Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов страница 15

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов

Скачать книгу

быйылгыга диэри саха дьоно «чыып-чаап» дэһэн олордохпут. Урукку курдук дуона суох аҥаардас хамнаска хайа эрэ сэниэ ыалга хамначчыттаан, эбэтэр билиҥҥи курдук соҕотох көлөһүн күнүнэн эрэ сылдьар киһи – киһи буолбат, кыһарҕаннаах күннэр-дьыллар ыган-тиийэн кэллилэр эрэ буруоҥ сабыллар. Баай хара тыа барахсан быйаҥа уостубат, киэҥ иһит кэһиэхтээх диэбиккэ дылы, биир булт төрүөҕэ-ууһа тахсыбакка мэлийдэҕинэ, ол оннугар атын булт ол ону солбуйан элбээбит буолар. Сэрии иннинэ табысхаан биир эмит көстөр, орохтуур эбит буоллаҕына, сэрии кэмигэр төрүөҕэ аһара тахсан бар дьону абыраата. Куобах олус элбээн, төһө да ыран, сутааран өллөр, туох эмит «ыстыырдаах» дьоҥҥо, эбии гынан айах хамсатарга бэрт ас. Оттон аҥаардас ырыган куобах этинэн киһи тук буолбат, уһаабат. Табысхаан күһүн уонна саас иссэрин саҕана уойан ылар кэмнээх, ол айылҕа бэйэтин биир туспа ураты дьиктитэ…

* * *

      Улахан Баһылай, Маҥан Халдьаайы хотонугар от ыйааччынан анаммыта хас да хонно. Ыанньыксыт аайы тус-туспа сүөһүтүн ахсаанынан көрөн сөп буолары «аһыыка атаҕа» ыйааһыныгар кэмнээн үллэрэн биэрэр. Оту бэркэ харыстаан, бэл салаа да сэтиэнэҕи мээнэ ыспакка-хорбокко, сыа-сым курдук туталлар. Баһылай от ыйыырын таһынан араас иирбэҕэ-таарбаҕа үлэтэ элбэх. Үлэ хаһан бүппүтэ баарай. Уонна үлэлии үөрэммит киһи илии туппайа суох бэрт кыра да кэмҥэ сүгүн-саҕын тулуйан, тэһийэн олорбот, тугу эмэни бадьыыстаһа, букунайа сырыттаҕына эрэ санаата астынар.

      Баһылай Быркылаах икки Кыдыбыл икки ыккардыларыгар, чаачахай курдук хойуутук үүммүт ыарҕалаах, табысхаан сөбүлээн ыырдаммыт, дугуйдаммыт сиригэр уонча сохсону оҕуста. Мундулуҥдаҕа көһүөхтэрин иннинэ ити эҥээр мэлдьи сохсолуура үһү. Өссө эрдэ, сир харатыгар сөргүппүт сохсолоро барыта буор холумтаннаахтар, онон сэлиитин маһа сайыннары ытыгыраччы анньыллан тураллар. Хаар холумтаннаах сааскы сохсо – күн уһаан, ириэрэн холумтанын хаара уулуннар эрэ сэлиитэ сууллан ыһыллан хаалар. Ол иһин сохсолорун эһэллэригэр сэлиилэрин түөрэтин хомуйан, эһиил күһүн туттуохтарыгар диэри чөкө ууран кэбиһэллэр.

      Мин урут Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ эһэбин Өлөксөйү батыһа сылдьан сохсону көрөөччүбүн да, кыра ыамай буолан бары ымпыгын-чымпыгын хантан өйбөр тутуохпунуй. Сохсо – көрдөххө судургу курдугун иһин, ис-иһигэр киирдэххэ, бэйи, уустук, эрэдээктээх оҥоһуулаах булт тэрилэ. Маҥнай «ээ, бу курдук эбит, маны баҕас киһи оҥоруон сөп буоллаҕа» дии саныыгын да, бэйэҥ сохсо охсуохтааҕар буолуох, кэмин-кээмэйин билбэккиттэн, аҥаардас иитээри да гыннаххына уустук. Барыны-бары билэ-көрө сатыыр оҕо киһи тугу бадьыыстаһан көрбөтөҕө баарай…

      Баһылай сохсолорун бэйэтэ бэрийэр, буом сирдэрин булан, хаар холумтан тэбэн биири эмит эбэн биэрэр эҥинниир. Табысхаан сохсоҕо күһүн да баттатар эрээри, саас ордук кииримтиэ. Ылааҥыга, куобах иссээри атаҕын ахчатан баран сүүрбүт суола дьэрэлийдэр эрэ, элбэрээк төлө барара элбиир. Иссиэн иннинэ айылҕатын сиэринэн табысхаан уойар, ханыылаһан булустулар эрэ, күнүстэри,

Скачать книгу