Биһиги сахалар…. Туруулаһыы. Ульяна Алексеевна Винокурова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - Ульяна Алексеевна Винокурова страница 12
«Хайаан да эргиллиэм!» диэн өйгө-санааҕа чулуу ыччаттарбытын иитэр-такайар соругу үүнэр көлүөнэ күөгэйэр күннээх суолун сыдьаана буоларын ситиһии саҥа соруга турда. Саха дьылҕатын баттабыллаах ыраахтааҕылаах былаастан быыһыырга туруммут, сис ыаллар ыччаттара дойдуларыттан тэскилииллэригэр «хайаан да эргиллиэм!» диэн санаалаах былаҕайга былдьаппыттара.
История эргимтэтэ оннук кэмнэри саҥалыы эрийэн аҕалла. Урукку өттүгэр кыараҕас ыырдаах, түҥкэтэх, «төрүөҕүттэн төннөрү төлкөлүүр» төрөппүттэр үүммүт үйэҕэ биһирэммэттэр. Өйүнэн туруулаһар үйэ сахалыы көҥүл тыыннаах, дойдумсах, бэрт мэйиилээхтэри кытта тэҥҥэ аахсар, өссө баһыйар, чөл туруктаах, ыраас ньуурдаах, өркөн сахалыы өйдөөх көлүөнэ дьылҕабыт аанын модьоҕотун атыллаары турар. Биһиги кинилэри «ЭРГИЛЛИҤ!» диэн ыҥырабыт!
ҮҺҮС ОҤКУЛ
КИЭҤ КӨҔҮСТЭНИИ, УҺУН САНААЛАНЫЫ
Сырдык санаанан салайтаран киэҥ кѳҕүстэниҥ,
кэскиллээх санаа тула түмсүҥ!
Киһи – айылҕа оҕото. Ол иһин Айыы киһитэбин диэн саха бэйэтин ааттанар. Айыы тыына иҥмит буолан саха уйан, аһыныгас киһилии майгылаах, уһун санаалаах, киэҥ көҕүстээх. «Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс» диэн өс хоһоонноох. Оннук майгы ханна да сүппэтэҕин, туруулаһар быһыы-майгы тирээтэҕинэ, ууга-уокка да түһэртэн саллыбат саха ньургун дьоно бааллар.
2021 сыл сайыныгар тыа уотун кутаатын ортотугар өтөрүнэн күөн көрcүбэтэх тургутууга киирбиппит. Уот кутаа байҕал, Уот Уһутаакы диэн тургутуу чыпчаала. Ону сэргэ хамсык ыарыыта бүрүүкээн, дьону, салалтаны кыһалҕанан кыһайан, ыарахан ыарыынан-сүтүгүнэн охсон, уотунан кымньыылаата. Онтон дьон өйө, уйулҕата огдолуйбата, сыыһаны-халтыны аахсыбакка, сирин-дойдутун, дьонун-сэргэтин быыһыырга турунна. Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат. Киһи да, норуот да бэйэтин дьылҕатыгар хаста да өлө-өлө тиллэр, быста-быста салҕанар. Мөлтөөн-ахсаан бүдүрүйбэккэ, өрөйөн-чөрөйөн, сүһүөҕү-тирэҕи булан, чиҥ ис кыаҕын күүһүрдүү быһаарыылаах күнэ-дьыла инникитин да кэлиэ турдаҕа.
Саха итэҕэлинэн, өлөн-охтон биэрбэт күүһэ сүрэх туһаайыытынан баар от күөх өҥнөөх СҮР уота буолар. Бу уот уйулҕа хамсаатаҕына, санаарҕаатахха, куттаннахха, ытаатахха, бэйэни сэнэннэххэ, кыыһырдахха мөлтүүр. Сүр уотун кыыма, күүһэ киэҥ көҕүстэннэххэ, бэйэни ыһыктыбатахха, Айыы көмүскэлин, арҕаскыттан тэһииҥҥин тутар. Олоҕу таптыыр санаа күүһүнэн салгыны хамсатан сүр уота күөдьүйэр. Махтаныҥ Үрүҥ күҥҥэ, Үрдүкү күүстэргэ, Сир дойду, тыынар салгыммыт иччилэригэр, өбүгэлэргитигэр бу үтүө Саха сиригэр, Саха киһитэ буолан кэлбиккитигэр. Махтаныҥ төрөппүттэргитигэр, чугас дьоҥҥутугар. Оччотугар эһигини көрө-истэ сылдьар өбүгэлэргит, туох баар көмөлөһөр күүстэргит чугас сылдьыахтара.