Утатыы. Андрей Геласимов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Утатыы - Андрей Геласимов страница 17
«Көрдөөх стартар» маҥнайгы кылаастарга эрэ буолар эбит. Ол иһин мин көстүбэт курдук олорбутум. Көхсүбүнэн. Славка туһугар истэн эрэ ыалдьарбар тиийбитим. Кинилэр, ким эрэ сүүрүүгэ кэнники буоллаҕына, хаһыытыылларын истэрим. Көмөлөһө сатыыллара. Адьас өй-мэйдээх тулуйбат хаһыытын түһэрэллэрэ.
– Кэлиҥ манна, – кэннибэр дьахтар саҥата иһиллибитэ. – Манна ким да суох. Биир эрэ киһи баар.
Мин иннибэр кэлэн икки уол олорбуттара. Мин кинилэри куттаамаары, бүк түспүтүм. Бачыыҥкам быата сөллүбүтүн курдук.
Ол эрээри кинилэр миэхэ эрэ кыһамматахтара.
– Хайа, эһиги бу хайдах таҥынныгыт? – диэн ийэлэрэ сипсийбитэ. – Мин барытын бэлэмнээбитим дии. Эһиги буоллаҕына мээнэ-мээнэ таҥныбыккыт. Билигин бары биһигини дьадаҥылар дии саныахтара.
– Биһигини аҕабыт таҥыннарбыта, – уолаттартан биирдэстэрэ сибигинэйбитэ. – Мин киниэхэ итинник буолбатах, сыыһа диэбитим, ону кини бүт, номнуо хойутаан эрэбит диэбитэ.
– Билигин бары эһигини тугу да кэтэллэрэ суох эбит дии саныахтара. Мин барытын кириэһилэҕэ уурбутум дии.
– Аҕам «Көрдөөх стартарга» оннук таҥнар сатаммат диэбитэ.
– Чэ буоллун, – ийэлэрэ сибигинэйбитэ. – Билигин Ира кэлиэҕэ, оччоҕо кини кроссовкатын кэтээр. Ол эрээри чалбаҕы тэпсимээр, тоҕо диэтэргин, сабыс-саҥалар дии.
– Оннук сүүрдэҕинэ, кини саамай кэнники кэлиэҕэ, чалбаҕы тумна сатыы сырыттаҕына, – диэн сибигинэйбитэ арыый кырата. – Кини хотторуо оччоҕо.
– Оттон мин чалбахтары үрдүнэн ойуом буоллаҕа дии.
– Оттон арай улахан баҕайы буоллуннар.
– Оттон мин күүскэ сүүрэн кэлэн ыстаныам.
– Чэ сөп, бүтүҥ, – ийэлэрэ сибигинэйэн буойбута. – Онто суох өйүм көттө.
Мин кинилэр миэхэ болҕомтолорун уурбаталлар ханнык дии саныы-саныы истэбин уонна оҕолор хайдах буолааччыларын өйбөр сыымайдыыбын. Кинилэр тугу саҥаралларын, хайдах анньыалаһалларын, аҥаар атахтарын кумуччу туттан баран ыстаҥалыылларын, бачыыҥкаларын тэлэ тэбэллэрин, болкуонтан силлииллэрин, обуойга уруһуйдуулларын, миинтэн күөх луугу баһа сатыылларын.
Ордук кинилэр эйиэннэрэ буоллаҕына.
Хара муораҕа оҕолоргун барытын илдьэ айманан тиийэҕин. Сайын, өҥүрүк куйаас күннэр турар кэмнэригэр. Биир хостоох дьиэни куортамнаа. Иккис этээс – ол иһин түүн болкуону аһаҕас хаалларартан куттанаҕын. Тэлэбиисэринэн хас чаас аайы хаайыыттан грузиннар куоппуттарын биллэрэллэр. Иккиэлэр дуу, үһүөлэр дуу. Бытыылка аҥаарын испитиҥ кэннэ – кинилэр хастарын өйдүүр ыарахан. Эбэтэр өйдүү сатаабаккын. Онуоха эбии – итии баҕайы. Көхсүҥ ибис-инчэҕэй, санааларыҥ сааһыламматтар. Ол оннугар бырдах төрүт суох. Болкуон түннүгүн нөҥүө тыҥкынаһаллар, ол эрээри хоско туох да иһиллибэт. Тоҕо диэтэххэ, оҕолор айдаараллар. Муостаҕа сытан бэйэ-бэйэлэрин анньыалаһаллар уонна кыччыгынаһаллар. Кинилэр биһигини кытта биир хоско баалларыттан астыналлар. Хайдах да кыайан