Урут бобуллубут айымньылар. Валентина Семенова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Урут бобуллубут айымньылар - Валентина Семенова страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Урут бобуллубут айымньылар - Валентина Семенова

Скачать книгу

иһигэр итии. Оһохторо дэлби буруолаабыт. Дьиэлээх тойон, баһын былаатынан хам тардынан баран, кэтэҕэриин ороҥҥо тиэрэ түһэн сытар. Биир уҥуоҕунан кыра соҕус, кирдээх ырбаахылаах кыыс оһох чанчыгар хобордооххо алаадьылыы олорор. Уон алталаах уол аан аттыгар быһаҕынан оҕо оонньуура оҥорор. Кыра баҕайы кыыс оргуйа турар сылыбаарга чох угар. Таҥара анныгар от тэлгээбиттэр. Холорукка таҥараларын иннигэр хас да саһаххай симэчини хатаан кэбиспиттэр. Сассын Кыһыҥҥы Ньукуолун кэлэр. Сассыҥҥы таҥараларын алаадьытын сиэри олороллор эбит.

      Арай соҕотохто дьиэлэрин аана аһылынна да, тымныы туманы кытта улахан баҕайы киһи бэкис гына түстэ, дьиэлээх тойон соһуйан оронугар олоро түстэ.

      – Здравствуй! – диэтэ ньуучча, иннин диэкки биирдэ атыллаан баран. Уҥуоҕа салыбырыар диэри үлүйбүт.

      – Дыраастый, – диэтэ дьиэлээх киһи, оронуттан туран иһэн, – сто надо?

      – Можно здесь ночевать? – диэтэ кытаанах куолаһынан ньуучча, ол кэннэ ыксаабыт киһи быһыытынан уот диэкки көрдө. Сэлиэһинэй алаадьытын сыта сүрэҕэр киирдэ.

      – Какой ночуй нада? – диэтэ дьиэлээх киһи, ньууччаны ыҕарыйан кэлэ-кэлэ.

      – Ночевать, я говорю тебе. В такой мороз разве можно ночевать в лесу? Пойми ты сам, толковый!

      Дьиэлээх киһи, ньуучча сирэйин-хараҕын одуулаан көрөн баран, аһынна быһыылаах. Уҥа орон диэкки ыйан баран эттэ:

      – Вот место. Сиди там…

      Инньэ диэбитигэр, ньууччата сүрдээхтик үөрдэ. Түргэн баҕайытык таҥаһын сыгынньахтанан кэбистэ, сүгэтин орон анныгар укта. Ол кэннэ көһүйэн хаалбыт тарбаҕын бычыгырата-бычыгырата, уокка кэлэн, саба түстэ. Бытыгын мууһун ыраастаммытын кэннэ көрбүттэрэ: эдэр баҕайы, кыһыл бытыктаах, хонтоҕор муруннаах, күөх харахтаах ньуучча уола эбит.

      – Ча, брат, холодно на дворе, – диэтэ ньуучча, тарбаҕын уокка салла-салла.

      – Да, колодно. А ты отуда идес? Куда барда? – диэн ыйытта дьиэлээх киһи, ньууччатын сырайын-хараҕын одуулаһа-одуулаһа.

      – Я иду из села Амги. Там работал, теперь иду в город. Не знаю, доберусь ли жив.

      – Сто работай там? – диэн иккиһин ыйытта дьиэлээх киһи.

      – Строили амбар для почтовой конторы. А далеко отсюда до города?

      – Тридцать биэрстэ.

      – Ой, еще далеко, чорт возьми!

      Ити кэнниттэн балай эмэ саҥата суох олордулар.

      – Как тебя звать? – диэн ыйытта дьиэлээх тойон.

      – Как звать?! Не помню… Ну, Иван, положим. Начто тебе мое имя?..

      – Как сто нада?! Мин хоноһом имя нада ыснат. Ты дурак, сто ли?

      – Ха-ха-ха! Доҕор, не сердись, я пошутил… Так, ха-ха-ха! – диэн ньуучча айаҕын ата-ата күллэ.

      – Чо смейся нада! Моя не любит смейся… Смотри, мин толкай нада будет… – инньэ диэн баран, дьиэлээх киһи талах олох маһы сулбу тардан ылла.

      Ону көрөн баран, ньуучча куттанна:

      – Ты чего, доҕор, сердишься? Ну, я пошутил. Что из этого обидного? Не понимаю. Ты

Скачать книгу