Скачать книгу
тоҕо диэтэххэ, кини миигинниин сирэй көрсүөн баҕарбыт эбит. Аҕатын туһунан уонна да атыны арааһы кэпсэтээри. Оттон мин көрүүбэр барыта кэминэн курдук диэбитим, ол эрээри – кинини алы гына сатаан, холобур: «Александр Степанович төрүт испэт», – диир кыаҕым суоҕа. Уруһуйбун тутан олордоҕо дии. Кини төһө элбэҕи уонна күн аайы иһэр дуо диэн ыйыппыта. Мин куруутун иһэр диэбитим. Быһа холоон икки-үс бытыылканы, сороҕор элбэҕи да иһэр диэн кэпсээбитим. Санаата-оноото хайдаҕыттан. Онуоха кини мунчаарбыта. Оттон мин киниэхэ эппитим, санаарҕаама, тоҕо диэтэххэ, Александр Степанович – маладьыас. Кини миэхэ араас интэриэһийэни кэпсиир диэбитим. Онно кини тоҕо эрэ өссө ордук сүөм түспүтэ. Аҕатын Краснодарскай кыраайга илдьэ барыан баҕарарын эппитэ, онно үчүгэй уонна муораттан чугас диэбитэ. Ол эрээри Александр Степанович барар санаата суох үһү. Бэйэҥ, миигинэ да суох, Гостагаевскай станицаҕар бар диир эбит. Уопсайынан, кини куруук итинник кыра соҕус дьиктилэрдээх үһү. Билигин Москваҕа министиэристибэҕэ үлэлии сылдьар буолуон сөп эбит, ол оннугар манна олорор уонна арыгылыыр. Уруут-урут, үгүс сыл анараа өттүгэр, киниттэн – Глазуновтан итэҕэһэ суох улахан худуоһунньук тахсыан сөбө үһү, өссө бүтүн дьиэ кэргэнинэн былыр үйэҕэ кыраныысса таһыгар олорор буолуохтаахтарын кини уруһуйдуурун бырахпыт, онтон аны архитектураны бырахпыт, дьиҥэр, Москва киинигэр кини бырайыактаабыт дьиэтэ турар эбит, доҕоро буоллаҕына кини оҥорон биэрбит ханнык эрэ бырайыактарынан миниистиргэ тиийэ үүммүт, ол оннугар тугу да ылбатах, миэхэ туох да наадата суох, барыта баар диир үһү. Дьэ ити курдук мин бэйэм хоспор кини кэпсиирин истэн олорбутум, ону барытын миэхэ тоҕо кэпсии сатыырын төрүт өйдөөбөтөҕүм, оттон кини кэпсээ да кэпсээ буолбута уонна ол тухары мин уруһуйбун көрөрө. Онтон кэмниэ-кэнэҕэс тохтообута, онно эрэ мин Эдуард Михайлович «Аргументы и факты» хаһыакка суруйбут суругун ааҕарын истибитим. Оттон Борис Александрович ону истибэт быһыылааҕа. Кини дириҥ санааҕа ылларан саҥата суох соҥуоран олороро. Эмиэ мин уруһуйбун көрбүтэ уонна эппитэ:
– Кини ити эйигиттэн сылтаан барыан баҕарбат. Кини өссө маннык үөрэнээччилэнэ илигэ.
* * * Александр Степанович сарсыҥҥытыгар тута ити уруһуйбун аҕал диэн модьуйбута. Мин сүтэрбитим диэбитим, онуоха кини оччоҕо үөрэнэ барыаҥ диэн хаһыытаабыта. Онно биирдэ көрдөрбүтүм, кини өр баҕайы олорбута, адьас хамсаабатаҕа даҕаны. Онтон өрө тыыммыта уонна эппитэ:
– Борька албыннаабатах эбит ээ. Оттон мин кини миэхэ албыннаһар дии санаабытым.
Онтон миигин өрө көрөн таһаарбыта:
– Ол аата, туох да диэбит иһин, сатаан көрөр эбиккин ээ. Уонна бэйэҥ шланга буолан кубулунаҕын.
– Мин кубулумматаҕым.
– Саҥарба! Хата, эт эрэ, хаһан бүтэһигин училищеҕа киирэ сылдьыбыккыный?
– Мин дуо?
– Миэхэ акаары курдук көстө сатаама.
– Икки хонуктааҕыта.
– Тоҕо?
– Биир
Скачать книгу