Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов страница 18

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов

Скачать книгу

Онон Баһыычаан кыра эрдэҕиттэн убайдара оҥорбут тупсаҕай оонньуурдарынан оонньуу үөрэммитэ, билбитэ-көрбүтэ сүрдээҕин туһалыыр. Сорох ыал оҕолоро бэл үүн, тэһиин, буоһа да диэни арааран билбэттэр.

      – Чэ, туох буолуой, ити айылаах халыан харсыһыы муос эрэ булгу барыытынан түмүктэммит буоллаҕына өссө кэм ама дии, – Кыра Баһылай, Баһыычаан таптыыр оҕуһа Ураанньы муоһа тостубутун самыы тута сатыы олорорун көрөн аһынан саҥарар. – Санаарҕаама, сарсын саҥа Ураанньыны оҥоруохпут, ити муос самыы да тутуллан хаһан оннугар үүнэн хаалыаҕай, хата, ити оҕускун идэһэ гын, – диир.

      Баһыычаан саҥа оҕус оҥоһуллар сураҕын истэн сэргэхсийэ түһэр, ол да буоллар өр кэмҥэ «миинэр миҥэ, көлүнэр көлө» гына сылдьыбыт оҕуһун аһынар быһыылаах, ис-иһиттэн өрө тыынан ылар:

      – Ээ, һуох… Ураанньыбын идэһэ гыммаппын, аҥаар да муостаах сырыттын, ки-кини өссө соҕотох да буоллар муостаах, оннооҕор Мултуукуйа биир да муоһа һуох хомуолай дии…

      – Оо, Баһыычаан сонун оҕустанар киһи буолла буолбат дуо, абыраммыт да оҕо, кини буолбут киһи баар ини… – түммүт сабын төрдүн кыптыыйынан кырыйа-кырыйа Настааччыйа саҥа оҕустаныахтаах уолга ымсыырар.

      Огдооччуйа:

      – Мин да Баһылай курдук убайдаах буолбатахпын ээ, – диир, күлэр.

      Кыра Баһылай табахтаан бүтэн, хаста көхсүн этитэн баран, долбууртан чааскы ылан оһоххо кэлэн чэй куттар.

      – Күөскүн «далбаатаан» биэр эрэ, – диэн эбээ уолун соруйар.

      Баһылай хатыҥ лаппаакынан ээр-сэмээр сэрэнэн соболору эргитэ-эргитэ:

      – Мэнээк хоргуннанар эбит дии, күөлбүт барахсан собото эбии тупсаахтаабыт ээ… – диир.

      – Мундулуҥдабыт киэниттэн туох да итэҕэһэ суох…

      Сиһин көннөрөн оронугар нанайа сытар Улахан Баһылай сыҥааҕырдан дьааһыйан ылар:

      – Эһиги өйүүн бараҕыт дуо? – диэн инититтэн ыйытар.

      – Хоҥуннахпытына сатанар, онтон ордук тутулуннахпытына сатаммат да буоллахпыт, уһаатыбыт ээ…

      – Ээ туох уһааһына кэлиэй, тииҥиҥ аҕыйах хонуктан бэттэх ситтэ дии…

      – Быйыл бэйэтэ да дьикти күһүн буолла… – диир Огдооччуйа.

      – Оннугун оннук да, бу добдургаҕа эрдэ тиийэн сээкэйи бэринэр элбэх этэ ээ.

      Кыра Баһылай күөһүн булкуйан баран ыскаапка турар «Сэрээ» чаһыны ылан собуоттаан туур-таар гыннарар.

      – Мэ тоом, – эбээ Баһыычаан иннигэр бүлүүһэҕэ табысхаанын быарын уурар. Бэлэм олорбут уол сонно тута бэрт минньигэстик сэлибир-салыбыр гыннаран кээһэр. Эмээхсин быһа тардан бэйэтин айаҕар эмиэ утаарар. Иккис табысхаан быарыгар мин эмиэ тиксэбин. Куобах быара бэрт минньигэс ас, амтана үүт-үкчү сылгы быарыныы, хата, ол оннугар буспутун кэннэ хайдах эрэ «куураайы» соҕус буолар, сиикэй эрдэҕинээҕи амтаныгар тиийбэт.

      Биэрэ сиикэй табысхаан быарын отой сөбүлээбэт: «Каан-каан…» – диэн сүмэһиннээх быары букатын сиэбэт. Оҕустар харсыһыылара бүтэн, төттөрү

Скачать книгу