Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов страница 16

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов

Скачать книгу

ыксатыгар хатыҥ лабаатын, талаҕы бысталаан быраҕыллар. Табысхаан маҥнай талаҕы булан кэбийэр, ол сылдьан мэҥиэ отун сиир, устунан сэлии иһигэр киирэр, кылыы буолан турар элбэрээктээх оту быһа ыстыыр, сохсо эстэр…

      Мэҥиэҕэ сөлөгөйүн, сүмэһинин сүтэрбэккэ иҥэриммит хаппыт күөх от, бурдук ото, ардыгар ньыыраайы талах эмиэ барсар. Саас эрдэ, күн сырама суоһаан, хаары уулларан мэҥиэ буолан турар оту суулларан кээспэтин диэн сохсо айаҕа мэлдьи хоту диэки хайысхаланар.

      Куобах сохсо айаҕынан да киириэн сөп, кэннинэн да киириэн сөп. Ордук саас, бэйэ-бэйэлэрин батыаккалаһар кэмнэригэр, биир сохсоҕо икки табысхаан баттатара баар суол. Сохсо – бэрт булт тэрилэ: булда собооботунан, суор сиэн бадьыыстаабатынан. Тэптиргэҕэ тэйгэйбит табысхааны баламат суор кыһытыан иһин анныгар олорон, өрө ыстана-ыстана, тоҥсуйан сиэн кээһэр, оттон сохсоҕо оннук буолбатах, ардыгар төһө да атаҕа быга сыттар, аҥаардас кэккэлэччи анньыллан турар сэлииттэн да куттанан, сэрэх муҥутаан чугаһаабат…

* * *

      Мин сүрүн үлэм – күн аайы холкуос пиэрмэтигэр от тиэйиитэ, онтон ордубут кэммэр – дьиэ ис-тас иирбэҕэ-таарбаҕа түбүгэ.

      Бүгүн Настааччыйалыын биир сырыыны сылдьан баран, күн иккис аҥаарыгар оттук мас тиэннибит. Баһылайдаах кэрдэн, долгучуохтаан, мунньан бэлэмнээбит хаппыт мастарын, сөп буола-буола тиэйэн аҕалан, «оҕуска» ууран эрбээн, хайытан саһааннаан кээһэбит. Маспыт дьоҕуһуурун саҕана оҕуспутун көлүйэн эмиэ тыабытыгар тахсабыт. Хаппыт, куурбут куруҥах үөл мас курдук буолбатах, чэпчэки, онон чохчоччу тиэйэбит. Киппэ оҕустар ону киһилээбэттэр, хааман сүгүллэҥнээн иһэн суолларын кытыытыгар сэрбэйэн турар оту көрдүлэр да, ону быһа тардан сиэри, устунан суолтан туораан тахсаары ол айдаана, һаттаабатыҥ-һайдаабатыҥ буоллар «дьонуҥ» онно уһун күнү да быһа туруох курдуктар, талах кымньыыгынан куус гына охсон тиэтэтэн, кутугунатан биэрдэххинэ эрэ сатанар.

      Настаа биһикки аҕалбыт маспытын тиэргэн иһигэр киллэрэн сүөкүү сырыттахпытына, Баһылайдаах дьиэттэн тахсан көмөлөстүлэр.

      Маанчыктаах Кыраһа иччилэрэ таба туттан кэлэннэр, булчут ыттар, сотору сиргэ баралларын сэрэйэн, сүүрэн-көтөн үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ сүрдээх. Кыраһа кэм көрсүө, оттон Маанчык биир кэм хас дьиэттэн тахсыбыт, тэлгэһэҕэ киирбит киһиэхэ барытыгар, мэктиэтигэр өрө ыстана-ыстана, эккэлээ да эккэлээ, ол быыһыгар эбэм хотонуттан ынаҕын ыан истэҕинэ, ыаҕастаах үүтүн да тохторо сыһар, кырдьаҕас киһини бэйэтин да тэмтээкэйдэтэр… Кыраһалаах Маанчык мэлдьи босхо сылдьаллар. Дэриэбинэ ыттара бары да бааллыбаттар, арай, Ньохо Миитэрэйдээх ытырыык ыттара эрэ куруук быаҕа сытар…

      Бары саба түһэн маспытын сыарҕаттан сүөкүү оҕустубут. Баһылайдаах хаппыт маһы «оҕуска» уура-уура сытыы эрбиинэн эрбээн күөдэллээтилэр. Настаа лэкичэхтэри хайытан батырҕатар, мин саһааннаан мунньабын, онтум быыһыгар Настааҕа көмөлөһөн хайытыһан да ылабын…

      Сотору боруорсуйда, күнүскү тыал тохтоон иһийэн хаалла.

Скачать книгу