Утатыы. Андрей Геласимов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Утатыы - Андрей Геласимов страница 19
Адьас атыннык, дьиэтигэр саҥарынааҕар олох уратытык.
Мин харахпын аһабын, тиэрэ хайыһабын уонна ууну көрөбүн. Соруйан ийэм көрөр сирин диэки көрүмээри. Тоҕо диэтэххэ, наар кинилэри көрөн тахсар. Оттон аттыбытыгар били уолчаан ытыыра тохтоон биэрбэт. «Кэл, сирэйгин кириэминэн сотуум». Бэйэтэ буоллаҕына мин диэки хайыспат даҕаны. «Мин соттуохпун баҕарбаппын. Сыттаах баҕайы».
Уу кытыытыгар кыра оҕолору батыһан ыт сүүрэкэлиир. Сороҕор биир өттүгэр, ардыгар атын өттүгэр. Собуоттаммыт курдук. Илин атаҕар хаптаҥныыр уонна үрэр. Оттон оҕолор кинини инчэҕэй кумаҕынан быраҕаттыыллар.
Тиҥ! – гына кэннибэр тыаһыыр. Онтон тохтоон хаалар.
«Костя! – эмиэ аҕам саҥата иһиллэр. – Мээчиги бырах!»
Мин олоробун уонна ыты көрөбүн. Арай көхсүм кыратык тыҥыыр.
«Дьүлэйгин дуо? Ээй, Константин!»
Кумахха тыаһа суох үктэнэр атах тыаһа иһиллэр. Ийэм төбөтүн өссө үөһэ көтөҕөр. Тохтуур. Мин кэнним диэки үөһэ көрөр. Онно аҕам буолбатах. Кинини атыннык көрөр, итинник көрбөт.
Аттыбар кумахха күлүк көстөр.
«Мин билигин биэриэм, – дьахтар саҥата. – Барыта үчүгэй. Уолчаан көннөрү тугу эрэ саныы олорор». Мин күлүгү көрөбүн.
Уһун баттахтаах. Ийэм киэниттэн букатын атын. Күлүк аччыыр, онтон тута эмиэ улаатар. «Хабыҥ!»
Тиҥ!
«Тоҕо эһиги биһигини кытары хаһан да оонньообоккут? Ааспыт сырыыга эмиэ маннык олорбуккут. Ол иннинэ эмиэ».
Ийэм кинини көрөр уонна саҥарбат. Хараҕын харалара күнтэн кыра туочука буолбуттар.
«Хайа, эн ханна бааргыный? – аҕам саҥата иһиллэр. – Кэлиий, түргэнник!»
Тиҥ!
Күлүк иҥнэс гынар уонна сүтэр. Ийэм төбөтүн төҥкөтөр. Хараҕын харалара ибир гынаат, улаатан бараллар. Оттон хараҕын тулатыгар тэтэркэй баҕайы быыкаайык эбирдэр көстөллөр.
Арааһа, туран кинилэргэ ити мээчиги быраҕыахха баара. Оччоҕо кини биһиэхэ кэлиэ суоҕа этэ, кэнники аҕам массыынаҕа ийэбин күнүүһүт акаары диэ суоҕа этэ. Эбэтэр быһаҕынан тэһэ анньан кэбиһиэххэ баара. Сытыы да сытыы быһаҕынан. Оннооҕор аҕам, барыларын арбуһунан күндүлүүрүгэр, тарбаҕын быспыта. Оттон ити уһун баттахтаах, кинини көрө-көрө, күлбүтэ. Хайдах эрэ кычыкылатан эрэллэринии. Уонна тарбахтарын быыһынан арбуз сүмэһинэ сүүрэрэ.
«Оттон эн тоҕо сиэбэккин? – диэбитэ аҕам. – Эмиэ санаарҕаатыҥ дуо?»
Кини буоллаҕына турар уонна күлэр. Оттон ийэм тэллэй анныгар олорор. Ууну көрөр.
Мээчиги быраҕыахха баара.
Ол эрээри, бырах, быраҕыма, оннук да гыммытым буоллар ким да күлүө-үөрүө суоҕа этэ. Аҕам син биир сөтүөлүүр сиргэ мээчиктиирин тохтоппотоҕо.