Күнүү. Ирина Харайданова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Күнүү - Ирина Харайданова страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Күнүү - Ирина Харайданова

Скачать книгу

үөрүөн дуу, хомойуон дуу билиминэ илиитин Маайа диэки ууммутунан олордо.

      Киэһэ оҕонньоро Охонооһой эмээхсинин ыла кэллэ, онуоха Маайа:

      – Доҕоор, Уйулҕаана удаҕан этиитин өйдүүр ини- гин? Кини эппитэ кэллэ. Натаа огдообо хаалла. Икки оҕону иитэр кыаҕа суох, онон оҕону биэрэргэ сөбүлэнэр. Мин бу суолга эйигин таптыырым, ытыктыырым бэрт буолан үктэнэбин. Итиэннэ бу нуучча холоонноох кыыһы ииппэтэхпитинэ кини да эрэйи көрүө, хайдах улаатара, киһи-хара буолара биллибэт. Хайа, итиэннэ, эн төрдүҥ-ууһуҥ тэнийэр, кэскилиҥ кэҥиир суолун төрдө буолуо этэ.

      Охонооһой саҥата суох биир сири көрөн олордо, көхсүн этиттэ:

      – Оҥоһуубут оннук буоллаҕа. Мин дьиэҕэ хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт буоллаҕым. Үлэттэн ордон оҕо көрсөн маанылаабытым суох. Билигин да барыта эн санныгар сүктэриллэрин өйдөөн-санаан, тургутан, сылыктаан баран, бэйэҥ эрэ быһаараргар тиийэҕин.

      Маайалаах ити курдук сып-сырдык баттахтаах, мрамортан чочуллан оҥоһуллубут кэриэтэ ыраас эттээх-сииннээх Нюта диэн кыыстанан хааллылар. Кыыс муннугар тумуу да киирбэккэ, сылтан сыл улаатан истэ. Киниэхэ дьоно уонна эдьиийдэрэ икки ийэлээҕин туһунан мэлдьи кэпсииллэрэ, Нютаны тула өттүттэн маанылаан, тугунан да тутахсыппакка хаан оҕо, балыс оҥостубуттара. Онно-манна бардахтарына, дьон-сэргэ Нюта сырдык баттаҕын муодарҕаан саҥа аллайалларын эдьиийэ Зоя, төрдүс кылааска үөрэнэр кыыс, олус уйуһуйа истэрэ. Балтын Нютаны атын дэтиэн туох да иһин баҕарбата.

      Арай биирдэ Зоя балтын сиэтэн маҕаһыыҥҥа киирбитэ, дьон: «Кырааска, кырааска», – дэһэ-дэһэ атыы-тутуу бөҕө. Киниэхэ, хата, Нюта баттаҕын кырааскалыыр санаа көтөн түстэ. Кини биһигиттэн туох да уратыта суох буолуо, биир буолуохпут дии санаата да, дьиэтигэр тиийээт кырааскалаабытынан барда. Кыыһын баттаҕын таҥаһынан баайан баран, улахан үлэни бүтэрбит киһилии, билэр-билбэт ырыатын ыллыы-ыллыы өрө тэбэн үҥкүүлүү, мэниктии сырытта. Арай ким эрэ соһуйбут саҥатыттан өрө хонос гына түстэ! Кини иннигэр ийэтэ Маайа Нютаны сиэппит, кинилэр иннилэригэр-кэннилэригэр балтылара кэчигирэспиттэр. Зоя Нютаны өйдөөн көрөөт, тылыттан матта. Бу ынырыгын! Кини иннигэр хара да буолбатах күрүҥ дьүһүннээх баттахтаах кыыс күп-күөҕүнэн чоҕулуччу көрөн турар! Сирэйэ муус маҥан. Оо, сүөргүтүөн! Бу кини тугу-тугу оҥорбутуй? Оннооҕор оһох кэннинээҕи абааһы маннык буолбатаҕа буолуо… Зоя аны күн аайы кыыһын баттаҕын сууйартан ордубата. Хата, таҥас кырааската буолан абыраата.

      Аны биир сарсыарда иһит сууйа сылдьан ыскаап үөһээҥҥи долбууругар араҕас эми көрдө. Бу эми Зоя аҕата «титириир эмэ» диэн үөһэ уурарын көрбүтэ. Зоя өр толкуйдуу барбата. Эмиэ Нютабыт баттаҕа алыс сырдык дии санаата да, эми кып-кыра ууга суурайбытынан барда. Ити кэнниттэн оҕолор тула өттүттэн көмөлөөн Нюта баттаҕын кырааскалаан кэбистилэр. Ол кэнниттэн, дьэ, эмиэ ээр-сэмээр кэтэһии буолла. Дьонноро үлэлэриттэн кэлиэхтэрэ ыраах. Онон кинилэр бу сырыыга бэйэлэрэ эрэ эрдэ көрөн сыана быһыахтара. Сатамматаҕына туох буолуой, сууйуллуо. Арай хараҕар эрэ киллэримиэххэ

Скачать книгу