордоммут киһигин дии. Серега сүппүт, оттон эн буоллаҕына билбэккин. Сарсын кинини көрдүү барыахпыт. Эн арыгыҥ орто дуо?

      Серега хаһыс да сүтүүтэ. Кини дембеллэммиппит кэннэ хайдах эрэ табыллыбатаҕа. Пашка курдук дуу, мин курдук дуу буолбатаҕа. Оттон Генка курдук хайдах да буолар кыаҕа суоҕа. Бастаан көмөлөһөн көрбүппүт. Үлэ булбуппут. Онтон атын үлэни. Тиһэҕэр Генка ол дьону кытары көрсөрүм ынырык кыбыстыылаах диэбитэ. Быһата – кинилэр итэҕэйбиттэр, онтон кини буоллаҕына Сереганы анньан биэрбит. Кинилэр Генкалыын элбэх харчылаах дьыалаҕа ылсыахтарын баҕарбыттар үһү. Ол иһин биһиги Серегаҕа көннөрү харчы эрэ биэрэр буолбуппут. Сороҕор мин, сороҕор Пашка. Генка эмиэ биэрэр этэ. Ол эрээри туһата суоҕа. Серегаҕа

Скачать книгу