Өлбөт үөстэниэҕиҥ. Иннокентий Колосов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Өлбөт үөстэниэҕиҥ - Иннокентий Колосов страница 2

Жанр:
Серия:
Издательство:
Өлбөт үөстэниэҕиҥ - Иннокентий Колосов

Скачать книгу

тиийэр. Итинтэн атын суол – суох! Онон, саатар, бүгүҥҥү күнү үчүгэйдик өйдүү-саныы сылдьар гына атаарыахха, доҕоччуок, – диэтэ. Кэргэнин кууһан, сыллаан ылла.48

      Этэргэ дылы, күнү сүрдээх үчүгэйдик атаардылар. Киэһээҥҥи аһылыктарын аһаан баран утуйдулар. Сарсыарда эрдэ, халлаан сырдаан эрдэҕинэ турдулар. Куонаан атын тутан, айаҥҥа бэлэмнээтэ. Киирэн, кэргэнинээн саҥата-иҥэтэ суох, кэри-куру олорон, чэйдээтилэр. Онтон туран таҥынна. Утуйа сытар оҕолорун биир-биир сыллаталаан ылла. Кэргэнин кууһан туран:

      – Чэ, доҕоччуок! Оҕолорум барахсаттар! Этэҥҥэ буолуҥ! Мин ханна да буолларбын эһигини саныам! Үрдүк Айыылартан эһиги этэҥҥэ сылдьаргыт, олороргут туһугар көрдөһө-ааттаһа сылдьыам! – диэтэ.

      Дьиэтин ис бараанын эргиччи көрөн баран, эргиллэн, таһырдьа таҕыста. Дьахтар ытаан санна дьигиҥнии олордо.

      Ахсым ат туйаҕын тыаһа тус арҕаа диэки барбытын истэн, таһырдьа тахсан, Куонаана тыа саҕатыгар тиийиэр диэри көрөн турда: «Кытаат! Кэннигин хайыһыма! Кэннигин хайыспатаххына – тыыннаах эргиллиэҥ!» – дии санаата.

      Куонаан тыа саҕатыгар чугаһаан иһэн, кэннин хайыһан, кэргэнигэр илиитинэн далбаатаата.

* * *

      1921 с. бүтүүтүн диэки Илин Эҥээр улуустарыгар барыларыгар Дьокуускайтан губчека боломуочунайдарын сырыылара-айаннара элбээбитэ. Нэһилиэнньэттэн аһы-үөлү, баайдартан көмүһү, көмүстэн оҥоһуктары хомуйууга чыкаалар хомсомуоллары, хомуньуустары таһынан волревкомнар уонна насревкомнар чилиэннэрин – барыларын атахтарыгар туруорбуттара. Манна кытыы-түгэх нэһилиэктэри эмиэ тумнубатахтара. 1921 с. сэтинньи 4 күнүнээҕи дьаһалынан, нэһилиэнньэҕэ баар сааны-сэби барытын хомуйуу саҕаламмыта. Илин Хаҥалас Чыамайыкы нэһилиэгэр бу дьаһал эмиэ кэлбитэ.

      Насревком чилиэнэ Сэмэн Мэхээлэйэп, бэрэссэдээтэлэ Давид Федоровтыын бу дьаһалы толорорго күһэллибиттэрэ. Сэмэн, харыһыйдар да, булка сөбүлээн илдьэ сылдьар бэрдээнин туттарбыта: «Насревком чилиэнэ буолан баран туттарар буоллаҕым, хайа сирэйбинэн нэһилиэгим дьонун «Сааҕытын туттарыҥ диэхпиний?» – дии санаабыта. Бэрдээнин кытта доруобунньугунан ытар сааны туттарбыта.

      Нэһилиэк дьоно сааларын харыһыйа-харыһыйа туттарбыттара. Сорох үчүгэй саа туттарыллыбатаҕын Сэмэн билэрэ да, ону булдунан эбинэр кимтэн да көрдөөбөтөҕө, сааны хомуйааччыларга кэпсээбэтэҕэ. Үчүгэй саа диэн, тыа киһитин саамай күндү мала буоллаҕа дии.

      Биирдэ Караванов Федор Иванович диэн губчека боломуочунайа кэлэн, дьону хомуйтаран, мунньах оҥорбута. Суоһурҕанан карабинын бэйэтин үрдүнэн үөһэ ыйаабыта, остуолга бэстилиэтин ууруммута. Тылбаасчыт нөҥүө уһуннук тыл эппитэ. Мустубут дьон чуумпуран олорон истибиттэрэ.

      – …Сюда с востока идут белые, а мы – красные… – диэбитин аргыһа сахалыы тылбаастаабытын биир элбэх саҥалаах киһи алҕас:

      – Оччоҕо биһиги үрүҥнэр буоллахпыт… – диэн кэбиспитигэр мустубут дьон соһуйбуттарын көрөн, Караванов аргыһын ыҕарыйан туран тылбаастыырыгар соруйбута…

Скачать книгу