Утатыы. Андрей Геласимов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Утатыы - Андрей Геласимов страница 12
– Мин кинини уон сыл көрбөтөҕүм.
– Онно тугуй? Дьэ көрүөҥ буоллаҕа. Сыыҥкын сиэн бүт! Биһиэхэ киниттэн атын ким даҕаны Серега дьиэтин туһунан эппиэти биэриэ суоҕа. Онтон ону билбэккэ эрэ, дьиэҕэ киирэ сатыыр төрүт сатаммат. Биһиги бу дьиэҕэ ким олорорун билиэхпитин наада. Итиэннэ, үөдэн баара, кинилэр манна хайдах киирдилэр. Чэ, чэ, аадырыһын эт.
Мин Пашка диэки көрбүтүм, ол эрээри кини ити кэмҥэ атын сир диэки хайыспыта.
– Эһиги кимиэхэ наадыйаҕыт? – диэбитэ ааны арыйбыт эдэр дьахтар.
Куттаммыта. Онто куолаһыттан биллибитэ. Биһиги үһүөн кини иннигэр бандьыыттар курдук турарбыт. Мин Генка кэннигэр саһа сатаабытым. Саатар сирэйбин кистээри.
– Ээ, бу эн, Костя! – диэбитэ аҕам, дьахтар кэнниттэн көрүдүөргэ көстө түһээт. – Киир. Киириҥ, уолаттар, бары.
Мин Генка кэнниттэн тахсан кэлбитим, онно аҕам миигин күүскэ бобо кууһан ылбыта.
– Дьэ кэллиҥ дии. Оттон мин эйигин күүппүтүм ыраатта.
Кини арыгыта ыарахан сыаналаах этэ. Импортнай этикеткэлээх уонна кыраһыабай бытыылкалаах. Ол эрээри аҕыйах. Уон биэс эрэ мүнүүтэҕэ тиийбитэ.
– Марина, биһиэхэ өссө буокката атыылас эрэ, – диэбитэ аҕам. – Онтон атын манна биһиги бары утатан иэдэйиэхпит.
– Эн сарсын мунньахтааххын, – диэбитэ дьахтар, мин диэки көрбөккө буола сатыы-сатыы.
– Ону өйдүүбүн. Бар, көмүһүөм, атыылас. Мин уолбун кытта дьэ кэмниэ-кэнэҕэс арыгы иһиэхпин наада. Тоҕо эн бачча өр кэлэ сылдьыбатаххыный? Ээ, Костя?
– Дьыала элбэх, – диэбитим мин.
– Оттон мин наар бырааттаах балтыгын көрдөрүөхпүн баҕарар этим. Эн кинилэр тустарынан билэҕин дуо? Кинилэр билигин оскуолаҕа сылдьаллар. Наташка бэһис кылаас, Славка пиэрибэйгэ киирдэ. Иккиэн иккис симиэнэлэр. Өйдүүгүн, көрүдьүөс дьон.
– Мин сэрэйэбин.
– Ээ, эн тугу да сэрэйбэккин. Кэпсээ, эн хайдаххыный?
Кини сирэйбин көрбүтэ, онуоха мин киниэхэ итинник көрөрө ыараханын билбитим.
– Бэйэҥ көрөҕүн.
– Ээ чэ, бүт! Олоххо араас буолар. Кылаабынайа, тыыннааххын.
Кини саҥата суох олоро түспүтэ, илиитигэр кураанах үрүүмкэтин эргичиҥнэппитэ.
– Оттон, уопсайынан, хайдаҕый? Ыарахан этэ?
– Чэпчэкитэ суох.
– Өйдөнөр. Оттон хайдах итинник буолбутай?
– БТР-ры «Тигээйинэн» саайбыттара.
– Оттон эйигин кытта уолаттар бааллара дуо?
Кини