Күнүү. Ирина Харайданова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Күнүү - Ирина Харайданова страница 2
– Чэ эрэ, доҕоор, хайдах буолуохтааҕый, уол оҕото – бөтөс бэрдэ?
Киэһэ аайы арыылаах лэппиэскэни мэтийэ олорон, күрүөлэрин хааччаҕа ханан алдьаммытын, ханан тоҕо көтүү баарын, Маҥааччыйа дуу, Ураанай дуу тахсыбыттарын төттөрү киллэрбиттэрин эбэтэр олус уһуннук ханнык сүөһүнү көрдөөбүттэрин ийэтигэр кэпсиир. Уутугар-хаарыгар киирэн хааллаҕына лэппиэскэтин да туһунан умна быһыытыйара. Арай биирдэ Бааса уол таһырдьаттан киирэн:
– Ийээ, тоҕо ити балаҕаннар кураанах туралларый?
– Ээ, тоойуом, урут, НЭП саҕана күннээн олорбут кэмнэртэн хаалбыт. Урут манна ыанар ынах да элбэҕэ, дьон да элбэҕэ. Билигин биһиги эрэ бу субан сүөһүнү көрөбүт. Улааттаххына барытын билиэҥ. Чэ, олоруоҥ дуо, абырҕаллаа. Күһүн оһох отторго туттуохпут, – ийэтэ түргэнник дьаһайда.
Бааса уол аны ити туһунан ыйытыа суохтааҕын сэрэйдэ. Кини аҕатын кытта оттуу барарыттан олус үөрэр. Уолчаан хаамтаҕына долгулдьуйар от хайдах эрэ, тугу эрэ этэр курдук. Оттон аҕата от охсон куһуйдаҕына, «эн, эн, оҕус. Эн, эн, хомуй» диирдии хотуура күүскэ-күүскэ сур-сур тыаһыыр. Бааса уол кырачаан хотуурун илиитигэр ыллаҕына, улахан киһилии сананар.
Бааса түүлүгэр бугул быыһыгар төкүнүйэ оонньуу сылдьан эмискэ уһукта биэрдэ, күн уотуттан хараҕа саатта. Балаҕан иһэ ып-ыраас, атырдьах ыйын ортото сайыҥҥылыы сандаарбыт. Аҕата кинини уһугуннарбакка эрэ отугар барбытыттан хомойдо.
– Аҕаҥ эйигин сынньаннын диэн хаалларда. Үчүгэйдик аһаа уонна абырҕалла хомуйаар, – ийэтэ күөрчэхтээх лэппиэскэни иннигэр уурда.
Уол «ол абырҕалы хомуйар диэн үлэ үһү дуо, окко даҕаны мэниктии, оонньуу таарыйа курдук сылдьыам этэ, күрүө тутардааҕар бэтэрээнэн ээ» диэн саныы-саныы оргууй аһыы олордо. Ол эрэн уһуннук утуйбута эмиэ да бэрт эбит. Хайдах эрэ улааппыкка, өссө эбии сэниэлэммиккэ дылы буолбут.
Аһаан бүтэн таһырдьа таҕыста, олбуору быыһынан сүр сымсатык нөҥүө түстэ, атаҕын тилэҕэ дүөдэ диэки хараара турда. Отучча миэтэрэни киһилиэ дуо, кыра дүөдэтигэр тиийэн тула өттүн көрүннэ, дьоно аах бу дүөдэҕэ ыыппат этилэр. Ол да иһин төбөтүгэр бастаан манна сүүрэн кэлэр санаа киирбитэ! Арай, көрбүтүн бэйэтэ итэҕэйбэтэ. Онно чыккымай кус оҕолорун киллэрбит эбит. Ол аата манна сайылаабыттар. Уолбут отунан-маһынан тамныа, аймаан кэбиһиэ диэн ийэтэ аах кистээн кэбиспиттэрин сэрэйдэ. Кус оҕолоро күөх дабыдал буолан көппүттэр. Бааса уол кус оҕолорун маннык бииргэ, оргууй наскылдьыһа устан, ууга кынаттарын саратан, умса тоҥхоҥноон дьикти хамсаныылары оҥороллорун саҥа көрдө. Дүөдэ кытыытынан эргийэ сылдьан маһынан тамнаан көтүтэлээн көрдө. Ийэлэрэ уолтан биэс-алта хаамыылаах сиргэ ууну таһыйа-таһыйа төттөрү-таары уста сылдьар. Бааса уол кус оҕолорун көмүскүүрүн төһө да биллэр, эр хаана уһуктан ис-иһиттэн бултуох санаата киирдэ. Өр толкуйдуу барбата, балаҕанын диэки ыстанна. Дьиэҕэ киирээт аҕатын уон алталаах саатыгар хараҕа хатанна. Өрө күүрбүтэ