Биһиги сахалар…. Туруулаһыы. Ульяна Алексеевна Винокурова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - Ульяна Алексеевна Винокурова страница 8

Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - Ульяна Алексеевна Винокурова

Скачать книгу

42-гэр диэри дьылҕаны билэ сатыыр. Оттон 49 сааһыгар диэри дьылҕаны ырыҥалыыр.

      5. Өй-билии. Киһи ыйааҕа Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 56 сааһыгар ыйааҕы билэн барар. Ыйдарыы баарын өйдүүр-билэр кыахтанар.

      6. Билимтэ өй. Киһи оҥоһуута Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 63 сааһыгар оҥоһууну билэр.

      7. Ийэ өй. Киһи төлкөтө Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 70-гар Айыы сааһыгар үктэнэр. Төлкөнү өйдөөн барар.

      Өй диэн билиҥҥи кэмҥэ стратегическай ресурс быһыытынан көрүллэр. Саха бас-көс сирдьитэ Софрон Данилов 1992 с. ахсынньы 12 күнүгэр саха норуотун Бастакы конгреһыгар «Саха норуота барҕарыы суолунан» диэн дакылаатыгар «биһиги норуоппут баараҕай интеллектуальнай күүһү-уоҕу мунньунан билиҥҥи кэмҥэ тиийэн кэллэ. Бу интеллектуальнай күүс – норуот саамай күндүттэн күндү баайа»11.

      Үлэ араас көрүҥнэрин аан дойду таһымынан үллэстиигэ өйүнэн сайдыыта суох нэһилиэнньэ хара, барыһа суох, доруобуйаны, айылҕаны айгыратар үлэни толорор. Ити аныгы колонизация саҥа көрүҥэ буолар, ол үөрэх таһымын аттарыыга ордук чуолкайдык көстөр. Өйдөөх омук, киһи олоххо бэйэтин суолун сатабыллаахтык тэлэр, түс-бас быһаарыылаах тыллаах, дириҥ толкуйдаах, айымньылаах, ситиһиилээх суоллаах-иистээх олорор, тас дьайыыга бэйэтин күөнүн, көҥүлүн кыаҕын, дьоһунун туран биэрбэт. Өйүнэн сыппах киһи, омук араас мөкү дьайыыларга, баттабылга кииримтиэ, өс киирбэх, үтүктээйи, уһаты-туора толкуйдаабат, иннин-кэннин ыраҥалаан көрбөккө, санаабычча алҕаска сыыһа үктэтэн, кыаҕын ылбыт омугун, киһитин тылыттан тахсыбат, бэйэтин туһун билиммэт.

      Тымныы чыпчаалынан ааттанар тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр олох олорор иһин туруулаһыыга өй санааны сайыннарыы дьарыга тыыннаах буолуу кэрэһитэ буолар. Туох барыта төрдүн тобулуу, араас көстүүлэри таба тойоннооһун олоххо тардыһыыга угуйар, күүстээх тыын биэрэр. Ол да иһин чинчийээччилэр быһаарбыттарынан, тымныы сир олохтоохторо өйдөрүн сайдыыта биллэ үрдүк, атын сылаас дойдулаахтары куоһарар. Тымныы кыһыннаах сирдэргэ олох олоруу уратыларын теорията кэрэһилииринэн, Хоту, Илин Европа уонна Илин, Хоту Азия төрүт олохтоохторо сылаас сир олохтоохторунааҕар быдан үрдүк таһымнаах (IQ) интеллектээхтэр. Ол корреляциятын 20 тыһ. төбө чөмчөкөтүн кээмэйдээн, экватортан төһөнөн ыраатар да, соччонон чөмчөкө ис сабардама улаатар диэн быһаарбыттара12. Австралия психологтарын элбэх дьоҥҥо чинчийиилэрэ көрдөрөрүнэн, самыырдаах, тымныы күн-дьыл сабыдыала киһи толкуйдуур, өйүгэр хатыыр дьоҕурун күүһүрдэр. Оттон сылааска киһи мэйиитин үлэтэ бытаарар, сыппыыр, салбаҕырар.

      Киһи өйүн үлэтин дириҥин, муҥурун быһаарар уустук, үгүс толкуй көрүҥнэргэ өй-санаа таһымыгар тахсыбаттар, онон киһи өйүн үлэтин маннык-итинник диэн быһаарара табыллыбат13. Ити бүтэйдии быһаарыы (подсознание) үлэтэ буолар.

      «Я никогда так не относился к восточным народнос- тям, как после последней поездки в Якутию. Оказывается, якуты – совершенно фантастический народ. У них суперобразное мышление. Я там встретился с первоклассным ученым В.И. Оконешниковым. Он разработал теорию строения электрона, в которой он четко показывает, что информационная емкость электрона [атома] больше, чем у всех

Скачать книгу


<p>11</p>

Саха норуота барҕарыы суолунан. Софрон Петрович Данилов 1992 с. ахсынньы 12 күнүгэр саха норуотун Бастакы конгреһыгар оҥорбут дакылаатын 20 cылыгар ананар. – Дьокуускай, 2012.– С.31.

<p>12</p>

Раштон Д.Ф. Раса, эволюция, поведение. Взгляд с позиции жизненного цикла. – М., 2011. – С. 15.

<p>13</p>

Крамаренко В.Ю., Никитин В.Е., Андреев Г.Н. Интеллект человека. – Воронеж: Изд-во Воронежского ун-та, 1990.