Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов страница 19
– Миитэрэйдээх сирдэригэр баран кэлтэр дуо? – Улахан Баһылай ыйытар.
– Ньохо бэҕэһээ кэлэ сылдьар этэ, улахана хаалбыт үһү. Таһаҕастарын илдьиммиттэр. Миитэрэй сарсын төннөбүн диэн эрэрэ, бүгүн барда ини…
– Куобахтар күһүҥҥүлэрэ буолан кэм таманнаахтар эбит, үнүргүлэр да ас этилэр, – эбээ сүлбүт биир табысхаанын тириитин аан чанчыгар аҕалан ыйыыр.
Баһыычаан остуолга сытар табысхаан инчэҕэй тириитин убахтаан көрөр, онтон куобах силлибит уоһун сөмүйэтинэн баттыалыыр.
– Уоһа Суох Маарыйа уоһун курдук, – диир.
– Тук, бу да уолу, инньэ диэмэ, кэбис, – диэн Огдооччуйа уолун буойар, Настааччыйа диэки көрө-көрө сонньуйан ылар.
Айдаҥҥа Баһылаайаптар диэн биэс бииргэ төрөөбүттэр бааллар. Кэлин билбитим, өссө ыкса урууларым эбит этэ. Баһылаайаптар аҕалара Буйаа оҕонньор уонна мин эһэм Өлөксөй – бииргэ төрөөбүттэр. Буйаа оҕонньор биэс оҕолоох: Маарыйа, Өксүүн, Ыстапаанньыйа диэн кыргыттардаах, Сүөдэр, Ньукулай диэн уолаттардаах. Сүөдэрдээх Ньукулай иккиэн сэриигэ сылдьаллар үһү. Буйаа оҕонньор өлбүтэ быданнаабыт, ийэлэрэ өссө Буйаа иннинэ «барбыт». Аччыгый кыыс Маарыйа төрүөтэх силлибит уостаах, куобах курдук тииһэ көстөн ордьойо сылдьар, ол иһин Уоһа Суох Маарыйа диэн ааттаабыттар. Маарыйа биһиэхэ сээкэйи баллыгыраһаары өтөр-өтөр киирэр. Миигин уруургуур, балтым диир. Кыайыгас-хотугас, бүгүрү үлэһит дьахтар. Улахан эдьиийэ Өксүүн кэргэннэнэн Халбаакыга барбыт. Онон Маарыйа кыра эдьиийэ Ыстапаанньыйаны кытта иккиэйэҕин олороллор. Ыстапаанньыйа пиэрмэҕэ асчыттыыр.
– Куобах уоһа тоҕо силлибитин билэҕит дуо? – эбээ, үгэһинэн, эмиэ туох эрэ дьиктини кэпсээри оҥостор. – Бэйи, куобах уоһа силлибитэ бэйэтэ туспа кэпсэл.
Мин остуоруйа истээри:
– Кэпсээ эрэ… – дии охсобун.
Эмээхсин уһуннук күүттэрбэт, остуолун сото-сото, сээкэйи үтэн-анньан дьаһайа-дьаһайа кэпсээн барар:
– Былыыр-былыр Бурдукчай диэн ааттаах эмээхсин олорбута эбитэ үһү. Бурдукчай эмээхсин, сүүһүн көлөһүнүн уллуҥаҕар аҕаан, уллуҥаҕын көлөһүнүн сүүһүгэр аҕаан, адарҕана сири маһын-отун солоон, уоттаан, чөҥөчөҕүн, силиһин түөрэн, табыйан бүтүн орулуур отут сылы быһа сиһин көннөрбөккө тэниппит тиил торутуулаах сонуоҕар биир саас, үгэһинэн, тоорук бурдук ыспыт… – эбээ, тоҕо эрэ, тохтоон таалан ылар, болҕомто эрэ барыта киниэхэ хатанар, сорох-сорох тулуура суох өттүбүт өрө тыынан мунна сурдургуур… – Арай туран бурдуга саҥардыы ас кутан эрдэҕинэ, соһуйуон иһин, ситэ илик тооругу түүн кэлэн ким эрэ ыйытыга суох сиир, үлтү тэпсэр адьынаттаммыт…
Дьэ туран, эмээхсин ыҥырыга суох ыалдьыт кэлэн, сирэйэ-хараҕа суох бурдугун тунайдыырыттан олус диэн кыһыйбыт уонна биир түүн буолатыгар киирэн «түүҥҥү түөкүнү» кэтэһэн олорбут…
Үөл-дьүөл, борук-сорук буолуута, барыар-ириэр барыгылдьыйыыта, ыркый ойуур быыһыттан, ырааһыйа иһинэн чэрэс-чөрбөс табысхаан, абааһы аһаабыт сириттэн арахпат