Туоһахта уонна Лэкиэс. Василий Гоголев-Уйулҕан

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Туоһахта уонна Лэкиэс - Василий Гоголев-Уйулҕан страница 16

Туоһахта уонна Лэкиэс - Василий Гоголев-Уйулҕан

Скачать книгу

Лэкиэс ыксаан, Туоһахта сиэлиттэн харбаан эрэ хаалбыта. Туоһахта мөҥөн иһэн, Лэкиэс иһиирбитин истэн намыраабыта. Лэкиэс атаҕынан имнэнэн, Туоһахтаны киксэрэн биэрбитэ.

      – Нохоо, Туоһахтаа, үөргүн билиһиннэр эрэ, – диэн кулгааҕар сипсийбитэ. Туоһахта үөрүн диэки тамайа сиэлбитэ. Кинини сиэллээх биэтэ атыҥырыы көрөн, хаста да кистээн дьырылаппыта. Оо, бу икки эдэр сүрэхтэр долгуйа тиҥиргэччи тэбэллэрэ, Туоһахта сиэлэн тамайар туйаҕын тыаһын, Сэгэйик дьириһитэр хомуһун кытары дьүөрэлэһэн этиэхтэн дьикти тыын Алаас Хотун иччитин уйулҕатын хамсаппыта.

      Ол үрүҥ түүнү Лэкиэстээх Сэгэйик бииргэ атаарбыттара. Туоһахта үөрүгэр тиийэн туохтан эрэ сүрэҕэ ороһуйан мөҕүллэҥнээн ылбыта. Бэл, сиэллээх биэтэ сымнаҕас сылаас хоҥоруутунан арҕаһын ньууххайан болҕомтоҕо наадыйарыгар кыһаммата. Кини Лэкиэһэ атын уһун суһуохтаах икки атахтааҕын кытары, эмиэ кини сиэллээх биэтин курдук, чугастык сыстыһан хаамсалларын харааста, атыҥырыы көрбүтэ. Оо, түөрэм түөрт туйахтаах, сүүһүгэр кэлтэгэй туоһахталаах Дьөһөгөй оҕото барахсан тугу түүйбүтэ эбитэ буолла? Ким ону тымтыктанан көрүө буоллаҕай? Үөһэ Дьөһөгөй Айыы бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ…

* * *

      Лэкиэс Сэгэйигин кытары дуоһуйа күүлэйдээн, көтүөҕүн кыната суох курдук, сарсыарда дьиэтигэр тиийбитигэр дьоно туохтан эрэ санаалара түспүт көрүҥнээх көрсүбүттэрэ. Ийэтэ кэри-куру сирэйдээх саҥата суох чэй бэлэмнээбитэ. Остуолга олорбуттарын кэнниттэн аҕата Лэгиэн көхсүн этиппэхтээн баран:

      – Дьэ, Лэкиэс, улахан иэдээн буолбут… Сэрии, арҕаа сэрии буолбут.

      Лэкиэс ийэтэ иһитин сото олорон:

      – Ол сэрии ыраах ханна эрэ арҕаа буолбут диэбитэ дии, бэйэлэрэ да сэриилэһэр инилэр. Аһыҥа туран эрэр дииллэр, от-мас да үлэтэ элбэх.

      Онуоха Лэгиэн көхсүн этитэн баран, табаҕын күлүн холумтаныгар тэбии-тэбии нүһэрдик:

      – Холкуоспут бэрэссэдээтэлэ Лэгэнтэй Мааркабыс, бэҕэһээ киэһэ утуйаары олордохпутуна, киирэн кэпсээн ааспыта. Сураҕа, эдэр дьону бэбиэскэ диэнинэн сотору сэриигэ хомуйаллар курдук үһү, – уонна уолун тургутардыы көрөн олорбута. Лэкиэс Сэгэйигиниин Туоһахтаҕа бара сылдьыбыт үрүҥ түүнүн дьоллоох түгэниттэн олус астынан, көтүөҕэр кыната эрэ суох кэлбитэ эбээт. Оттон дьиэтигэр бу ыар сурах тэҥсик илдьитэ буолан, кинини хайдах эрэ хаарыйбат курдук саныыра.

      – Тоҕо, туох сэриитэй, ким сэриилэһэр? – диэн аат эрэ харата ыйыппыта буолбута. Халтаһалара ыарааннар, хараҕа сабыллан ылбыта. Ийэтэ уолун дьолломмут сирэйин хомотумаары:

      – Тоойуом, Лэкиэс, сытан нухарыйа түһэн ыл, түүнү быһа утуйбакка, ити оскуола оҕотун Сэгэйиги кытары олус чугасаһыаҥ суоҕа этэ, – диэбитэ. Лэкиэс онно өй ылбыттыы, сирэйэ күлүгүрэн ылбыта:

      – Ийээ, мин тоойуом буолан бүппүтүм ээ, уон аҕыс сааспын туолбут улахан киһибин, Сэгэйик да эһиил сааһын ситэр, оччоҕуна бииргэ буолуохпут дии, – остуолтан туран оронугар тиийэн

Скачать книгу