Биһиги сахалар…. Туруулаһыы. Ульяна Алексеевна Винокурова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - Ульяна Алексеевна Винокурова страница 4

Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - Ульяна Алексеевна Винокурова

Скачать книгу

диэн олохтоох омук бас-көс дьонноруттан баһыйар былааһы хааччыйар кулуттуу хабахха тыынар санааны, хааччахтаммыт күүһү бэлэмнээһин буолар. Ол гынан баран мүччүргэннээх быыһык кэмнэргэ, күһэҥэ туллаҥныыр биэтэккэ хорсун эр санаалаах салайааччылар күүстээх туруорсууларынан бар дьоннорун быраабын, интэриэһин туруулаһар модун ис кыахтаахтар.

      Норуотун көҥүлүн, быраабын туруулаһыы символа буол- бут Тыгын Дархан килбиэннээх суола сойо илик. «Хайа да түөлбэҕэ бастыҥ саха киһитин «Дыгын оҕото киһи» диэн хайҕаан, киэн тутта этэр кыахтаныаҕыҥ», – диэн ыҥырар М.П. Алексеев-Дапсы3. 2016 сыллаахха Хаҥалас улууһугар Тыгын сылын биллэрбиттэрэ, араас тэрээһиннэр ыытыллыбыттара4. Бу улуу Дарханнарыгар туһааннаах үһүйээннэр, өйдөбүнньүктэр, сир ааттара элбэхтэр: Тыгын төрөөбүт маһа, Дархан Атаҕа, Дархан Олоҕо, Дархан Ходуһата… Хаҥалас улууһа бүтүннүү Тыгын Дархан ытык сирэ диэн ааттанар кыахтаах. Тыгын Дархан аатын санатар Куллаты, Дьэр, Табаҕа, Нөмүгү, Сайсары, Эркээни, Туймаада, Самартай, Малдьаҕар, Хачыкаат, Өктөм, Иккис Дьөппөн, Хахсыт, Тыгын Булгунньаҕа… Дыгын Боотур – Чурапчыга, Тааттаҕа – Тыгын Тойон, Тыгын Баай – Уус Алдаҥҥа, Тыгын Тойон – Мэҥэ Хаҥаласка, Аммаҕа, Намҥа уос номохторо буолан ааттаналлар. Ол да иһин саха дьоно өрүһүспүт, утаппыт курдук туруулаһан, уларыта тутуу саҕана В. Яковлев-Далан Тыгын Дархан туһунан кэс тыл кэриэһин курдук айан-суруйан хаалларбыт айымньытыгар Тыгын Дарханы илэ бэйэтин, оччотооҕу кэми киинэ гынан таһаарарга туруммута.

      Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин суверенитетын биллэрэр кэмигэр салайыныы үрдүк солотун «бэрэсидьиэн» диэн ааттаабыппыт. Ол солону табыгаһа суох диэн үтүрүйбүттэригэр, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана» диэн өссө дириҥ суолталаах ааты айан таһаарбыппыт 2012 сыллаахха бэс ыйын 8 күнүгэр Конституцияҕа киирбитэ, 2014 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр ыытыллыбыт быыбарга Егор Афанасьевич Борисов аан бастакынан, бар дьонун итэҕэлинэн, сахалыы үрдүк солону сүкпүтэ. Бу аат уһаарыллар мөккүөрүгэр Тыгын, Аҕа Баһылык, Аан Дархан, Ил Дархан, Аҕа Дархан буоллун диэн этиилэр ырытыыга, санаа атастаһыытыгар турбуттара.

      Дархан үйэлэри уҥуордаан эҥсэн кэлбит суолтата дьон-норуот ыра санаатын тилиннэрэр дьоһун аат буолан угуйан, «Тыгын Дархан» диэн ааттаах киинэ айыллар буолбутун саха дьоно ис-истэриттэн үөрэ-долгуйа ылыммыттара. Ким туох кыахтааҕынан, итиини-тымныыны, ороскуоту, кэлиини-барыыны аахсыбакка турунан, киинэ дьиҥ сахалыы олоҕу-дьаһаҕы, майгыны, үйэлэргэ иитиллэр Или төрөөбүт төрүт сиргэ олохтуур ыра санаа дьулуурун көрдөрөргө дьулуспута. Саха түмсүүлээҕин, бэйэтин дьылҕатын кэпсээнин тус бэйэтинэн туруулаһан туран кэпсииргэ туруммут бу бастакы далааһыннаах көстүүтэ буолар.

      Маннык таһымҥа сананыы даҕаны, ону ситиһии – кыра-хара омук дураһыйбат чыпчаала. Маныаха күүс, билии, сатабыл үрдүк күүрүүтүн түмүүгэ саха саарына Андрей Борисов «Чыҥыс Хаан» киинэтэ суолдьут сулус буолбута чуолкай. Кини саха өйүгэр-санаатыгар

Скачать книгу


<p>3</p>

М.П. Алексеев-Дапсы. Ийэ тылбыт өрүттэрин туһугар. Ыстатыйалар. Санаалар. Бэлиэтээһиннэр. – Дьокуускай: Дани-Алмас, 2021. – С. 9.

<p>4</p>

Хаҥыл. Хаҥалас сурунаала. – №11. – 2017.