Биһиги сахалар…. Туруулаһыы. Ульяна Алексеевна Винокурова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - Ульяна Алексеевна Винокурова страница 9

Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - Ульяна Алексеевна Винокурова

Скачать книгу

В. Власов ону бэлиэтии көрөн маннык хоһуйбута: «Аам-даам ахсынньыга Саха өйүн сытыылыыр»16. Киһи өйүн кыаҕынан хараҕа аһыллар – аан дойдуну, олоҕу-дьаһаҕы, тус бэйэтин анаарар кыахтанар. Ол иһин калмыктар өс хоһоонноругар «Киһи тугу өйө билэрин – ону хараҕа таба көрөр» диэн бэргэн этиилээхтэр. Өйүнэн салайынар киһи атыттарга күөнүн нөрүппэт, бэйэтин дьоһунун ыһыктыбат. Маннык түмүктэрдээх чинчийиилэри саха психолога М.Д. Бугаева устудьуоннарга ыыппыта17.

      Маны таһынан, тыйыс айылҕа олохтоохторо «плененное сознание» (captive mind) диэн өй ураты туругар түспэттэр, тобуллаҕастык толкуйдуур, өйдөрүн сытыылыыр дьоҕурдаах эрэ буоллахтарына, көрбүттэрин-истибиттэрин сэргээн, сонурҕаан, ыараҥнатан, ырытан, бары өттүттэн эргитэн илдьиритэн, тэҥнээн, алтыһыннаран, элбэх информацияны холбоон, ханыылаан, өйүгэр оҥорон көрөн, дьүөрэлээн, сааһылаан, анааран, сабаҕалаан, сэрэйэн, тобулан, тус бэйэлэрэ түмүк оҥостоллор.

      Саха үөрэҕинэн, сахалыы өй үс сүрүн көрүҥэ баар: Төрүт өбүгэ өй, Ийэ өй уонна Күннээҕи өй. Төрүт өй – Үөһээлэр бэрсэр өйдөрө, филогенетическай диэххэ сөп. Ийэ өй – киһи бэйэтин өйүн кыаҕа, онтогенетическай, удьуордааһын, диэххэ сөп. Оҕо үөскүөн инниттэн сайдар, үлэҕэ, олоххо сатабыллара удьуорунан бэриллэр. Буор саха сэрэйигэс, таайыгас буолар. Ол кини Сир-ийэтин кытта быһаччы ситимэ билиини биэрэр. А.Н. Павлов-Дабыл, «Айыы Кыһата» гимназиятын уһуйааччыта, «Кут-сүр» түмсүү түсчүтэ маннык быһаарар: «Биһиэхэ, сахаларга, «барҕа» диэн өйдөбүл баар. Барҕа удьуорунан бэриллэр өй-санаа баайыыта буолар. Бу баайыынан өбүгэ өйүн-санаатын күүһэ кэлэр. Киһи айылгыта уһуктар. Удьуор утума төһөнөн бигэ да, соччонон барҕа улахан. Оччотугар уруу-аймах барҕарар. Омук барҕата эмиэ эбиллэр».18 Ол аата, ийэ өй өбүгэ илдьитин, өбүгэ тыынын тута сылдьар.

      Күннээҕи өй олох сатабылларыгар көстөр, дьону кытта бодоруһуу, бэйэни көрүнүү, ииттинии, салайыныы ирдэбиллэрин толорор. Киһи өйүнэн төһө оҥорор көрөр кыаҕа кини олоххо күүстээх сатабыллаах буоларын бэлиэтиир. Сатабыл үөрэҕин дьаныардаахтык быһаарааччы, үөрэх-билии ситимигэр киллэрээччи П.П. Кондратьев өй күүһүнэн сатабылы иҥэринии маннык хаамыылаах сайдар диэн быһаарар: баҕарабын – булабын – өйдүүбүн – туттабын – туһанабын – айабын19. Кини «дэгиттэр сатабыллар» диэн дьайыыны көрдөрөр, сирдиир тылларынан бэриллэллэрин быһаарбытын өркөн өйү сайыннарарга төһүү билии быһыытынан сыаналыыбыт. П.П. Кондратьев бэйэтин теоретическай көрүүтүгэр олоҕуран маннык быһаарыылары биэрэр:

      Тобулуу. Долоҕойго түһэрии. Өйдөөбүтү дириҥник ылынан, өйгө-санааҕа ырытан эккэ-хааҥҥа иҥэрии, туох эмэ суолтатын чуолкайдаан чопчу быһаарыы, өйдөбүлүн ис дьиҥин ылыныы, ону өйгө хатааһын, кыаллыбат курдугу быһаарыы, чинчийии.

      Өйдөнүү-санааланыы. Киһи ис күүһэ – мэйии күүһэ. Киһи ситимнээхтик, иннин-кэннин санаан, тургутунан толкуйдуур дьоҕура. Тэҥнээн көрөн табатык быһаарыныы. Өйү-санааны сааһылааһын,

Скачать книгу


<p>16</p>

Власов В. Киһибин.– Дьокуускай: Бичик, 2006. – С. 526.

<p>17</p>

Бугаева М.Д. Интеллект как фактор подверженности психологическому воздействию. Автореф. Дисс. К.пс.н. – М., 2005.

<p>18</p>

Аргунова Л.С. Өй-санаа өһүөтэ.– Дьокуускай: Сандам, 2017. – С. 20.

<p>19</p>

Кондратьев П.П. Сатабылланыы. – Дьокуускай, 2017. – С. 12.