Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов страница 21
Мин, Арҕаа Кыргыдай, «Социализм суола» холкуос бэрэссэдээтэлэ Борокуоппай Алампадьыыстап киһилии сиэрин сүтэрбит кэмэлдьитин, майгытын санаан аһардахпына өрүү салла саныыбын. Сир ийэ барахсан хайдах итинник сидьиҥ дьону уйарын сатаан санаабаппын…
Күһүн, бастакы кырпай хаар түһүүтэ, добдурҕа саҕана, Арҕаа Кыргыдайтан Айдаҥҥа, Өлөксүөйэп Дьэмийээн Саабыс (Саҥсайаан) диэн салҕа ыарыы буулаабыт саас ортолоох киһи кэлэн хас да хоммута…
Саҥсайаан биир күн Уйбаныап Дьэримиэйдээххэ, күнүс, кураҥхарбыт сордоох, буспут мундуну дэлби сиэн-сиэн баран, тахсан ыалларын тиэргэнин аанын үөһээ сүрдьүгэһигэр, ырбаахытын алын бүүрүгүн хайа тардан ылан моҥнон өлбүт этэ… Табысхаан эмээхсин чабычахха балык уҥуоҕун кутан, ытын ыҥыра-ыҥыра дьиэтиттэн тахсыбыта, арай, утары күрүө баҕанатыгар өйөнөн, сибилигин аһаан, эбиитин махтанан тахсыбыт Саҥсайаан сордоох бэрт дьиибэтик такыйан олорорун дьиктиргээн, чугаһаан тиийэн көрбүтэ, киһитэ хайыы-сахха ыйанан килэччи көрөн мунуйан олороро үһү…
«Социализм суола» холкуос бэрэссэдээтэлэ Алампадьыыстап – Ураанньы, Саҥсайааны, дьиҥинэн, ыкса аймаҕа. Ол эрэн быһыылаах куһаҕана муҥутаан, дэлэҕэ даҕаны, дьиэтигэр көрө сылдьыа дуо – туһата суох, бүппүт киһини. Дьэмийээн эрэйдээх бэрт эдэр сааһыттан салҕа ыарыы буулаан, бэйэбэр дылы, дьоно-сэргэтэ эрдэ өлөннөр, өйүөх-убуох, көмө-тирэх буолуох кытта төрөөбүтэ мэлигир муҥнаах, ыал устун ким тугу дук гыммытынан (ону да дук гынара дук гынан эрдэҕэ) үссэнэн, уу-хаар аһылыктанан атах-балай сылдьан оо, төһөлөөх эрэйи, сору-муҥу көрбүтэ буолуой?!. Бэйэтэ оннук эрэйи-кыһалҕаны эт эҥэринэн тэлбит, этинэн-хаанынан билбит эрэ киһи, арай, ону ситэри ситэн өйдүүр ини… Ыарыһах дьылҕаланар ыйаахтанан туох да үлэни кыайбат, өйдүүр-өйүүр чугас