Биһиги сахалар…. Туруулаһыы. Ульяна Алексеевна Винокурова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - Ульяна Алексеевна Винокурова страница 14
Маннык суолу утарсыбыт оччотооҕу устудьуоннар Георгий Ефимов Дьааҥыттан, Георгий Колесов Орто Халыматтан ааттарын аат эрэ харата ааттыыр, баһааҕырдар сурук-бичик хаалбыт. Сөҕөрүм диэн, өрөбөлүүссүйэни, партия историятын туоһулуур чинчийиилэргэ Томскайга үөрэммит устудьуоннар биографияларын ханарытыы сылтан сыл көһө сылдьарын. Дьиҥ кырдьыгы көрдүүр туох да уустуга суох. Томскай университет архыыбыгар Г.С. Ефимов дьыалата бэрт чугас уурулла сытар. Мин илэ тиийэн, көрдөһөн, биир-биэс харчыта суох булларан, диискэҕэ түһэрэн ылбытым. Онно көрдөххө, устудьуон Георгий Ефимов ханна, хайдах үөрэммитэ чуолкай докумуоннарга тиһиллэ сылдьаллар. Маннык баарын билэ-билэ, тоҕо хас да уон сыл сыыһа информацияны тарҕаталларын сэрэйиэххэ эрэ сөп. История эргиирэ хаһан эмэ чулуу интэлигиэннэрбит ааттарын ырааһырдар, биллэрэр уратылаах. Онуоха дьаныһан хасыһар дьоҥҥо арыллан кэлэр дьикти түгэннэр үөскүүллэр. Ираида Клиорина27, Леонид Юзефович28 курдук «кырдьык туһун көмүскээ, арый, ситис, чулуулар ааттарын тилиннэр» диэн этитиилээх чинчийээччилэр туруулаһыыларын, үрдүк дьулуурдарын арыйаллар.
Кинилэр уһун тыыннара өлбөт үйэлээх, кэнэҕэһин кэнэҕэс Эйэлээх Олох орто сүнньүн тутуһарга оҥкул охсубут, ыраларын иҥэриммит уһун тыыннаах сайдыы суола буолан аналлаахтар.
Уһун санаалаах буолуу эйэлэһиини, өйдөһүүнү эрэйэр. Бары бэйэбит дьоммут этилэр. Киһилии майгыларынан, туох туһугар туруммуттарын, тугу көмүскэспиттэрин, норуокка туох үтүөлээхтэрин эргитэн өйдүүргэ дьулуһуу күүһүрдэ. Ол курдук Никольскайга, Аммаҕа тупсуу тэрээһиннэрэ буолан аастылар, Хомус музейыгар «Тупсуу дьүһүлгэнэ» диэн кыраайы үөрэтээччи Станислав Афанасьев үрүҥ – кыһыл өттүгэр будулҕаннарга киирсибит дьон чулууларын хаартыскаларын мунньан көрдөрүүгэ таһаарбыта. Онно ВЯОНУ норуодунай аармыйатын командующайа В.А. Коробейниковтаах бөлөҕүнэн түспүт сэдэх хаартыскалара баара.
Киһи үйэтин тухары өй-сүрэх мөккүөрүгэр сылдьар. Уһун санааланыы диэн нууччалыы «люди длинной воли» диэн Николай Лугинов айымньытыгар Л. Гумилевтыы бэркэ тылбаастаабыттара. Ол аата, «уһуну-киэҥи санаан, ыксаабычча быһыыламмакка, иннин-кэннин өйдөөн холкутуй, холку өйгүн ыһыктыма» (Саха быһаарыылаах улахан тылдьыта. – Т.VIII. – C. 213). Уһун санааламмыт киһи өйө баайыллыбат, санаата көнөр, кыһалҕаны хайаан да кыайарга, санаабытын ситиһэргэ турунар, киирсэр хорсун-хоодуот, тулуурдаах туруктанар. Уһун санааланыы иитиллэр ньэгиэрэ – күүс-көмө буолар дьон. Ол өс хоһооҥҥо этиллэр: «Умса түстэххинэ – сүүскүттэн өйүөм, тиэрэ түстэххинэ – кэтэххиттэн өйүөм», – диэн. Уһун санаалаах киһи тиэтэйбэт, уолуйбат, бэйэтигэр эрэлин ыһыктыбат, быһымах быһыы туох содуллаах буолуоҕун анаарар. Таҥара
27
Клиорина И. История без флера. – Якутск : Бичик, 1999.
28
Леонид Юзефович. Зимняя дорога. Генерал А.Н. Пепеляев и анархист И.Я. Строд в Якутии. 1922—1923 годы. – М. : Изд-во АСТ, 2017.