Урут бобуллубут айымньылар. Валентина Семенова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Урут бобуллубут айымньылар - Валентина Семенова страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Урут бобуллубут айымньылар - Валентина Семенова

Скачать книгу

бэчимэҕитин кыайан таппаккыт? – диэн баран, манаах кэлэн, аҥаар илиитинэн тардыспыт буолла.

      «Көр, бу манаах буолан баран, сахалыы үчүгэйдик да саҥарар эбит», – дии санаан, мин улаханнык муодарҕаан, манааҕы өрө көрөн, мыҥаан турдум.

      Манаах хара лэҥкэйбит бэргэһэлээх, күлбүһэҕи уоппут курдук уһун бытыктаах, хараҕа мууһу кыбыппыт курдук күөх, мунна хонтоҕор, уоһа кыһыл эбит.

      Онтон арай чардаат диэки дьон саҥата мээлэ аймана түстэ. Мин, бэчимэбин бараҕан баран, ол диэки сүүрэн тиийдим. Муҥхалаах тойоммут Томторук оҕонньор үөлээннээхтэрин кытта сыарҕаҕа арыгылыы олорор эбит. Итирик-кутурук мээлэ элбээбит. Биир итирбит, маҕан туос этэрбэстээх хаһаак, кимиэхэ даҕаны ис буолбакка, көрүлээн эрэр эбит. Ырыата-тойуга, үөхсүүтэ мээлэ үксээбит. Били хаһаак, үҥкүүлээтэҕим буолан, ыстанан кэллэ да, биир хаарыс сонноох саха дьахтарын, илиититтэн харбаан ылан, эргичитэн аҕалан, мууска тиэрэ быраҕан кэбистэ. Ол гэннэ ыллыы-ыллыы арыгы иһэ олорор дьон диэки ыстаҥалыы турда. Ону көрөн, дьон күссүүлэрэ-үөрүүлэрэ ыраатта.

      – Ити кыайар уола сүгүннээмээри гыммыт ээ, бадаҕа, – дэстилэр Томторук уолаттара, чардаат аллара туран…

      – Дьэ, сүрдээх киһи, доҕор, ити хаһаак! – диэтэ Борокуопай.– Көр эрэ, Уйбааны эбэтэ эмээхсин булбут.

      Мин ону өйдүөн көрбүтүм, Уйбааны итирбит нуучча эмээхсинэ өрө көрөн туран саҥарар: «Тоҕойум оҕото, тоҕойум оҕото, оннук буолбат дуо?»

      Уйбаан буоллаҕына, абааһы көрбүт киһи быһыытынан, иэдэс биэрэн баран, тугу да саҥарбакка, биһи диэки аһыннарыах курдук көрөн турда. Киһибит тоҥмут, аччыктаабыт быһыылаах, – үүтүн тохпут оҕо курдук буолан хаалбыт. Мин аттыгар тиийэн: «Уйбаан, ити эбэҥ эмээхсин дуу?» – диэн күлэ-күлэ ыйыттым. Онуоха Уйбааным өһүргэннэ быһыылаах: «Күтүрү ким билэр, абааһы кыыһын курдук баҕайы булла дии!» – диэтэ, муннунан сыҥсыйан баран.

      – Дьэ, сүрдээх дьүһүннээх киһи, итирбит буола-буола! – диэтэ Борокуопай.

      Ити итинэн ааста.

      Муҥха тахсыытыгар дьон бары чардааты тула үмүөрүстүлэр. Манаахпыт чардаат уутун илиитинэн кириэстии охсон баран, бэспиирэ бытаҕайын бырахта.

      – Эбэбит түгэҕин көрдөрөө ини, – диэтэ Томторук оҕонньор, кыл хамыйаҕынан ууну буккуйа туран.

      Кырдьык, кини эппитин курдук, икки киһи арычча тардар, үчүгэй баҕайы дьүһүннээх кыһыл собо бачыгырыы түстэ.

      – Көр, балык кэллэ ээ! – дэстилэр үөрбүт дьон саҥата.

      Балыктарын мууска баһан кэбистилэр. Манаахпыт балык үс гыммыт биирдэрин быһа хомуттаран ылан, күүлгэ куттарда да, сыарҕалаах акка олорон, куоракка тэптэрэн хаалла. Кини барарын аҕай кытта, айдаан буола түстэ. Хаһаактар балык үс гыммыт биирдэрин биһиги ылыах кэриҥнээхпит диэн мөккүөрү туруордулар. Онуоха сахалар буолумматылар, балыгы баар киһи баһынан үллэстэргэ сөп диэн. Онтон этиһии, үөхсүү буолла. Ол икки ардыгар били итирик эккирээбит хаһаак, хантан эрэ ыстанан кэлэн, туох да эппиэтэ суох кутулла сытар балык

Скачать книгу