Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов страница 26

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов

Скачать книгу

ыйытабын.

      – Куртайаах Лааһар ыта, кини кэннэ күөрт ыт Болтуоларга эрэ баар, – Бороскуобуйа, Айдаҥ төрүт олохтооҕо киһи туох да саарбаҕа суох тута хоруйдуур.

      – Тарын сиэппит эбит дии, – сэмээр сибигинэйэбин.

      – Сиэттэ эрэ сиэппэтэ… – дьүөгэм тоһоҕо күрүө ортоку сиэрдийэтигэр тайанан, сэҥийэтин үөһээ сиэрдийэҕэ ууран туран соччо сэҥээрбэтэхтии Тартаайа диэки көрөн ылар… – Итинтиҥ былахытын да сиэттэҕинэ ыты өлөрдөҕүнэ көҥүл киһи… – Борускуо аны Тартаайа саҥабын истиэ диэн тылын түмүгүн оргууй ботугуруур, тоҕо эрэ, күлэн ылар.

      – Бүгүн мунньахтыыгыт дуу? – баарыын сарсыарда Өксөөн киирэ сылдьан «киэһэ оҕолор мунньахтыыллар үһү» диэбитэ.

      – Мунньахтаан… Тыккыр «кэритэр» оҕолоругар эппитэ. Эн, хата, кэлээриий, сээкэй сонуну истэ, билэ-көрө, сэргэхсийэ таарыйа. Киэһэ сололоох инигин?..

      – Ол мин, хомсомуола суох киһи, эһиги мунньаххытыгар сылдьарым сөп үһү дуо.

      – Ээс, хайдах сылдьыаҥ суоҕай, ыччаттар уопсай мунньахтара буоллаҕа дии. Эн толору сааһыҥ билигин хаскыный?..

      – Мин…

      – Эн…

      – Уон түөрдүм…

      – Оччоҕо эйигин, мэктиэ суруйтардаххына, өссө, хомсомуолга ылыахтарын сөп эбит дии.

      – Миигин дуо?!. – хомсомуолга туох эрэ ураты оҕолору, дьону эрэ талан, сыымайдаан ылалларын курдук саныырым. Түөстэрин уҥа өттүгэр, тэтэркэй былаах ортотугар, үрүҥ ии иһигэр кыһыл сулустаах учунучуоҕу иилиммит, бэрт сэргэх сирэйдээх-харахтаах (тоҕо эрэ бары оннук көстөллөрө) хомсомуол оҕолору туох эрэ курдук ордугургуу көрөрүм, биир дьиэ кэргэн курдук бөрөспүтүнэн сылдьар ыччаттарга ханыы буолуохпун баҕарарым, ымсыыра саныырым.

      – Эйигин… Эн хомсомуолга киирэр сааһыҥ да сөп буолбут уонна сайын от үлэтигэр улахан дьонтон хаалсыбакка тэҥҥэ үлэлээбит үһүгүн дии. Хомсомуол сэкирэтээригэр нэһилиэк оҕолорун испииһэгэ барыта баар. Ким ханна, хайдах үлэлээбитэ-хамсаабыта түөрэтэ биллэр. Удаарынньык киһини эйигин хомсомуолга ылбатахтарына кими хомсомуолга ылыахтарай, хотууй, бастыҥ киһини… – диэн Борускуобуйа элбэх саҥалаах муҥутаан биирдэ кутан-симэн кэбиһэр, үгэһинэн күлэн лаһыгыратан маҥан тииһэ кэчигириир.

      – Ким билэр… бастыҥ да буолбатарбын… – дьүөгэм саҥатыттан симиттэн ылабын.

      – «Ким билэр» буолбатах, эйигин тута ылыахтара, көрөөр да истээр, – Борускуо эрэмньилээх аҕайдык быһаара охсон кэбиһэр.

      Онно-манна ыаллар балаҕаннарын, хотоннорун тирии бүрүөһүннээх халҕаннара аһыллан-сабыллан либиргиирэ иһиллэр. Тото аһаабыт сүөһүлэр уулаары тиэтэйэ-саарайа соруктаах аҕайдык ойбонноругар хаамсан дьалкыҥнаһаллар. Маҥан Халдьаайы сүөһүлэрэ күнүскү аһылык иннинэ уулууллар. Пиэрмэ сүөһүлэрэ солбуһа уулаан бүтэн тахсыбыттарын кэннэ биирдэ кэтэх сүөһүлээхтэр сүөһүлэрин үөскэ үүрэллэр. Ойбон элбэх эрээри түөрэ бары үмүөрүспүтүнэн киирэн «хааһыланан» хааллахтарына харсыһыы бөҕөтө

Скачать книгу